28.04.2023 | 12:00

«Ойуур» кэнниттэн санаалар

Быйыл суруйааччы, драматург Александр Островскай төрөөбүтэ 200 сылын бүтүн дойду үрдүнэн бэлиэтээтибит. Сыл-хонук устар, кэм-кэрдии уларыйар, оттон Островскай уобарастара билигин да тыыннаахтар. Ону Саха тыйаатыра “Ойуур” испэктээгинэн туоһулаата.
«Ойуур» кэнниттэн санаалар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Улуу Островскай саҕаттан күн бүгүҥҥэ диэри олоххо дьол уонна сор, сымыйа уонна кырдьык, үрүҥ уонна хара, үтүө уонна мөкү, дьадаҥы уонна баай утары туруулара, хардарыта харсыһыылара – түгэҕэ көстүбэт, хаһан да бүтэр уһуга биллибэт улахан мөккүөр. Бу барыта сыанаҕа чаҕылхайдык, ураннык көһүннэ уонна Александр Николаевич Островскай: “Публика ходит в театр смотреть хорошее исполнение хороших пьес, а не самую пьесу: пьесу можно и прочесть”,– диэн бэргэн этиитэ оруннааҕын өссө биирдэ бигэргэттэ.

Режиссер Сергей Потапов туруоруулара мэлдьи ураты буолаллар. Кини хатыламмат буочарын билэр дьон өрүү сонуну кэтэһэбит, бу диэн эттэххэ, ардыгар олус элбэҕи эрэйэбит да быһыылаах. Оттон маастар айар үлэтин кытта саҥа билсэр дьон сороҕор өйдөөбөттөр, ыарырҕаталлар. Бу сырыыга да оннук буолла. Артыыстар мааскалаах тахсан кэлбиттэригэр бастаан утаа: “Тоҕо эмиэ үөн-көйүүр, кыыл буоллулар?” – диэн саҥа аллайбыт аҕыйаҕа суох. Тыйаатыр маастара бу албаһы сатабыллаахтык туһанан, көрөөччүлэргэ киһи аймах итэҕэһин-быһаҕаһын, омсолоох өрүттэрин, икки атахтааҕы киэргэппэт содур быһыылары ханарытан, аһаҕастык саралыы тардан, хайдах баарынан көрдөрдө. Манна нуучча сэбиэскэй литературатын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ Владимир Маяковскай “Театр – не отображающее зеркало, а увеличивающее стекло” уонна талааннаах режиссер Константин Станиславскай “Театр есть искусство отражать” диэн бэргэн этиилэрин холобурдаан ааһар тоҕоостоох. 

Островскай бу айымньытын жанра кэмиэдьийэ диэн даҕаны, аан дойду кириитиктэрэ трагедия, драма, водевиль өрүттэрэ баалларын бэлиэтииллэрэ оруннаах курдук. Көрөөччүлэр сыанаҕа буола турар араллаантан, түрүлүөнтэн күлэ олордубут, сороҕор сонньуйан, ардыгар хараастан ыллыбыт. Аҥаардас Улита унньулуйан тахсыыта, Буланов эриллэҥнээн киириитэ саала иһигэр мустубут дьону тото күллэрдэ. Оттон барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут Аксюша барахсан кэп туонуута барыбытын долгутта.

“Ойуур” кэнниттэн төбөбөр саха тылыгар аата-ахсаана биллибэт элбэх сомоҕо домохторо кутулуннулар. Харахпар сирэй көрбөхтөр, сэттэ сирэйдэр элэҥнээн аастылар. Чахчы даҕаны, күннээҕи олохпутугар бу айымньы дьоруойдара: антах-бэттэх сирэй буолааччы Милоновтар, хотун аайы хоҥкуйар, тойон аайы тоҥхоҥнуур Карптар оччоттон баччааҥҥа диэри элбэхтэр эбээт.  Эбэтэр атын дьоҥҥо ааспыты аһатар аһыныгас, амарах сүрэхтээх, үтүө санаалаах курдук көстөр, оттон дьиҥ олохторугар суостаах, ымсыы-обот, муус сүрэхтээх Гурмыжскаялар ханна барыахтарай? Харчы туһугар туохтарын да кэрэйбэт, оннооҕор оҕолорун олохторун огдолутартан толлубат буор сирэй Восмибратовтар, ама, аттыбытыгар суохтар үһү? Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар, сип гыммыты ситиигэ, сап гыммыты сапка тиһэр Улиталар ханна сүтүөхтэрэй?   Ол оннугар чиэстэрин, ыраас суобастарын ханнык да харчыга атыылаабакка, харахтарын харатын курдук харыстыыр Сордоохоптор, хомойуох иһин, урут да, билигин да бэрт аҕыйахтар. Сиэр-майгы сатараабыт кэмигэр Аксюша, Сордоохоп курдук дьон олохторугар ыарахаттары көрсөллөрө баар.

Испэктээккэ урукку да, аныгы да олох “ыарыылаах” чахчылара арыллаллар. Ол Сордоохоп уонна Дьоллоохоп кэпсэтиилэригэр элбэхтик иһиллэр: “Дьиҥнээх искусствоны ким да сыаналаабат”, “Барыта ньылаҥнаһыы, эмэһэ салааһын, албын-көлдьүн”, “Дьиҥнээх ис турук мэлигир”. Режиссер дьоруойдар диалогтарын нөҥүө айымньы сүрүн санаатын көрөөччүгэ искусство хомоҕой тылынан тиэрдэргэ дьулуспута хайҕаллаах. Маныаха Островскайы сахалыы саҥардыбыт Кирилл Семенов тылбааһа олус табыллыбытын бэлиэтээн ааһарбыт тоҕоостоох.

«Үөдэн түгэҕэ» дуу, «ырай олоҕо дуу»?

Ойуур – туспа символ-уобарас. Баҕар, сорохтор испэктээк аатыгар балыйтаран, дьиҥнээх тыаны көрүөхпүт диэн кэлбиттэрэ буолуо. Ону баара сыанаҕа ханнык да хатыҥ чараҥ, мутукча сыттаах тыа, чэбдик салгыннаах бэс чагда ойууламмата. Ол оннугар сороххо – “үөдэн түгэҕэ” (Карп), кимиэхэ эрэ – “ырай олоҕо” (Сордоохоп) көһүннэ. Ким хайдах өйдүүрүнэн, хайдах ылынарынан. Дьиҥэр, ханнык да “чөҥөчөктөн” иҥнибэккэ (Гурмыжская уһаайбата Чөҥөчөк диэн ааттаах – Аапт.), үрэх баһыгар даҕаны сирдээҕи дьолу булуохха сөп. Эбэтэр ханнык да “ырай олоҕо” икки атахтааҕы, иннинэн сирэйдээҕи үөрдүбэт буолар түгэнэ элбэх. Хас биирдии киһи дьолу атын-атыннык өйдүүр. Ол бэйэлээҕи көрдүү сылдьан, олох очурдаах аартыгар мунан да хаалыахха сөп. Ол эрээри хас да суолтан бэйэҕэр чугаһы таларыҥ чуолкай. Баҕар, сорохтор Восмибратов курдук уһун солкуобай сырсыытыгар күннэрин-дьылларын барыахтара, оттон атыттар Сордоохоп курдук кырдьыгы көрдүүргэ дьулуһуохтара.  

Урукку кэм умнулунна дуу...

Салгыы испэктээги көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыт айар бөлөҕү ааттыахха. Үгүс көрөөччү Михаил Егоров сценографиятын, Сардана Федотова көстүүмнэрин, уот худуоһунньуга Станислав Свистунович (Санкт-Петербург) үлэтин, Байару Такшина (Горнай Алтай) муусукатын үрдүктүк сыаналаабыт буолуохтаах. Режиссер аныгылыы сонун суоллары хото туһаммыта биир өттүнэн кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри онно баһыйтаран, урукку кэм тыына соччо-бачча биллибэтэ дуу диэн атыҥырыыр санаалар кыл түгэнигэр күлүмнээн аастылар.

Испэктээги артыыстар ырыалара, үҥкүүлэрэ киэргэттэ.  Ол курдук, “Баҕа санаа” (Н. Константинов тыл., мел.), “Балыктаах киэһэтэ” (П.Габышев тыл., Г.Шахурдина мел.), “Дьол икки, сор икки” (“Ый суола” бөлөх репертуарыттан) норуот кутун туппут ырыалар көрөөччү кулгааҕын сымнаттылар. Ол быыһыгар омуктуу композиция (аатын бу диэн өйдөөбөппүн, биир сыл хит буолбута – Аапт.) сыа быыһыгар былчархай курдук киирбитэ өйдөммөтө. Аны туран баай Гурмыжская рэптээн турбута эмиэ олуона соҕус көстүү, саатар тыла-өһө иһиллибэт, дьүүлэ-дьаабыта биллибэт бабыгырааһын курдук буолла. 

Хараххыт уоттаах дуо?

Испэктээк ситиһиитэ, биллэн турар, артыыстар оонньууларыттан тутулуктаах. СӨ үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата Иннокентий Луковцевы соторутааҕыта эрэ “Айта” киинэҕэ силиэдэбэтэл Сирдитов оруолун итэҕэтиилээхтик толорбутун көрбүт буолуохтааххыт. Наара Суохтан, Омуннаах Уйбаантан чыҥха атын уобарас! “Ойуур” испэктээккэ Дьоллоохобу бэркэ табыллан оонньоото. СӨ үтүөлээх артыыһа Ирина Никифорованы үксүн драматическай оруолларга  көрө үөрэммит дьон атын өттүттэн арыйдыбыт. 

Алексей Буланов оруолун эдэр артыыс Эдуард Захаров чаҕылхайдык толордо. Эриллэҥнээн, чахчы, үөн курдук! Маныаха пластика режиссера Алина Павлова үлэтин бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Аҥаардас Айталина Лавернова (Аксюша) түү курдук чэпчэкитик үктэнэн киирэрин көрөр астык этэ. Уопсайынан, артыыстар үҥкүүлэрэ оонньуур дьоруойдарын майгыларын-сигилилэрин көрөөччүгэ тиэрдэллэригэр көмөлөстө диэххэ сөп.

Кинигэ дьоруойдара сыанаҕа тиллэн кэлэллэрэ – тыйаатыр искусствотын биир умсугутуулаах көстүүтэ. Островскай “Ойуурун” аахпыт дьон Гурмыжская 50-тан лаппа тахсыбыт саастаах дьахтар буоларын бэркэ билэбит. Сорохтор бырагыраамаҕа СӨ үтүөлээх артыыһа Ильяна Павлова аатын көрөөт, саастаах соҕус артыыһы оонньотуохтарын дии санаатахтара. Элбэх түгэҥҥэ эдэрэ билиннэ, ол эрээри баай, бардам дьахтар кубулҕат майгытын итэҕэтиилээхтик көрдөрдө.

Сордоохоп оруола Айсен Лугиновка тиксибит. Бу эдэр артыыс харахпыт далыгар көрдөрбүтүнэн улаатта. Сергей Потапов маннык уустук оруолу мээнэҕэ эрэммэтэх буолуохтаах дии санаабытым. Кырдьык эбит. Айсен Лугинов Сордоохобо хараҕа уоттаах, тыла иччилээх!

***

Сергей Потапов “Ойуур” испэктээгинэн Саха тыйаатырын репертуарын байытта, Островскай уобарастара үйэлээхтэрин итэҕэттэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...