Ойуур баһаарынайдарын ахсаана 86 киһинэн эбиллиэҕэ
Өрөспүүбүлүкэ Айылҕа харыстабылыгар миниистирин солбуйааччы Евгений Перфильев иһитиннэрбитинэн, баһаар сезонугар бэлэмнэнии тэтимнээхтик бара турар.
«Якутлесресурс» тэрилтэ баһаарынайдарын ахсаана 86 киһинэн эбиллэрэ былааннанар.
«Авиалесоохрана» СБТ диэн биэдэмистибэлээх тэрилтэбит парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспатын сотрудниктара баһаар сезонугар хос бэлэмнэниини бара сылдьаллар, итиэннэ десантниктар парашютист идэтигэр үөрэнэллэр, онон быйылгы сезоҥҥа парашютистар бөлөхтөрө элбиэҕэ», — диэн Telegram-ханаалга Евгений Перфильев иһитиннэрдэ.
Итини таһынан, «Авиалесоохрана» 150 быстах кэмнээх (сезоннай) үлэһитин олохтоох көрүҥҥэ көһөрүү былааннанар, билигин саҥа сотрудниктары үлэҕэ ылыы ыытыллар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



