16.04.2024 | 09:38

Ойуур баһаарыгар буруйдааҕы тыллааһыҥҥа харчынан биһирэбил баар

Ойуур баһаарыгар буруйдааҕы тыллааһыҥҥа харчынан биһирэбил баар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета иһитиннэрэринэн, быраабы араҥаччылыыр уонна хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнарага ойуур баһаарыгар буруйдааҕы биллэрбит гражданнарга 10 тыһ. солк. кээмэйдээх харчынан биһирэбил көрүллэрин санатар. Биһирэбил СӨ Бырабыыталыстыбатын 2022 сыл сэтинньи 24 күнүнээҕи 689 №-дээх уурааҕынан олохтоммута.
Харчынан биһирэбил гражданнарга хас биирдии баһаар уонна баһаарга буруйдаах иһин төлөнөр. Маныаха төлөбүр уопсай муҥутуур кээмэйэ 50 тыһ. солк. үрдээбэт.
Харчынан биһирэбил ойуур баһаарыгар уорбаланааччы буруйа дакаастаннаҕына, ол эбэтэр суут уурааҕа эбэтэр федеральнай уорганнар быһаарыылара олоххо киирдэҕинэ төлөнөр. Маныаха СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ быраабы араҥаччылыыр уонна хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уорганнартан тустаах гражданин иһитиннэрии биллэрбитин туһунан суругунан бигэргэтиини көрдүүр уонна СӨ саппаас пуондатын ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна суох оҥорууга туһуланар бүддьүөтүн туһаҕа таһаарыы бэрээдэгинэн төлөбүрү оҥорор.
Ойуур баһаарын туһунан биллэрэр төлөпүөннэр:
Баһаарынай харабыл – 101
Быыһыыр сулууспа – 112
Биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспа (ЕДДС) –  44-45-64
СӨ Ойуур хаһаайыстыбатын регионнааҕы диспетчерскэй сулууспата: 8(4112)44-74-76, 8(4112)44-77-76.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...