Ойуунускай сэргэтэ
Ити сыл Таатта Чөркөөҕөр автономия төрүттэммитин кэннэ улахан ыһыах ыһаллар. Ытык Чөркөөххө киһи бөҕө тоҕуоруһа мустар. Саҥа былааһы айхаллаан лозуннар, былакааттар ыйаналлар, ыһыах буолар сиригэр тырыбына тутуллар. Бу ыһыахха куораттан Платон Алексеевич Ойуунускай уонна Саха АССР совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Иван Николаевич Винокуров атынан тахсаллар.
Сергей Саввин ахтарынан, Платон Алексеевич синиэллээх, хороҕор бэргэһэлээх, саппыкылаах, тураҕас аты мииммит үһү. Бу ыһыаҕы Елисей Владимиров диэн киһи салайан ыытар. Платон Алексеевич уонна Иван Николаевич чороонноох, ачаахтаах уонна ат баайар түһүлгэ сэргэлэрин туруораллар. Ыһыаҕы үөрүүлээх быһыыга исполком бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Попов аһар. Ол кэнниттэн аатырбыт олоҥхоһут Табаахырап сайыны уруйдаан тойук туойбут. Салҕыы тылы гражданскай сэрии кыттыылаахтарын аатыттан Николай Филатов, комсомольскай, партийнай ячейка аатыттан Василий Кладкин уонна Иван Николаевич Винокуров эппиттэр. Онтон Ойуунускай киэҥ ис хоһоонноох тыл эппит: «Саха төрүттээбит үтүө үгэһэ ыһыах буолар. Баай-тойот былааһа бахтыйан, норуот былааһа кэлбитин туһугар бу үөрүүлээх ыһыаҕы аһабыт”. Гражданскай сэриигэ саха норуота ситиспит кыайыытын кэпсээбит. Советскай олох, социалистическай тутул букатыннаахтык олохсуйбутун, Таатта дьоно үрүҥ бандьыыттары утары саа-саадах тутан хорсуннук сэриилэспиттэрин бэлиэтээбит. Саха норуотун инникитин туһунан элбэҕи этэр. Аан дойдуга буола турар балаһыанньаны билсиһиннэрэн, уруй-айхал тылынан түмүктүүр.
Саҥа олоҕу айхаллыыр ыһыахха саламаат, сылгы, ынах этэ, кымыс, саха аһын талбыта тардыллыбыта, илии-атах оонньуута, ат сүүрдүүтэ буолбута. Аатырбыт олоҥхоһуттар Табаахарап, Бааска Силэпсиэп – Алака Бааска, Өлөксөй Харалаампыйап – Кылачыыһап, Дьөгүөр Бытаһыытап – Ымыйаан, ырыаһыттар «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон толорбуттара. Платон Алексеевич олус болҕойон истибитэ уонна бэлиэтэммитэ: «Бу олоҥхо – саха бастыҥ олоҥхото, норуот бардар бараммат баайа. Мин маны суруйаммын норуоппар – дьоммор тиэрдиэм этэ». Олоҥхоһуттар бүппүттэрин кэннэ Бааска Сэлэпсиэптэн Ойуунускай биир эмэ сахалыы ырыаны ыллаан иһитиннэрэригэр көрдөспүтүгэр: “Эйиэхэ өйдөбүл буоллун диэн ыллыыбын»,- диэбит. Ырыа эрэйдэнэн үөскээбит, үлэһит норуотун көҥүлүн иһин охсуспут Өлөксөй уола Былатыан Сэлэпсиэп дьоллон, соргулан диэн ис хоһоонноох алгыс буолбут.
Киэһээ таҥара дьиэтин хоту истиэнэтигэр декорация туруоран, «Манчаары» пьесатын туруораллар. Ыһыах иккис күнүгэр эмиэ илии-атах ооннньуулара ыытыллар уонна Николай Неустроев “Кукаакы кулуба» драматын туруораллар. Платон Алексеевич оскуола оҕолорун көрсөр уонна “Өстөөхтөрү эстибит. Киэҥ суол арылынна. Билигин үөрэниэххэ наада!” – диэбит.
1974 сыллаахха Чөркөөх орто оскуолатын выпускниктара ол сэргэлэргэ хаартыскаҕа түһэллэр. Онтон 1989 сыллаахха Чөркөөххө саҥа оскуола тутуллан үлэҕэ киирэр. Бу оскуола тутулларыгар сэргэлэр эмэҕирэн сууллан хаалбыттарын Людмила Николаевна Григорьева, оччотооҕу Чөркөөх музейын дириэктэрэ, дьаһалынан музейга аҕалбыттар. Сэргэлэр үрдүктэрэ 178 cм, эргимтэлэрэ 52 см. Бу сүдү суолталаах сэргэлэр ол былыргы сыллар саҕахтарыгар буолбут олох уларыйыытын туоһулара.