10.07.2021 | 19:00

Ойуун куттаабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биир дойдулааҕым эдэр сылдьан дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турардаах эбит. Аатын Андрей диэҕиҥ. Кини бэйэтэ дэриэбинэҕэ төрөөбүт, оҕо сааһа онно ааспыт. Ол саҕана ойуун дьиэтэ диэн ааттаах биир быраҕыллыбыт дьиэ баар үһү. Ким да олорботоҕо ыраатан, түннүгэ-үөлэһэ суох иччитэх харааран турбут. Биирдэ Андрей маҕаһыынтан кэлэн иһэн ол дьиэ аттынан ааспыт. Тоҕотун бэйэтэ да билбэт, дьээбэлэниэх санаам киирбитэ буолуо диир. Сиртэн хаппыт буору ылан түннүк диэки бырахпыт. Куттаммата да бэрт, өссө онно сөп буолбакка иһирдьэ киирэргэ санаммыт. Дьиэ иһэ кубус-кураанах, быыл, кир-хох эбит. Онно тугу да көрбөтөх-истибэтэх, куттамматах. 
Киэһэ, өрүү буоларын курдук, бэйэтин дьиэтин  тиэргэнин иһигэр оҕолору мунньан саһыалаһан оонньуу сылдьыбыт. Эбэтэ сибиинньэлэргэ ас буһарар хочуоҥкатыгар саһаары сүүрэн тиийбит. Ааны аһа баттаан сүүрэн киирбитэ арай хара таҥастаах киһи көхсүнэн хайыһан холбуйуллубут үүтү ытыһынан баһан иһэ турар үһү. Уол диэки эргиллибитэ сирэйигэр уп-уһун баттахтара саба түһэ сылдьар, кимэ да көстүбэт эбит. Тахсан иһэн үүттээх илиитинэн уол төбөтүн имэрийэн ааспыт. Куттанан, уолчаан дьэ өйдөнөн кэлбитэ, олох да хочуоҥкаҕа киирбэккэ аан иннигэр турар, баттаҕар аһыйбыт үүт хатан эрэр эбит. Түүл диэҕи ийэтэ киэһэ төбөтө тоҕо итинник сыттааҕын ыйыппыт. Ити курдук кырдьаҕас куттаан турардааҕын, билигин даҕаны кырата сылга биирдэ ити түгэн түүлүгэр киирэрин Андрей кэпсиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...