Ойуулугу сахалыы саҥардар ыал
Урукку сылларга оҕо аймах күөх экран нөҥүө сонургуу, кэтэһэ көрөр биэриитэ нууччалыы тыллаах ойуулуктар буоллаҕа. Төһө да атын омук тылын өйдөөбөтөр, оҕо барахсан ойуулук дьоруойун сирэйэ-хараҕа, илиитэ-атаҕа хамсыырыттан хайдах майгылааҕын-сигилилээҕин таайан, сорохторуттан үөрэн мичилийэрэ, сорохторуттан куттанан да ылара баара.
... Тэлэбиисэр иннигэр чөкөллөн олорон Дисней ойуулуктарын көрөр, Микки Маус мүлчүргэннээх сырыыларын кэтиир кыысчаан бу дьоруойдар кини төрөөбүт сахатын тылынан саҥарыахтарын олуһун да баҕарара.
Биһиги бүгүн "Иллэҥсийбиччэ" балаһабытыгар дьиэ кэргэн иллэҥ кэмигэр хобби оҥостубут дьарыга дьиҥнээх үлэҕэ кубулуйан, оҕо аймах кэтэһэр ойуулуктара буолбутун туһунан кэпсиэхпит.
– Эһиги дьиэ кэргэн иллэҥ кэмҥитигэр оҕоҕутун кытта оонньуу курдук саҕалаабыт дьарыккыт оҕо аймах күүтэр бырайыагар кубулуйбута киһини эрэ үөрдэр. Билсиһииттэн саҕалаан, иллэҥсийбиччэ, бу туһунан кэпсэтиэх эрэ.
– Мария диэммин. Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтүм. Бэйэм тыл үөрэхтээхпин. Кэргэним Гаврил Менкяров. Үс оҕолоохпут. Мичийэ – улахаммыт, уонна игирэлэрбит – Эрсаан, Сандаара.
2018 сыллаахха игирэлэрбэр хат сылдьан, сайын дьиэбитигэр олорон "Свинка Пеппи" ойуулугу сахалыы саҥардар дьарыктаммыппыт. Ити Ганя идеята этэ. Онно ийэлэрин – мин, аҕаларын – аҕабыт, оҕобут Пеппины саҥардыбыппыт.
Үс-түөрт серияны оҥорон баран, социальнай ситимҥэ таһаарбыппыт. Түргэнник тарҕаммыта. Дьон сөбүлээбитэ. Ол кэнниттэн кэргэним кыыһыныын Мичийэлиин аны "Король Лев" ойуулугу тылбаастаабыттара. "Тайна коко" диэн ойуулуктан ырыатын тылбаастаан таһаарбыттара. "Үчүгэй" диэн бырайыакка кыттыбыттара. Билэр дьоммут, доҕотторбут, аймахтарбыт бары бу дьарыкпытын наһаа сэргээбиттэрэ биһигини өссө кынаттаабыта.
– Мичийэ, оччолорго букатын кыра киһи диэтэххэ, бэркэ ылыммыт эбит дии?
– Оннук, оччолорго түөрт саастааҕа. Сахалыы үчүгэйдик саҥарар, сытыы-хотуу, чобуо буолан, түргэнник ылыммыта. Кылаабынайа, үчүгэй "слухтааҕа".
Бастаан оонньуу курдук саҕалаабыттара. Аҕабыт ойуулугу бииргэ көрсө олорон, кыыһыгар бэйэтигэр тылбаастатар этэ.
"Нууччалыы итинник диэтэ дии, ол аата сахалыы туох диэн этиэн сөбүй?"– диэтэҕинэ, оҕото тутатына тылбаастыыр уонна саҥарар этэ.
– «Саха» НКИХ сахалыы саҥарар ойуулуктары көрдөрөр буолбутугар эһиги дьиэ кэргэн кылааккыт сүҥкэн эбит. Кыраларгыт кытталлар дуо, бу дьарыккытыгар?
– Дьиэ кэргэнинэн бука бары "Игирэчээс кулунчуктар" диэн "Суол" устуудьуйа оҥорон таһаарбыт икки сезоннаах мультсериалыгар кыттыбыппытыттан үөрэбит. Бу бастакы улахан бырайыакпыт этэ. Дьыалабыай, хамнастаах. Холобура, урут бэйэбит дьээбэлэнэн тылбаастаабыт буоллахпытына, бу оттомноох, дьиҥнээх үлэ этэ.
Бастакы сезонугар Мичийэ, аҕабыт уонна мин буолан саҥарбыппыт. Иккис сезонугар бэһиэн кыттыбыппыт. Игирэлэрбит бастакы сүрэхтэниилэрэ буолбута. Манна эһээлээх эбээбит эмиэ эһээ, эбээ оруолларын саҥарбыттара. Онон биһиги дьиэ кэргэн үс көлүөнэ буолан кыттыбыт бырайыакпыт. Бу Лугиновтар дьиэ кэргэн бырайыагар сүрдээх айымньылаахтык үлэлээбиппит. Ити "Игирэчээс кулунчуктар" ойуулукпут «Чохоон» ханаалга баар. Маны таһынан Мичийэбит "Три кота" ойуулукка Карамелька, "Тоокуга" Мичийэ куолаһын саҥарбыта.
– «Тооку» ойуулук ханаала баар буолтун бары да сэргии истибиппит. Бу туһунан сырдата түһүөҥ дуо, Мария?
– «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа иһинэн ойуулук устуудьуйата үлэлээбитэ иккис сыла. Икки салаалаах. Бастакы салаата биллэр мультиктары нуучча тылыттан сахалыы тылбааска үлэлиир. Дубляж диэн буолар. Билигин бастакы толору кээмэйдээх "Пингвиненок Пороро" диэн ойуулуга тахсаары сылдьар. Интонация нөҥүө дьоруой майгытын-сигилитин тиэрдии ураты дьоҕуру ирдиир. Ол иһин манна сүрүннээн идэтийбит артыыстар, ырыаһыттар кэлэллэр. Оттон иккис салаа бэйэ ойуулугун оҥорон таһаарыынан дьарыктанар. Манна аниматордар, сценаристар, эрэдээктэрдэр үлэлииллэр. Бу сайын үһүс ойуулуктарын бэлэмнээн таһаардылар. Ол курдук, бастакы "Тооку" диэн ойуулук аата оҕолорго аналлаах ханаалга иҥэриллибитэ, ол кэннэ "Айтал уонна аптаах кыыс" тахсыбыта, кэнники үлэлэрэ – "Имана".
2022 сыллаахха миигин нууччалыы ойуулуктары сахалыы тылбаастааһыҥҥа эрэдээктэр быһыытынан ыҥырбыттарыгар, үөрэ-көтө сөбүлэспитим. Онон бу эйгэҕэ үлэлээбитим иккис сылым.
– Тылбаас диэн бэйэ айарыттан ураты буоллаҕа.
– Оннук. Мин ити дубляж устуудьуйатыгар үксүн бэлэм тиэкиһи тылбаастыыбын. Дьоруой уоһа хамсыырыгар сахалыы саҥа сөп түбэһэрин ситиһиэхтээхпит. Ис хоһооно эмиэ оҕоҕо өйдөнүмтүө буолуон наада. Ити курдук, ис-иһигэр киирдэххэ, ииспэрэйэ элбэх.
– Эһиги устуудьуйаҕыт иһинэн уопсайа хас ойуулук таҕыста?
– Бүгүҥҥү күҥҥэ сэттэ ойуулугу сахалыы саҥартыбыт. Бастакы "Маша и Медведь" бырайыак мин кэлиэм иннинэ тахсыбыта. Онтон «Фиксики», «Малышарики», «Тима и Тома», «Мимимишки», «Три Кота», «Турбозавры», «Барбоскины» тылбаастаннылар.
– Истиэххэ олус үчүгэй! Итини ханна көрүөххэ сөбүй?
– Дубляжтаммыт ойуулуктарбыт Ютубка «Түннүк / Саха кидс» диэн ханаалга бааллар. Ханаалбыт номнуо 18000 тахса сурутааччылаах, оттон уопсай көрүүтүн ахсаана 18 мөлүйүөнү куоһарда. Манан көрдөххө, дьон сэргэ, оҕо аймах наадыйар. Туһалаах, кэскиллээх бырайыак диэн сыаналыыбыт. Бу ойуулуктары көрөн сахалыы саҥарар оҕо элбээн иһэрин төрөппүттэртэн истэр олус үөрүүлээх.
– Мария, оттон бэйэҕит оҕолоргут ити ойуулуктары көрөллөр дуо?
– Мичийэ билигин уон саастаах, «Айыы кыһата» оскуола үһүс кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрдэ. Ойуулукка саҥарарыттан үөрэр, астынар. Оҕолорбут үһүөн даҕаны бэйэлэрин куоластарын иһиттэхтэринэ үөрэллэр аҕай. Чуолаан кыргыттар. Эрсааммыт "Игирэчээс кулунчуктарга" кыттарыгар сорох дорҕооннору сатаан саҥарбат этэ. Ону аҕата дэлби эрчийэн, билигин кимнээҕэр чуолкайдык саҥарар буолбут.
– Төрөөбүт тылынан ойуулуктар оҕо сайдыытыгар көмө эрэ буолаллара чахчы. Оҕолоргут атын туох дьарыктаахтарый?
– Кыргыттарбыт уруһуйдуулларын сөбүлүүллэр, улааттахтарына худуоһунньук, дизайнер буолуохтарын баҕараллар. Эрсаан уол оҕо сиэринэн тиэхиньикэни сэргиир. Кыра эрдэҕиттэн тыаһы-ууһу үчүгэй баҕайытык үтүктэр, гитараны, барабаны сэҥээрэр. Итини таһынан брейк үҥкүүнэн үлүһүйэн дьарыктанар.
Онон, чахчы, ойуулуктары сахалыы саҥардыбыппыт оҕолорбут сайдалларыгар көмөлөспүтэ саарбаҕа суох. Уонна оттон ойуулук баар буолан, сахаларын тылын тутан улаатан эрдэхтэрэ.
– Ийэ тылга интэриэһи үөскэппит ойуулуктарга, ол иһигэр Менкяровтар дьиэ кэргэҥҥэ атын даҕаны төрөппүттэр махталлара элбии турдун!
Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан