Ойуу тылын оһуорун суолунан
Ойуу тылын суолун омоонун норуот уус-уран оҥоһуктарынан эрэ буолбакка, күннээҕи туттар тэриллэринэн, аһыыр иһиттэринэн, таҥныбыт таҥастарынан, тэлгэһэҕэ турар сэргэлэринэн сирдэтэбит. Онно көрдөххө-иһиттэххэ, биир да ойуута-бичигэ суох килэгир ньуурдаах туох да суох. Барыта туох эмит суолталаах, ыйар-кэрдэр аналлаах, алгыс аартыктаах оһуордаах-бичиктээх. Ол да иһин саха киһитэ ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа былыр былыргаттан чугас, бу ускуустубанан ситимнээн кэпсиир-ипсиир, сэһэргиир. Бу этиллибит тыллар дьиҥ-чахчы туоһута Чурапчы улууһун Хадаарын киэн туттар тумус киһилэрэ, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, туруу үлэһит, аҕыс оҕо күн күбэй ийэтэ, СӨ “Норуотун маастара” бэлиэ хаһаайката Матрена Прокопьевна Давыдова буоларын өссө төгүл тутан-хабан, көрөн-истэн кэллибит.
“Үтүө ыал үөлэһэ куруутун кыымнаах” диэн өс хоһооно мээнэҕэ буолбатаҕын бу ытык киһи оҕолоро, сыдьааннара тус олохторунан, талааннарынан-дьоҕурдарынан, ийэлэрин үтүө аатын үйэтитиинэн дакаастыы сылдьалларын билэр этибит гынан баран, субу тутан олорон сэһэргэһэн-кэпсэтэн өссө эбии дуоһуйдубут, киэн тутуннубут, холобур оҥоһуннубут.
Ол курдук, төрдүс төгүлүн ыытыллыбыт “Кэрэни кэрэхсээ” диэн наивнай ускуустуба – уруһуй куонкуруһугар Хадаар нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан көҥүл худуоһунньуктар муһуннулар.
Матрена Прокопьевна ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа тус бэйэтин ааттатар ураты суолугар оһуор ойуу ыллыгынан киирбит. Ол курдук, бастаан уруһуйдаан көбүөрдэри оҥортолообут – орнаменнары, сибэккилэри дьүөрэлээн (остуол ыскаатарын кэтэх өттүгэр), сыыйа таптыыр айылҕатын көстүүлэригэр, араас түгэннэргэ көспүт – сайылык олоҕо, тыа кыыллара, тыа ыалын олоҕо.
Оччолорго анал уруһуйдуур тэрил – киистэ, холуста уо.д.а. суоҕунан, бастаан утаа ... кырааскатын тарбаҕынан уурар эбит! Аны кырааската... муоста эҥин кырааската буолан, ол өҥнөр араастара биэс тарбах иһигэр батар буоллаҕа дии... Талааннаах Матрена Прокопьевна ол аҕыйах өҥү дьүөрэлээн, булкуйан, көрбүт эрэ барыта сүрэҕин ортотунан киирэн, ып-ыраас ыраас эйгэҕэ сирдиирэ.
Биллэн турар, кини үлүһүйэн туран үлэлиир-хамсыыр, айар-тутар эйгэтэ уруһуй эрэ буолбатах. Элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ буоларын быһыытынан суоҕу баар гынан, аҕыйаҕы элбэтэн, дьонун аһатан-сиэтэн, таҥыннаран, маанылаан, кимтэн да итэҕэһэ суох толору дьоллоох олоҕу олорбут. Быысапкалыырыгар атлас лиэнтэ солко сабын сыыйан туһанара кэрэҕэ-үтүөҕэ, сырдыкка, дьиктигэ күүстээх талаһыыта буоллаҕа. Айар ис туругун угуйуутунан балеринаны быысапкалаабытын күн бүгүҥҥүгэ диэри уйадыйа ахталлар.
Кини тула куруутун айыы-тутуу, саҥаны-сонуну көрдөөһүн эйгэтэ баар эбит. Матрена Прокопьевна аата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн доргуччу, дьоһуннук ааттанарыгар уһулуччу үтүөнү Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, СӨ Бэчээтин, СӨ Култууратын туйгуна Пелагея Николаевна Слепцова оҥорбута диэн хадаардар бары даҕаны дириҥник махтана, сүгүрүйэ ахталлар.
Дьэ ити курдук бу үтүөкэн киһини кылгастык билиһиннэрэн туран, кини аатынан быыстапкаҕа киирэр буоллахха, быйылгы быыстапка, тэрийэр хамыыһыйа быһаарыытынан, үрдүттэн ыытылынна. Тутан туран көрөр-истэр, сыаналыыр, ылынар туһунан кэрэ эйгэтэ буоллаҕа.
Киирбит үлэлэр бары да сүрдээх интэриэһинэй, сэһэргиир эйгэлээхтэр: Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тумус туттар дьоммут (М.Н. Сибиряков, П.П. Федорова В.С. Яковлев – Далан уо.д.а.), нэһилиэк сайдыытыгар-үүнүүтүгэр бэлиэ суоллаах-иистээх дьон мэтириэттэр эбэтэр кинилэр олохторун кэпсиир сюжетнай хартыыналар.
Ол курдук, номинацияларынан түмүк маннык: “Учуутал уонна уһуйааччы”: 1 истиэпэннээх лауреат – Владимир Ефремов (Хатас, “Өлгөм үүнүү – сүрэх үөрүүтэ”, 2 истиэпэннээх лауреат – Полина Терентьева (Дьокуускай, “Үлэ-олох ис хоһооно”), 3 истиэпэннээх лауреат – Надежда Собакина (Хадаар, “Эбээ Мааппа”); «Биллиилээх дьон мэтириэтэ»: 1 истиэпэннээх дипломант – Наталья Токумова (Дириҥ), 2 истиэпэннээх дипломант – Юлия Посельская (Сылаҥ), 3 истиэпэннээх дипломант – Ирина Филиппова (Хадаар); “Үлэ-хамнас ис хоһооно”: 1 истиэпэннээх лауреат – Ирина Филиппова (Хадаар, “Сылгыһыт”), 2 истиэпэннээх лауреат – Анна Иванова (Дириҥ, “Наставник Пестерева А.Н.”), 3 истиэпэннээх лауреат – Октябрина Лазарева (Хатас, “Отчуттар”); 1 истиэпэннээх дипломант – Николай Колесов (Хайахсыт, “Отчут”), 2 истиэпэннээх дипломант – Ольга Кимова (Хадаар, “Мөккүүдэ”), 3 истиэпэннээх дипломант – Софья Иванова (Хадаар, “Ферма үлэһитэ”).
Маны таһынан Матрена Прокопьевна оҕолоро, сиэннэрэ тус бэйэлэрин ааттарыттан илиилэрин сылааһын иҥэрбит, өйдөрүн-санааларын өркөнүнэн оҥорбут оҥоһуктарын дьоһун бэлэх гынан туттартаатылар. Николай Давыдов дьиэ кэргэнэ туруорбут харчынан бирииһин Ольга Климоваҕа анаатылар. Сиэнэ кыыс Туйаара Уваровская бэйэтин бирииһин Уус Алдан улууһугар айар-тутар Мария Колодезниковаҕа анаата, бирииһэ да ботуччу – саха национальнай таҥаһын тиктэрэргэ сертификат! Сиэн кыыс Христина Корякина бэйэтин дьиэ кэргэнин аатыттан Николай Колесовка эр киһи уонна дьахтар киэргэллэрин нобуорун туттарда. Кыыһа Зинаида Теренкова Наталья Руфоваҕа оҕуруонан оҥоһуллубут дьахтар мааны суумкатын туттарда, Зинаида өссө биир анал бирииһин Парасковья Орлова тутан үөрдэ-көттө.
Көстөрүн курдук, анал бириистэр бары талаан тарбахтар сылаастарын иҥэриммит илии үлэтэ оҥоһуктар!
Манна даҕатан эттэххэ, хас биирдии миэстэлэспит киһи эмиэ анал бириистэри тутта – иһит-хомуос, араас тэрил.
Дьэ уонна саамай сүрүн Кылаан бириис – 10 000 солкуобай уу харчы – Колодезникова Мария Петровнаҕа Уус Алдаҥҥа айаннаата. Ити курдук биир үчүгэйкээн сааскы саймаархай киэһэҕэ кэрэни кэрэхсээччилэр түмсэн-сомоҕолоһон, үөрүү-көтүү көтөлүгэр олорустубут, санаабытын атастастыбыт, элбэх баҕа санаа этилиннэ, ахтыы да баар.
Олортон биир уот харахха этиллибит, бэлиэтэммит Вера Викторовна Никонова санаата маннык: “Олох олорор тухары ханнык баҕарар кэмҥэ, миэстэтигэр оруобуна тоҕоостоох түгэҥҥэ этиллибит сэргээһин, кэрэхсээһин хайа баҕарар киһини хорсун, хоодуот санааҕа киллэрэр, хотоойу санаалыыр, кыайыыга, ситиһиигэ сирдиир. Матрена Прокопьевна оннук киһи этэ. Кини хайҕалыттан, сылаас тылыттан, сэргээһиниттэн сатаабат да киһи кыһаллан-мүһэллэн саха хаанын киллэрэн, иис-күүс эйгэтигэр киирэр. Оннук дьон Хадаарга аҕыйаҕа суохтар”. Кырдьыга да, хайҕыыр тылы хармааҥҥа хаайбакка, сэргиир тылы сиэпкэ симпэккэ, кэрэхсиир тылы кэтэҕэриин ороҥҥо анньыбакка, кэмигэр, тустаах түгэнигэр этэн, сүбэлээн-амалаан биэрдэххэ, ити курдук сайдыы салгыы баран иһиэ, көлүөнэ ситимэ сүтүө суоҕа диэн эрэл санаа күүһүрэр.
Тэрээһини өйөөбүт-өйдөөбүт, тэҥҥэ тэрийсибит нэһилиэк дьаһалтатын салайааччыта Афанасий Афанасьевич Степановка, "Тускул" Норуот айымньытын дьиэтин кэлэктиибигэр (дириэктэр Юлия Николаевна Толстоухова), Хадаардааҕы модельнай библиотека кэлэктиибигэр (сэбиэдиссэй Лена Николаевна Ноговицына) барыбыт аатыттан барҕа махталы тиэрдэбит уонна үтүө киһи аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин туһугар үлэ салгыы барыа, сайдыа-үүнүө диэн эрэлбитин этэбит.