23.08.2024 | 10:00

Ойуу-бичик, тыас-уус — бу барыта харысхал

Ойуу-бичик, тыас-уус — бу барыта харысхал
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс үөтүллүбэтэх моһоллортон, дьон тылыттан, туора харахтан харыстыыр аналлаах харысхал, ымыы оҥоһук дэлэйдэ. Бүгүн биһиги ол туһунан Александра Турантаевалыын  кэпсэттибит.

 

– Бастаан бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ, Александра.  Харысхаллары, ымыы оҥоһуктары хаһааҥҥыттан оҥороҕут? Бу дьарыккыт туохтан саҕаламмытай?
– Хас биирдии инчэҕэй эттээх киһи сиэринэн олох үрдүк үөрүүлэрин,  түһүүлээх-тахсыылаах моһоллорун туораан, 42 сааспар үктэммит, Чурапчы улууһун ытык Бахсы сириттэн төрүттээх Александра Турантаева диэн буолабын.
Аан маҥнай 2018 сыллаахха дьон көрдөһүүлэринэн ымыы оҥорон саҕалаабыппыт. Онтон аптаах, алыптаах айылҕа тааһын күүһүн билинэн, ылынан, махтанан тураммыт дьоммутугар тарҕатан барбыппыт. 
Уопсайынан, дьон ордук күннээҕи олохторугар туттар харысхалларга ордук наадыйалларын бэлиэтии көрөбүт. Онтон сиэттэрэн, киһи төрөөбүт күнүнэн, ыйынан, сылынан  ыйдаран, айылҕа таастарыттан харыга кэтэр браслет оҥоробут. Бу сэттис сылбытын дьон-сэргэ махтал үтүө тылын истэн, онтон кынаттанан, күн бүгүҥҥэ диэри этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт.


– Эһиги үлэлиир сиргитигэр киирбит киһи ураты иэйиигэ куустарар. Үгүс араас оҥоһуктары киэргэл эрэ быһыытынан буолбакка, харыстыыр аналларын билэн-көрөн, элбэххэ үөрэнэн тахсар...
– Биһиэхэ үгүс ыалдьыт сылдьан ааһар. Кинилэргэ таастар тустаах киһиэхэ хайдах туһалыылларын, туохха аналлаахтарын кэпсиибит, сүбэ-ама биэрэбит, онон күннээҕи олохторугар куруук туһаналлар. Браслет оҥоһуллар кэмигэр ыалдьыттарбытын эмтээх оттон оҥоһуллубут сылаас чэйинэн күндүлүүбүт уонна бу утах киһи доруобуйатыгар туох туһалааҕын билиһиннэрэбит. 
Саха сиригэр кэлбит туристар анаан-минээн браслет оҥорторон, чугас дьонноругар бэлэх быһыытынан сакаастаан ылар түбэлтэлэрэ үгүс. Ону сэргэ саҥа саҕалаан эрэр дьоҥҥо тирэх буолар сыалтан оҥоһуктарын тутабыт, дьоҥҥо тарҕаталларыгар көмөлөһөбүт.


– Харысхалы ымыы оҥоһук диирбит сөптөөх дуо?
– Сөп. Саха  киһитэ былыр-былыргыттан Айылҕаҕа сүгүрүйэр. Үрүҥ Айыыларга айах тутар, алгыс тылын этэр, аал уотун аһатар, харысхал оҥостор. Симэхтэр итэҕэли кытта ситимнээхтэр. Саха киһитэ аан дойдуну анааран көрөр философията таҥаһыгар-сабыгар уонна симэҕигэр, киэргэлигэр көстөр. Бастаан саҕалыырбытыгар биһиэхэ дьон үксүн хайдах харыстанабыт диэн ыйытыылаах кэлэллэрэ. Онно тирэҕирэн, өбүгэбит үгэһин ситимнээн, тугу да эппэккэ,  дьиҥ хайдах буолуохтааҕынан харысхал оҥорон  барбыппыт.  Үксүн кэрэ аҥаардарга куһаҕан тыынтан, туора харахтан харыстыыр симэхтэри таҥан оҥоробут. Симэхтэр абааһылары үргүтэр аналлаахтар, ол иһин кылыгырас тыастаах буолаллар. Онон кыралаан тимиринэн таптайан, ураты тыастаах буоллун диэн иччилиибит.


– Кыыс оҕо, уопсайынан, дьахтар аймах суһуоҕун харыстыы, хомуна сылдьыахтаах диэн өбүгэлэртэн кэлбит өйдөбүл баар. Суһуохха аналлаах симэх эмиэ харысхал биир көрүҥэ буоллаҕа дии?
– Биһиги быйыл суһуох уонна өттүк симэҕин араас көрүҥнэрин айан онордубут. Бу симэх ханнык баҕарар таҥаһы киэргэтэрин, сахалыы тыынныырын ааһан харыстыыр күүстээх. Аныгы кэрэ аҥаардар алтан, боруонса, латунь киэргэллэри олус сөбүлээн кэтэр буоллулар. Ону таһынан кылтан-сиэлтэн араас тэрили, киэргэли, харысхалы оҥорон, үйэлээх үгэспитин сөргүтэн эмиэ оҥоробут.


– Ойуу-бичик харысхалга оруолун туһунан кэпсии түһүөҥ дуо? 
– Биһиги өбүгэлэрбит ойууга-бичиккэ  кэнэҕэски ыччаттарыгар алгыс күүһүн уурбуттар эбит. Ол маннык:  кэхтибэт кэскиллээх, кэтит олохтоох кэрэ дьон буолуҥ, үүнэ-сайда туруҥ, төрөөҥ-ууһааҥ, иллээхтик-эйэлээхтик олоруҥ диэн. Ону биһиги туспутугар туһанан, иҥэринэн, утумнаан илдьэ сылдьыахтаахпыт. 
Билиҥҥи туругунан биһиги аҥаардас ымыылары буолбакка, өссө айылҕа тыаһын чинчитэн көрөн баран айылҕалаахтарга анаан куйаар тыаһын тарҕатан саҕалаатыбыт. Ол эбэтэр ойуу-бичик, тыас-уус –  бу барыта харысхал диэхпин баҕарабын.


– Инники былааҥҥыт?
– Биир баҕа санаабыт диэн өссө кэҥээн, тупсан, сайдан, Сахабыт сирин олохтоохторугар анаан хотугу ымыылары сөргүтэн, күннээҕи олохпутугар киллэрэн, өбүгэлэрбит күүстэрин, итэҕэллэрин утумнаан сайыннарыах тустаахпыт.
– Александра, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабыт уонна үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабыт.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...