Ойо-тэбэ сылдьар аҕам саастаахтар
Күрэхтэһии ааспыт үйэҕэ атах оонньуутугар Саха АССР, РСФСР спордун маастара, өрөспүүбүлүкэ күүстээх куобахчыта, РФ үөрэҕириитин туйгуна, учуутал, уһуйааччы, суруналыыс, хомоҕой хоһоонньут, уостан түспэт ырыалары бэлэхтээбит, ааҕааччылары умсугутар хас да кинигэни суруйбут спорт төлөннөөх пропагандиһа, Саха сирин спордугар чаҕылхай суолу-ииһи хаалларбыт Дмитрий Дмитриевич Эверстов-Дириинискэй кэриэһигэр ананна.
Спортсменнары өрөспүүбүлүкэ федерациятын толорооччу дириэктэрэ, сүрүн судьуйа Максим Оегостуров, XX үйэ чулуу атах оонньооччута, быһыйа, рекордсмена, дэгиттэр күүстээҕэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бочуоттаах тутааччы Иван Горохов, Чурапчы Хоптоҕотун нэһилиэгин баһылыга Алексей Бурцев, СӨ үтүөлээх тренерэ Борис Ильин, биир дойдулаахтара спорт маастардара Михаил Петров, Петр Илларионов, Д.Д. Эверстов дьиэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, оҕолоро, сиэннэрэ эҕэрдэлээтилэр.
Бэйэтин кэмин уһулуччулаах куобахчыта, олоҕун былаһын тухары кэрээбэт кэрэ кэпсээннэрдээх, ханна да сырыттар чуҥкуйар диэни билбэт, көрүдьүөстэнэрин сөбүлүүр Дмитрий Эверстов туһунан үтүө тылларынан ахтан-санаан аастылар.
Кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха 63 кыттааччы сэттэлии ойууга илин-кэлин түһүстэ. Күннэригэр сылдьар маастардар күрэхтэһиини сытыырҕаттылар, киэргэттилэр. Сүһүөхтэрин үрдүгэр сылдьааччылар 38-лар.
Дьахталларга Мэҥэ Хаҥаластан Анна Лыткина, Хаҥаластан Валерия Олесова, 1 №-дээх ДЮСШ-тан Алсу Ахмерова; 15-16 саастаахтарга кыргыттарга Намтан Анастасия Тимофеева, 1 №-дээх ДЮСШ-тан Анастасия Жиркова, Моника Тилабаева; уолаттарга Дьокуускайтан Валентин Васильев, Мэҥэ Хаҥаластан Михаил Шарин, Владислав Яковлев; эр дьоҥҥо Мэҥэ Хаҥаластан Игорь Скрябин, Намтан Владислав Попов, Уус Алдантан Иван Пестряков инники күөҥҥэ сырыттылар.
Тэрийээччилэр болҕомтону бэтэрээннэргэ уураннар, хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх – 25 бэтэрээн кытынна. Сүүрэ-көтө, эдэр-эмэн саастарын санатан кылыйа, ойо-тэбэ сылдьар аҕам саастаахтар сөҕүүнү-махтайыыны үөскэттилэр.
30 үөһэ саастаах бэтэрээн дьахталларга Тулагыттан Любовь Унарова, Үөһээ Бүлүүттэн Валентина Иванова, Дьокуускайтан Марина Федоренко; 35-тэн үөһэ саастаахтарга Ньурбаттан Виталий Васильев, Хаҥаластан Николай Латышев, Намтан Максим Софронов; 45-тэн үөһэ – Горнайтан Егор Захаров, Намтан Иоган Михайлов, Чурапчыттан Дмитрий Макаров; 55-тэн үөһэ –Үөһээ Бүлүүттэн Василий Санников, Чурапчыттан Илья Дыдаев, Афанасий Дорофеев; 65-тэн үөһэ – Сунтаартан Владимир Алексеев, Чурапчыттан Андрей Турантаев, Ксенофонт Оконешников туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Мас тардыһыытыгар аан дойду, Арассыыйа чөмпүйүөнэ Марина Федоренко куобахха рекорд олохтоото. Спорт бэтэрээннэрэ тустуук Федот Соловьев, боксер Марк Харлампьев “Сахаада-спорт” маастарын нуорматын толорбуттарынан түөскэ иилиллэр бэлиэни, дастабырыанньаны туттулар.