15.01.2022 | 12:30

«Отуу уота» умайда, «Дьол тааһа» чаҕылыйда

«Отуу уота» умайда, «Дьол тааһа» чаҕылыйда
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ “Үрдэл-2021” национальнай музыкальнай бириэмийэ түмүктэннэ. Барыта 48 ырыа кыттыбытыттан 24 бастыҥа финалга тахсыбыт.
Көрөөччү хараҕынан ырыа бырааһынньыга хайдах ааспытын аһаҕастык, тугу көрбүппүн-истибиппин эппэккэ-көҕүрэппэккэ суруйарга сананным. Кырааскалааһына суох, хайдах баарынан.  

Кэмсиммэтим...

Быйылгы тэрээһин сүрүн уратытынан күөх экраҥҥа быһа көрдөрүү буолла. “Саха” НКИХ олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыра хайҕаллаах. Туох да диэбит иһин, “Саха” НКИХ хамаандата эрэ буолан, маннык улахан тэрээһини кыайда.

Сорохтор: “Эрдэ билбиппит буоллар...” – дииллэрин үгүстүк иһиттим. Билбэтим, биир бэйэм кэмсиммэтим, ырыа бырааһынньыгын илэ хараххынан көрөр, эт кулгааххынан истэр ордук. Тыый, киэргэнэн-симэнэн кэлэриҥ да үчүгэй ээ!

 

Ол эрээри...

Киирэр ааҥҥа күөх экраҥҥа эрэ көрөр ыытааччыбыт, хампаанньа “сирэйэ” уонна “куолаһа” илэ бэйэтинэн кюар-код көрдүү, мааска ирдии турара олуона соҕус этэ. Сэрэйдэххэ, илиилээх-атахтаах барыта сүүрдэҕэ-көттөҕө. Атын киһи, көстүбэт фронт үлэһитэ сөбүлэспэтэх муҥа дуу...   

 

Бастакыта сүүйтэриилээх

Биэс чаастан буолбут бастакы кэнсиэр бэлэмнэнии эрэ курдук ааста диэн аһаҕастык этэбин. Ыытааччылар ханна эрэ сүтэн хаалаллар. Сорох ырыаһыттары уота-күөһэ суох биллэрдилэр. Быһата, сценарий диэн суох, сыанаҕа ким тахсыбытын көннөрү биллэриинэн эрэ муҥурданнылар. Сыыһа-халты саҥарыы да үгүс. Биир ыытааччы: “Быарынан, сүрэҕинэн сынньаныҥ”, – диэбитэ кулгаахпытын ыарыылаахтык хаарыйда.

Биллэн турар, бириэмэ ыгым, иккис кэнсиэр эмиэ баар. Барыта ыксал-тиэтэл. Ол эрээри билиэт сыаната биир, таһымнара тэҥ буолуохтаах диэтэхпинэ, сөбүлэһэр инигит? Бас билэр массыыната суохтар, оптуобуһунан сылдьааччылар, ыраах олорооччулар, эрдэтээҥҥигэ билиэт ылбыттар бэйэбит “ночооппут” буоллаҕа дуу?

Урут биир дьүөгэм: “Бастакы кэнсиэргэ сылдьыбат баҕайыта, иккиһэ хаһан баҕарар ордук”, – диэн сүбэлээбитэ. Кырдьык, саамай үчүгэйин кэнникигэ хаһааналлара баар суол. Ол эрээри үрдүнэн-аннынан сыһыан соччото суох курдук.

 

Хараҥаҕа кыҥастаһыы

Уот-күөс уонна тыас-уус туһунан эттэххэ, сыана олус хараҥа. Борук-сорукка кыҥастаһыы буолла. Хараҕа мөлтөх эбэтэр ыраах олорооччу ырыаһыт сирэйин омоонун да соччо-бачча өйдөөн-дьүүллээн көрбөтө. Уһун былаачыйалаах ырыаһыттар үрдүк хобулукка дугунан, сэрэнэн-сэрбэнэн хаамтылар эрээри, сорохтор иҥнэн охто сыстылар. Тыас-уус сороҕор дьүлэйи да дөйүтүөх айылаах тэһэ баран соһутта, сорох ырыаһыт куолаһын баһыйда.

Артыыстар  улахан экраны кыайа-хото туһаннылар. Холобур, Сардаана Трофимова “Тоҕо дьолу амсаттыҥ?” (Федот Соловьев тыл., мел.), Ильдар “Киэҥ куйаар” (ааптарыскай ырыа) килииптэрэ ырыаларын ис хоһоонун байытта.

Сиэйэ Уола былырыын “Сэбирдэх түһүөн иннинэ” ырыатынан “Бастыҥ ааптар” анал ааты ылбыта. Бу сырыыга “Отуу уота” (Леонид Попов тыллара) истиҥ ырыатынан тахсыбытыгар, саала ытыс тыаһынан уруйдуу көрүстэ. Килиибэ оҕо саас эриэккэс кэмнэрин, Саха сирин самаан сайынын санатта. Хас биирдии киһи сүрэҕэр, кырдьык, “отуу уота күөдьүйдэ, үчүгэйгэ угуйда”. Көрөөччүлэр ытыстара хабыллыар диэри таһыннылар.  

Хайа эрэ түгэҥҥэ экран мэһэйдээтэ, таба туһаныллыбата диэххэ сөп.  Холобур, Сайсары “Айар айаныгар” (Михаил Семенов тыл., Герасим Павлов мел.) уот кыһыл фон турда. Ол-бу хара сурааһыннар тохтоло суох таҕыстылар. Онон ырыа дириҥ ис хоһоонугар болҕомто ууруллубата. Аттыбар олорбут көрөөччү: “Түүҥҥү кулууп курдук”, – диэтэ.   

 

Дайбаҥнаһыы суох, «доҕолоҥнооһун» аҕыйах

Тыл уонна матыып быстыспат ситимнээхтэр. Син ол тэҥэ, үҥкүү ырыаны ситэрэн-хоторон, уобарастаан эттэххэ, «туустаан-тумалаан», тупсаран биэриэхтээх. Ырыа үксэ үҥкүүнэн киэргэтиллэр муодата кэлэ сылдьыбыта. Урут биир хаһыакка ырыа күрэҕин ырытарбар шоу эрэ оҥоро сатаан, “үлүбээй үҥкүүнэн үлүһүйүү” баарын суруйбутум. Арбайбыт баттахтаах кыргыттар бокуойа суох бастарын булкуйаллара эбэтэр, ханна эрэ ыксаабыт курдук, сыана устатын-туоратын мээрэйдииллэрэ кими да кэрэхсэппэт.

Хата, “Үрдэлгэ” мээнэ дайбаҥнаһыы суох. Аҕыйах ырыа үҥкүүнэн киэргэтилиннэ. Ол оннугар нүөмэрдэр икки ардыларыгар аныгы үҥкүүлэри киллэрбиттэр. 

Бу киэһэ ырыаһыттар эт куоластарынан ыллаатылар. Онон ким аныгы тиэхиньикэ кыаҕын “хото” туһанара, ким ол-бу “тупсарыыта” суох айылҕаттан мааныламмыта билиннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, урукку сылларга сорох толорооччулар финалга “умайан” хаалаллара. Бастакы түһүмэххэ устуудьуйаҕа айах хамсатар уонна үрдүк сыанаҕа көрөөччү иннигэр тахсар туспа. Быйыл ким да улаханнык “доҕолоҥнообото”. Арай сорох соччо-бачча кыайбата, кыратык уҥа-хаҥас “халыйан” ылла, нотатын таппата. Күрэх аата күрэх, ким күүстээҕэ көһүннэ.

 

Урукку уонна саҥа ааттар

2000 сылларга тахсыбыт “сулустарбыт”, төһө да сорохтор биирдэ эмит көстөн аасталлар, билиҥҥэ диэри харахпыт далыттан сүппэттэр.

Александр Лукин, Стас Ноев, Fill “Дьиҥнээх таптал” ырыанан сүгүрүйээччилэрин долгуттулар. Радивер “Балтыбар” диэн бэйэтин ырыатын толордо. Ийэҕэ, аҕаҕа, эбэҕэ, эһэҕэ, эдьиийгэ, оҕоҕо анаммыт ырыа элбэх. Балыска анаммыт биир истиҥ ырыа баар буолбутун биһирии иһиттибит.

Маны сэргэ, “Үрдэл” саҥа ааттары киэҥ эйгэҕэ таһаарда. Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Иван Лаврентьев “Эн” (Умсуура тыл., мел.) ырыатынан көрөөччү уонна истээччи кутун тутта. Эдэр ырыаһыт былырыын “Мuus ustar” ыччат бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт “Сулустар” күрэстэн куорсун анньыммыт. Елена Березовская скрипканан доҕуһуоллаата. Сунтаар Элгээйититтэн сылдьар эдэр толорооччу Карина Попова “Таптаа” (Дьол Сандаара тыл., мел.) күүстээх куолаһынан дьон-сэргэ сүрэҕин сүүйдэ. Сардаана Поскачина, Леонид Готовцев быйыл иккис сылын кытыннылар. “Сулуһум эн эбит” (Виктор Хон-Нохтохоон, Любовь Готовцева тыл., Николай Поскачин мел.) ырыаны толордулар.

Өссө кимнээх күрэх тыҥааһынын күүркэттилэр? Виталий Очиров “Сааскы этэҥ” (Тумус Мэхээлэ тыл., мел.), игирэ кыргыттар Кэрэчээнэ, Кэскилээнэ Туприналар “Тапталбар” (Александр Горохов тыл., мел.), Айса “Төннүүй” (Сахая Барабанова-Алексеева тыл., мел.), “Snow Voice” бөлөх “Сэрэйэн да билбэппин” (Семен Ченянов тыл., мел.) диэн ырыаларынан финалга тахсыбыттар.

 

Олохпут ырыата дьиэрэйдэ

Дириҥ ис хоһоонноох, киһини толкуйдатар ырыа элбэҕэ бириэмийэ таһымын үрдэттэ. Норуодунай поэттар, ону таһынан кэлиҥҥи кэм ааптардара хомоҕой хоһоонноро ырыа буолан дьиэрэйдилэр.   

Билиҥҥи уустук кэмҥэ санааны кынаттыыр, сүргэни көтөҕөр айымньы суолтата үрдээбитэ үөрдэр. Атамай Уйбаан Бүөтүр Тобуруокап тылларыгар уонна бэйэтин матыыбыгар “Уонна хаһан” ырыатынан үгүһү толкуйдатта. Уонна хаһан олороору? Уонна хаһан оҥороору? Кырдьык даҕаны, “бу дойдуга эргийбэккин, этиһэн да эргийбэккин”...

Юана “Олохпут ырыатынан” (Виталий Власов тыл., Мария Семенова мел.) көрөөччү биһирэбилин ылла. Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаар Элгээйитин ааттаппыт “Домисольки” ансаамбылга дьарыктаммыт түөрт ырыаһыт “Үрдэл” финалыгар киирбит: Дуолан, Анита Трофимовтар, Карина Попова уонна Юана. Уһуйааччылара Мария Семенова төһө эрэ үөрдэ?

Егор Слепцов “Дьулуһуом” ырыатынан долгутта, уйадытта. Чахчы даҕаны, күүстээх санаа, сырдыкка эрэл, баҕа санаа, таптал баар буоллаҕына, киһи тугу барытын кыайар, ситиһэр. 

Күндэл “Суорун” (Ирина Колодезникова-Ымыы тыл.) көрөөччү ылынна. Петр Кулаковскай “Көтүүй” (Виктор Хон-Нохтохоон тыл., Алексей Гарнизов мел.) ырыатынан ыраахха көтүттэ. “Дьол тааһа” сериал сүгүрүйээччилэрэ Кирилл Матвеевтыын тэҥҥэ ыллаһа олордулар. Ураты кэрэ куоластаах Санита Ай “Олоҕум кэрэ” (А.Татаринов-Удьурҕай тыл., Егор Ощепков мел.) ырыата финалы киэргэттэ.

Сорох күрэххэ халы-мааргы тыллаах эрээри, дирбиэн-дарбаан музыкалаах ырыалар инники күөҥҥэ тахсаллара баар суол. “Үрдэлгэ” даҕаны биир “бааһынай” ырыа киирбит. Олимпийскай чемпион амыдайа Павел Пинигин “Напиши” (Бейбит Козбаков тыл., мел., Павел Пинигин, Алексей Прокопьев тылбаастара) диэн ырыатын араадьыйа долгунугар үгүстүк иһиттэххит. Көрөөччүлэр да сирбэтилэр, тэҥҥэ үҥкүүлэһэ олордулар. 

 

Ырыа куттаах ыаллар

Саха эстрадатыгар кэргэннии Алексей, Екатерина Егоровтар, Мария, Василий Спиридоновтар, Клавдия, Герман Хатылаевтар ураты миэстэни ылаллар. Кэнники кэмҥэ ырыа куттаах ыал үксүү турара үөрдэр. Онуоха “Үрдэл” бириэмийэ – бэртээхэй тирэх. Амма улууһун Эмис нэһилиэгиттэн Ксения, Василий Татариновтар “Эйиэхэ ыйдаҥа” (Семен Капитонов тыл., Василий Татаринов мел.) диэн ис киирбэх ырыанан кытыннылар.

Анита, Дуолан Трофимовтар Сунтаартан айаннаан кэлбиттэр.  “Доҕоччуок” (Марика Кокорева-Күндү тыл., Анита Трофимова мел.) ырыанан тэрээһини киэргэттилэр.  

Розалина Файрушина, Сахамин тугунан да соччо соһуппатылар, халыыптарыттан тахсыбакка, бэйэлэрин истииллэригэр барсар “Икки сүрэх” (Михаил Кычкин тыл., мел.) ырыаны толордулар.

 

Кыайыы кынаттаннылар

Иван Лаврентьев “Эн” диэн ырыатын матыыбын суруйбут Умсуура “Бастыҥ мелодия” анал ааты ылла. “Бастыҥ ааптар” Ирина Колодезникова-Ымыы буолла. Режиссер, сценарист Любовь Готовцева Уус Алдан Баатаҕайыгар уһулбут “Оһох уота” (Анастасия Готовцева ырыата) килиибэ көрөөччү биһирэбилин ылан, “Бастыҥ килиип” анал ааты сүктэ. Карина Попова “Саҥа аат” анал аат хаһаайката буолла.

8125 куолаһы хомуйбут, норуот кутун-сүрүн туппут Кирилл Матвеев “Дьол тааһа” ырыата (Виктор Хон-Нохтохоон тыл., Николай Андросов мел.) “Көрөөччү биһирэбилэ” анал ааты ылла уонна 50 тыһ. солк. сертификатынан наҕараадаланна.

“Үрдэл-2021” национальнай бириэмийэ “Муҥутуур кыайыылааҕа” Сиэйэ Уола буолла уонна 100 тыһ. солк. сертификаты тутта.

Бу киэһэ Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрыгар  үгүс ылбаҕай ырыа ылланан, үрдүккэ көтүттэ, кэрэҕэ угуйда.

 

Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн ылылынныла

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...