10.07.2020 | 17:23

Оту, эми туттарга бэйэ туругун кэтээн көрүҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сайыммыт ортото буолла. Бу күннэргэ эмтээх оту хомуйуу саамай үгэнэ. Сахабыт сиригэр үүнэр эмтээх оттор үксүлэрэ доруобуйабытыгар туһалаахтарын бары бэркэ билэбит. Эмтээх үүнээйилэр оннооҕор тэлгэһэҕэр үүнэллэр эбээт. Ону болҕойон көрүҥ.

Билигин коронавирус тарҕанан, бу ыарыыга элбэх киһи хаптарда. Күүстээх иммунитеттаах буоллаххына, бу ыарыыттан көмүскэлиҥ улахан буолар. Профессор Гавриил Угаров бүгүҥҥү сүбэтигэр иммунитеты күүһүрдэр мутукчалаах мастар тустарынан тус көрүүтүн тиэрдэр. Ону тускутугар туһаныҥ диэм этэ.

                  Мутукчалаах мас иммунитеты бөҕөргөтөр

Гавриил Спиридонович Угаров–Эһээ Дьыл, биологическай наука доктора, профессор, РФ Үрдүк үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ:

– От барыта – сорохторо кыра, атыттара күүстээх эмтээхтэр. Саха сиригэр бэрт элбэх эмтээх от баар. Биһиги оппут-маспыт сайыҥҥы күммүт чаҕылыттан-итиититтэн, түүнүн тымныытыттан буһан-хатан, бэйэлэрин көмүскэнэн, сибэккилэриттэн силистэригэр тиийэ бэрт элбэх, киһи доруобуйатыгар кытары туһалаах веществолары мунньуналлар. Олору билигин эмп сыаната ыараабыт, албын препараттар элбээбит кэмнэригэр хомуйаммыт, чэгиэн буоларбытыгар туһаныахтаахпыт.

                       Эмтээх үүнээйини хаһыакка куурдумаҥ

– Эмтээх үүнээйилэри туһанарга быраабылалар бааллар. Холобур, билиҥҥи кэмҥэ элбэх киһи аллергиялаах. Онон эмтээх үүнээйини бастаан кыратык боруобалаан көрүллүөхтээх.  Аллергияны билэргэ биир судургу ньыма баар. Харыны ньыппарынан баран, хары ис өттүгэр илии сүһүөҕэ бокуйар тириитэ сымнаҕас чараас сиринэн  эмтээх үүнээйи симэһинин биһиллэр. Уонча мүнүүтэ ааспытын кэннэ, тирии кытарбатах буоллаҕына, бу үүнээйигэ аллергия суох эбит диэхтээххин. Сорохтор үүнээйи эмп букатын буортута суох диэн сыыһа өйдөбүллээхтэр. Итиннэ дьааттаах үүнээйи эмтээх буолар диэни өйдүөхтээххит. Ол иһин үүнээйиттэн оҥоһуллубут эми ыйыллыбыт кээмэйинэн эрэ иһиэхтээххит.

   Үүнээйини хаһыакка ууран хатардааччылар. Хаһыат суругун кырааската доруобуйаҕа буортулаах. Онон билигин ханна баҕарар дэлэй полиэтиленовай пленканы тэлгээн баран куурдар ордук. Эмтээх оттор тустарынан балайда сурулунна. Ол гынан баран, таспытыгар үүнэр бэрт элбэх  эмтээх үүнээйилэри  букатын кыратык хомуйан туһанабыт. Онон сибээстээн бүгүн бэркэ билэр үүнээйилэргит доруобуйаҕа туһаларын туһунан билиһиннэриэм. 

Тиит, бэс, харыйа, кытыан мутукчаларын туһаныҥ

Мутукчалаахтар (Хвойные)

– Бу билигин саамай тарҕаммыт, ол гынан баран олус былыргы – уонунан мөлүйүөн сыл анараа өттүттэн күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри тиийэн кэлбит үүнээйилэр. Дьэ, ол кэм устатыгар араас ыарахан кэмнэри, күн-дьыл уларыйыытын, үөн-күрдьэҕэ сиэһинин, араас ыарыылары тулуйан кэллэхтэрэ. Ол аата бу үүнээйилэр мутукчаларыгар (иннэлэригэр), лабааларыгар-умнастарыгар, силистэригэр киһи доруобуйатыгар туһалаах араас эттиктэр мунньуллаллара өйдөнөр. Мутукчалаахтартан биһиэхэ тиит, бэс, харыйа, кытыан, болбукта (кедровый стланик), сытыган харыйа (пихта) үүнэллэр. Ордук тарҕаммыттарынан тиит, бэс, харыйа уонна кытыан буолаллар. Бу үүнээйилэр эмтээхтэрин дьон истэр эрээри, хото туһаммат. Дьиҥинэн, тиит, бэс, харыйа мутукчата олус туһалаахтар.

Тиит мутукчатын сааскыттан саҕалаан атырдьах ыйын ортотугар – хотуур ортотугар (14-19.08) диэри хомуйан хатарыахха сөп. Мутукчаны хомуйар судургу – мутукча сүүмэҕин төрдүн кытта сыыйа тардан хомуйуллар уонна оннук күлүк сиргэ полиэтилен пленканы тэлгээн баран, ол үрдүгэр хатарыллар. Биир чаайынай ньуосканы биир ыстакаан итии ууга 10-15 мүнүүтэ көөнньөрөн, сойутан баран ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ 3-тэ аһыах иннинэ иһиллэр. Мутукча элбэх “С” битэмииннээх, дигидрокверцетиннээх, хлорофиллаах. Онон эти-хааны чэбдигирдиигэ, тымыр-сүрэх ыарыытыгар уонна ити ыарыылары сэрэтиигэ туһаныллар. Инсультаабыт, инфарктаабыт  дьоҥҥо эмиэ туһалыыр.

Тиит туорааҕа – тиит быйылгы туорааҕын (от күөҕэ эбэтэр кытархай өҥнөөх буолар) от ыйын ортотугар диэи хомуйан барыанньа оҥороллор эбэтэр тоҥороллор. Чэйгэ булкуйан иһиллэр. Сөтөлгө бэртээхэй эмп буолар.

Титирик силиһэ.  Ычыкын сиртэн саамай иинэҕэс тиити талан, буорун хаһан, силиһин бары лабааларын кытта быһан ылан, дьиэҕэ аҕалан кырбастаан баран күлүк сиргэ хатарыллар. Хаппахтаах иһиккэ, таҥас мөһөөччүккэ уган хаһааныллар. Тиит силиһигэр тымыры, ордук капиллярдары  чөлүгэр түһэрэр аатырбыт дигидрокверцетин баар. Кыра гына кырбаммыт эбэтэр кофемолкаҕа мэлиллибит тиит силиһин 1 чаайынай ньуосканы биир ыстакаан оргуйбутунан ууга 10-15 мүнүүтэ көөнньөрөн баран тымыр кыарааһынын, хаан баттааһынын, сүрэх ыарыытын эмтииргэ уонна эрдэттэн сэрэтэргэ  туттуллар.  Инсуллаабыт, инфарктаабыт  киһиэхэ улахан туһалаах.

Тиит субата – титириги толору туһанар сыалтан, тас хатырыгын хастаан, ол анныгар баар тиит үрүҥ субатын кыһыйан ылыллар. Субаҕа элбэх киһиэхэ туһалаах веществолар бааллар. Былыр өбүгэлэрбит, бэс эрэ субатын буолбакка, тиит сутукатын эмиэ аска тутталлара. Ону таһынан, субаны оргутан баран, тирии бааһын эмтииргэ тутталлар. Арааһа, ис-куртах ыарыытыгар да туһалаах буолуохтаах.

Тиит хатырыга – чэйгэ эбэн иһиэххэ сөп.  Иммунитеты үрдэтэр эбит. Ону сэргэ простатиты эмтииргэ туһалаах. Геморройга, тирии араас баастарыгар тиит хатырыгын оргутан баран, онно илитиллибит баатаны  баайан эмтииллэр.

Тиит дабаххайа – бааһы эмтииргэ туттуллар. Хаппыт дабаххайы ыас  гыналлар. Хаппыт эбэтэр өссө да сымнаҕас дабаххайы икки хос маарылаҕа суулаан баран ууга оргутуллар. Оччоҕо дабаххайа дагдайан тахсар, ону ылан ыас гыныллар. Оннук ыас тииһи, миилэни бөҕөргөтөр, элбэх сил тахсан ас буһуутугар көмөлөһөр.

Бэс, харыйа иннэтэ –   дьыл хайа баҕарар кэмигэр хомуйаллар. Элбэх “С” битэмииннээх, хлорофиллаах  уонна өссө да ситэ үөрэтиллэ илик эмтээх веществолардаах.  Тыынар уорганнар ыарыйдахтарына, ингаляция оҥостоллор. Ваннаҕа ууга суурайан сүһүөх, тоноҕос, былчыҥ ыарыылаахтар угуттаналлар. Ол гынан баран инсуллаабыт дьоҥҥо олус туһалааҕын, биһиги дьоммут билбиттэрэ. Ол курдук 3-5 лиитэрэлээх эмаллаах көстүрүүлэҕэ  үс илии кэриҥэ халыҥнаах гына харыйа иннэтин лабааларын кытары  симэн, бааҥкаҕа толору уу кутан, 20-чэ мүнүүтэ оргуталлар. Онтон ыстакаан аҥаардыытынан саҕалаан, онтон салгыы сөп буола-буола омурда сылдьаллар. Оччоҕо кыайан турбат буолбут дьоннор үтүөрэн киирэн баралларын туһунан суруйбуттара. Онон итини болҕомтоҕо ылыахха баара.

   Инсуллаабыт киһиэхэ көмөлөһөр буоллаҕына, тымыр үлэтин эмиэ чөлүгэр түһэрэр буолуохтаах. Онон сүрэхтэрин тымыра кыараабыт дьон эмиэ туһаныахтарын сөп. Бүөр, быар ыарыылаахтар уонна гипотониктар сэрэнэн туттуохтарын наада диэн суруйаллар. Уопсайынан, ханнык баҕарар оту, эми туттарга бэйэни кэтэнэн көрүллүөхтээх. Эмтээх оту иһиэх иннинэ, онтон иһэн баран 1-2 чаас ааспытын кэннэ, дабылыанньаны хаттаан кэмнэниллиэхтээх. Билигин бэс куоппаһын уонна туорааҕын хомуйан эмкэ элбэхтик туттар буоллулар. Бэс куоппаһын бэс ыйын ортотугар диэри, оттон туорааҕын – от ыйын ортотугар диэри хомуйуохха сөп. Бэс куоппаһа ордук иммунитеты үрдэтэргэ олус үчүгэй. Туорааҕа   күөмэй, сөтөл ыарыытыгар туһалаах.

Лабыкта бактериальнай ыарыыны эмтиир

– Лабыкта – тэллэй уонна салахай (водоросль) дьукаахтаһан үөскэппит үүнээйилэрэ. Ол гынан баран үүнээйиттэн уонна тэллэйдэртэн  лабыкталары арааран туспа туталлар. Лабыктаны “Лихенология” диэн наука үөрэтэр. Лабыкта араас көрүҥнээх. Онтон таба сиир лабыктата саамай киэҥник  тарҕаммыт. Бу олус туһалаах үүнээйи диэххэ сөп. Ол курдук “Усниневай кислота” диэн олус күүстээх антибиотиктаах, онон элбэх бактериальнай ыарыыны эмтиир кыахтаах. Итини сэргэ элбэх пектиннээх, аскорбиновай кислота эмиэ баар. Элбэх микроэлеменнэрдээх. Норуот медицинатыгар иммунитеты үрдэтэргэ, араас  тас бааһы – язваны, экземаны, кутургуйаны, хатаалы, геморройу, о.д.а. эмтииргэ тутталлар. Ону сэргэ тымныйыыга,  куртах, оһоҕос бааһырыытыгар, сөтөлгө, бэл, сэлликкэ, ангинаҕа тиийэ  туһаналлар. Саахардаах, сүрэх ыарыылаах киһиэхэ туһалаах. Быары, ноору, бүөрү, лимфаны, хааны, очоҕоһу мунньуллубут киртэн-хохтон  ыраастыыр эбит.

Хомуйуута – ардах кэнниттэн сымнаабытын кэннэ хомуйар ордук. Дьиэҕэ аҕалан буортан-сыыстан ыраастаан баран хатараллар. Хаппыт лабыктаны хас да сыл туһаныахха сөп.

Эмп оҥоруу – 2-3 чаайынай ньуоска лабыкта бороһуогун  0,5 л. оргуйбут тымныы ууга 2-3 час устата туруораллар. Оччоҕо кисиэл курдук хойуу, убаҕас буолар. Кыратык оргутан, тэптэрэн ылыахха эмиэ сөп.  Ону 1-дии ыстакаанынан күҥҥэ үстэ аһыахтарын 10 мүнүүтэ иннинэ иһэллэр. Аһа суох кураанах сөтөлгө, ааспат бронхикка 1 остолобуой ньуоска лабыкта бороһуогун, биир ыстакаан оргуйбутунан үүккэ кутан, туруора түһэн баран сылаастыы утуйуох иннинэ иһэллэр. Лабыкта суурадаһына, кисиэл курдук хойуу буолан, иһи-үөһү, тыынар уорганнары саба бүрүйэр, онон сымнатар, эмтиир. Лабыктаны оҕоҕо 6-8 сааһыгар диэри биэрбэттэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....