11.10.2022 | 16:00

Оттооһун былаана 88 % туолла

Алтынньы 10 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев сүөһү аһылыгын быйылгы хампаанньатын түмүктэригэр анаммыт мунньаҕы ыытта диэн иһитиннэрдэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Оттооһун былаана 88 % туолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин уустук усулуобуйаҕа ааспытын бэлиэтээтэ. Сайын саҕаланыыта илин эҥэр улуустарыгар кураан сатыылаабыта, Кэбээйи уонна Дьааҥы улуустарын сирин халаан уута ылбыта, регион баһыйар өттүгэр уһун ардахтаах күн-дьыл турбута. 

«Уустуктар баалларын үрдүнэн сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээбит тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр махталбын тиэрдэбин. Өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар оттооһун былаана туолла. Сүрүннээн былырыыҥҥы көрдөрүүлэргэ тэҥнэстибит”, - диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов оту бэлэмнээһин хампаанньатын түмүгүн билиһиннэрдэ. Алтынньы 9 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 390476 тонна от бэлэмнэннэ, ити былаан 88 %-гар тэҥнэһэр. 27860 т сиилэс (92%) уонна 14176 тонна сенаж бэлэмнэннэ (109 %). Бүгүҥҥү күҥҥэ сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин хампаанньата түмүктэнэн эрэрэ бэлиэтэннэ. Өрөспүүбүлүкэ биэс улууһугар – Дьааҥыга, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ уонна Чурапчыга оту бэлэмнээһиҥҥэ мобильнай биригээдэлэр ыраах учаастактарга үлэлэрин салгыыллар.

Мунньахха видеосибээс нөҥүө Кэбээйи, Дьааҥы, Бүлүү, Чурапчы улуустарын салайааччылара кытыннылар. Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан ордук эмсэҕэлээбит 8 оройуоҥҥа 5 тыһыынча тоннаттан тахса концентрированнай аһылыгы уонна 1600 тонна оту тиэйэргэ уонна 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр сүөһү уонна сылгы этэҥҥэ кыстыыр үбүн көрөргө сорудахтаабыта.

Мунньах түмүгүнэн Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар эмсэҕэлээбит оройуоннарга сүөһү уонна сылгы төбөтүн аччаппат туһугар суһаллык кэккэ миэрэлэри ылынарыгар сорудахтаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....