30.01.2023 | 18:45

Оттон ийэни ким аһынар?

Аҕыйах хонуктааҕыта социальнай ситимнэринэн ийэ оҕотугар уруок аахтарар аудиота тарҕаммытын кэннэ араас санаа этилиннэ, ким эрэ хомуруйда, ким эрэ аһынна уонна өйдөөтө. Ол иһигэр “суукка биэриэххэ наада”, “оҕолорун былдьыахха”, “аата сүрүн!” диэччилэр элбээтилэр.
Оттон ийэни ким аһынар?
Ааптар: Лия Алексеева
Бөлөххө киир

Сорохтор туораттан бэйэлэрин көрөн толкуйдаммыт буолуохтаахтар дии саныыбын...
 
Сэттэ оҕолооҕуттан иккитин Мэҥэ Хаҥалас социальнай-реабилитационнай киинигэр киллэрбиттэр. Ийэни кытта үлэлэһиэх буолбуттар. Ийэ оҕотун мөҕөрүн аттыларыгар сылдьыбыт кыыстара устан тарҕаппыта дуу, оҕо алҕаска бэйэтэ учууталыгар ыыппыта тарҕаммыта дуу биллибэт. Биир дойдулаахтарыгар ийэ характырыыстыката олох үчүгэй, ким даҕаны инник буолуо дии санаабатах...
 
Дьүөгэлэр, дьахталлар, төрөппүт бөлөхтөрө бу күннэргэ бу ийэ быһыытын тула элбэҕи ырыттылар. Олортон дьон санаатын, биллэн турар, ааттарын кистээн, хас биирдии оскуола оҕолоох ыалы таарыйар кыһалҕа буоларынан, тиһиэхпитин баҕардыбыт.
 
Мария: “Мин кинини өйдүөххэ сөп диэн, хайдах эрэ  көмүскэһиэхпин баҕардым. Барахсан сэттэ оҕолоох эбит, онтон түөрдэ оскуола оҕото.
Биир бэйэм биир үөрэнээччилээхпиттэн сылайабын. Куорат оскуолата буолан үөрэх иккис сменаттан саҕаланар. Сарсыарда өттүгэр куруһуоктар  буолаллар, онно 10-11 чаастан саҕалаан холбонобут. Сынньана түһэн баран 14:00 чаастан киэһэ 18:40 чааска диэри уруоктарга лигиччи олоруу буолар. Оҕо киэһээҥҥи аһылыгар эрэ тохтоон ылар, салҕыы утуйуор диэри дьиэҕэ үлэ аахтабыт. Ону барытын “Классрум” диэн сыһыарыыга ыытан иһиэхтээхпит, ыыппатыбыт эрэ “иэскэ ыйанабыт”, “хара испииһэккэ” киирэбит. Хайдах да үчүгэй үөрэхтээх оҕо, ордук алын кылаас оҕото, төрөппүтэ суох маны барытын техническэй өттүн сатаабат.
Оҕом үөрэҕэр куһаҕана суох эрээри, зум уруоктан улаханнык эбиммэт. Ханнык тиэмэни барбыттарын кэтии, кулгааҕым кытыытынан истэ сылдьан, тиэмэлэрин бастаан бэйэм өйдүүбүн, онтон тугу өйдөөбөтөхпүн гугллуубун уонна эбэһээт бүгүҥҥү тиэмэтин өйдөтөн баран дьиэҕэ үлэтин оҥотторобун. Оннук гымматахха “пробел” буолан хаалар эбит, былырыын кэһэйбитим, ол иһин учуутал кэннэ бэйэм “учууталлаатахпына” эрэ сатанар. Өссө мин дьиэбэр олорор буоламмын оннук гынар буоллаҕым дии. Оттон күн аайы үлэлиир ийэлэр хайдах дьаһанаахтыыллара буолла?
Билиҥҥи онлайн оскуола учуутала үлэтин барытын төрөппүккэ ыйаата. Тиэмэни биэрбитэ буолан баран "домашканан" көмөн кэбиһэллэр, ону биһиги, төрөппүттэр өйдөтөбүт, үөрэтэбит, онтон онтубутун отчуоттуубут... Дьэ, сүрдээх үйэ кэллэ!
Ити ийэ оннук олохтоох буолан сылайбыт дии санаатым. Киниэхэ психологическай, моральнай көмө наада”.
 
Анна: “Туораттан бэйэм инник иһиллэр буолуохтаахпын диэн хайдах эрэ кыбыста санаатым дии. Өйдөөн быстыбат оҕоҕо быһаара сатаан  ньиэрбинэйдээн маатыра да этиллэрэ баар буолааччы. Мантан ыла туттунан көрүүһүбүн...
Мэник уол оҕону зумунан үөрэтэр, дьиэҕэ үлэтин оҥорторор хайдаҕын оннук оҕолоох эрэ дьон билэн эрдэхтэрэ. Оҕото суохтар, улахан оҕолордоохтор “оо”, “аа” буолан соһуйбут буолуохтаахтар.
Баҕар омуннаата диэххит эрээри, бу онлайн үөрэх үгүс ийэни инниккэ тиэртэ! Оҕолорбутугар сыһыаммыт уларыйда, үөрэх хаачыстыбата олох мөлтөөтө, оҕо уонна төрөппүт сыһыана хобдоҕурда.”
 
Виолетта: “Мин бэйэм 5 оҕолоохпун, олортон үстэрэ начаалынай кылаастар. Биир оҕом - кухняҕа, биирим - хоско, биирим залга олорон үөрэнэллэр. Уруоктарбыт бары бииргэ саҕаланаллар. Икки кырабын наар “тссс!” диэҥҥэ үөрэттим, күн аҥаара оннук сыбдыйан сылдьыы, сибигинэһии, камераҕа көстүбэтэрбит ханнык диэн хаамсыы, оҕолор оонньуулларын кытта бобуу-хаайыы.
Былырыыны быһа ковидтан сылтаан оннук үөрэммиппит, быйыл аны тымныы диэн олордубут. Ити кэриэтин, бэйэм эппиэтинэспэр диэн туран, тымныыга да оскуолаҕа таһыам этэ.
Уруоктарын бэйэлэрэ аахталлар, тугу-тугу дьаабыланаахтыылларын бэйэлэрэ билэллэр, мин бассаапка түһэрэн ыытабын эрэ. Хайдах тугу өйдөөбүттэринэн оҥорон ыыталларыгар баһыыба. Сүгүн үөрэппэт эрээри, миигиттэн ону-маны ирдээбэтиннэр!”

Ольга: "Сэттэ оҕону иитии, аҥаардарын ЗУМунан үөрэттэрии диэн саныахха да ыарахан дьыала. Бу ийэ барахсан хайдах кыраларын көрөрүн быыһыгар үөрэнээччилэрин көрдө-иһиттэ? Хас гына хайдан астарын-таҥастарын дьаһайда, үөрэнээччилэрин ноутбугунан, төлөпүөнүнэн хааччыйда, уруоктарын оҥортордо?! Биир бэйэм соҕотох оҕобун кытта бу үөрэхтэн сылтаан сыһыаммыт алдьанарыгар тиийдэ диэн дьиксинэбин. Мин өссө саастаах, уруккута учуутал, куоракка олорор киһи оҕо дьиэҕэ үлэтин оҥорторортон сылайар буоллахпына, атын, оскуола тиэмэтиттэн ыраах, дьиэ-уот үлэтигэр баттаппыт тыа ийэлэрин аһынабын эрэ. Бу тарҕаммыт аудио - бүгүҥҥү оскуола сирэйэ, тустаах үлэтигэр сыһыана. Уолум 6 кылааска үөрэнэр. Күҥҥэ 6 уруоктан 3-4 уруок күн аайы (!) офлайн буолар. Ол аата учуутал бассаабынан уруок тиэмэтин кытта дьиэҕэ сорудаҕы ыытан кэбиһэр. Кини үлэтэ онон бүттэ. Оттон ол тиэмэни оҕоҕо илдьиритэн быһаарааччы, өйдөтөөччү - ийэ барахсан. Ийэ барыта оскуолаҕа туйгуннук үөрэммэтэҕэ ээ, дьэ, хайдах быһаарар? Өссө син "суобастаах" учууталлар сорудах ыыталлар. Сорох учууталлар сетька букатын даҕаны "тахсыбаттар", оҕолор уруок буоларын сэмээр күүтэ сатаан баран күлүктэригэр имнэнэллэр, уруок буолар дуо диэн учууталы көрдөөччү да суох. 
Онон бу аудио - оскуолаҕа хара күлүк.
 
Кристина: “Биһиги улууска олоробут. Куораттар зумнуулларыгар ымсыырабыт эрэ. Син учууталлара үөрэтэн эрдэхтэрэ диибит. Биһиги олох бэйэбит дьиэбит иһигэр булкуллабыт. Интернет суох буолан смһынан дьиэҕэ үлэбит сорудаҕын эрэ тутабыт. Оҥорбута буолабыт. Ким да бэрэбиэркэлээбэт, бассаабынан түһэрэн да ыытарга үчүгэй сибээс наада ээ...
Хата, учууталларбыт абыраннылар быһыылаах диибин, син биир хамнастара ааҕыллан эрдэҕэ.
Ити ийэни ол иһин аһынным аҕай. Мин эмиэ инник курдукка тиийбэтэрбин да, наһаа кыыһырааччыбын.
Сайдыылаах дойдуларга оҕоҕо алын кылаастарга сыана туруорбаттар, дьиэҕэ үлэ биэрбэттэр. Хайдах эрэ бырагыраамаларын барытын ситиһэллэр ээ! Оттон биһиги үөрэхтээһиммит таҥнары барар, бу онлайн буолуоҕуттан учуутал үлэтэ чэпчээтэ, төрөппүккэ ноҕорууската эбилиннэ”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...