03.03.2023 | 12:00

Отоойкоҕо олорбуттар

(Харчыларын төннөрүөхтэрэ дуо?)
Отоойкоҕо олорбуттар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү дьоруойдарым Дьокуускай куоракка Севернай медколледж аһыллыбытын үөрэ истибиттэрэ, орто анал үөрэҕи бүтэриэхпит диэн ыраламмыттара... Лицензията суох тэрилтэ отоойкотугар олоруохтарын түһээн да баттаппатахтара.

Бу саарбах тэрилтэ үлэһиттэрин албыннарыгар киирэн биэрбит, мүөттээх тылларыгар абылатан, кураанаҕы кууспут элбэх. Кинилэр күн бүгүҥҥэ диэри дипломнара да суох, харчылара да суох. Бүгүн икки киһини кытта кэпсэппиппитин таһаарабыт.    

 

Хойукка диэри эрэммитим...

П., 30 саастаах, куорат олохтооҕо:

– 2021 сыллаахха Дьокуускайга Севернай медколледж диэн аһыллыбытын истэн, медбыраат идэтигэр үөрэнэ киирэргэ санаммытым. Докумуоннарбын туппутунан, Петровскай уул., 32/1, офистарыгар тиийбитим. Ол күн биир сэмиэстир иһин мобильнай баанынан 37 500 солк. төлөөбүтүм, дуогабар түһэрсибитим. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үөрэнэн саҕалаабыппыт. Бөлөхпүтүгэр 17 этибит, ыстаарыста талбыппыт. Бастаан утаа сорудах биэрэллэрэ, барыта дьиҥнээх курдуга. Пандемия буолан, сороҕор дистанционнай ньыманан үөрэнэрбит. Үлэлиир киһиэхэ олус табыгастаах эбит диэн үөрбүтүм. Бастакы куурус чэпчэки буолар эбит диэн күлүкпүтүгэр имнэммиппит.

Алтынньы ыйга иккис сэмиэстири төлүүгүт, эрдэ төлөөччүлэр 50% чэпчэтиинэн туһанаҕыт диэн үөрдүбүттэрэ. Онон 17 850 солк. төлөөбүтүм.

Паараларбыт күн аайы аҕыйаан испиттэрэ. Преподавателлэрбит үһүөлэр эрэ, кураторбыт субу-субу уларыйара. Саҥа дьыл чугаһаабыта, ол тухары устудьуон билиэппитин, зачетнай киниискэбитин биэрбэтэхтэрэ. Сессиябыт хаһан саҕаланара да биллибэтэ. Хайдах хайдаҕый дии санаабыппыт. Оннук саарбахтаан киирэн барбыппыт. Биирдэ высшай математика преподавателэ: «Эһиги тугу да уорбалыы санаабаккыт дуо?» – диэбитин соһуйа истибиппит. Итинник күн-түүн бииртэн биир боппуруос күөрэйэн тахсара. Дириэктэргэ киирэ сатыырбыт, таба туттарбата. Биирдэ эмэ таба туттахха: «Үлэлии олоробун дии, тахсыҥ», – диэн үүрэн ыытара.

Саҥа дьыл кэннэ полиция үлэһиттэрэ кэлэ сылдьыбыттара: «Массыанньыктааһын буоларын-суоҕун быһаарыахпытын наада. Лицензията суох үөрэтэ сылдьыбыттар, ыстарааптаныахтарын сөп», – диэбиттэрэ уонна докумуоннарбытын илдьэ барбыттара.   Биһиги ол тухары эрэлбит сүппэтэҕэ, лицензияларын ылаллар ини диэн күүппүппүт. Онтон иккис сэмиэстиргэ «Синергия» университекка киирэҕит, онлайн үөрэниэххит диэн буолбута. Биһиги эмиэ кэтэс да кэтэс, мэлигир. Ол курдук күн-дьыл ааспыта. Баҕар, иккис куурустан үчүгэйдик үөрэнэр инибит диэн эрэммиппит. Аҕыйах кыыс айдааран, юрист көмөтүнэн харчыларын төннөрбүттэрэ. Икки кыыска «үөрэммиккит дии» диэн быыкаа сууманы биэрбиттэр этэ.

Былырыын колледж салалтатыгар дуогабарбытын көтүрэр туһунан сайабылыанньа суруйбуппутун, онлайн ыытыҥ диэбиттэрэ. Саҥа дьылга диэри харчыгытын төнүннэриэхпит диэн мэктиэ сурук биэрбиттэрэ. Саҥа дьыл ааспыта ыраатта, кулун тутар ый буолла, баччааҥҥа диэри харчыбыт суох. Мин курдук 300-тэн тахса киһи албыҥҥа киирэн биэрдэҕэ.

Алтынньы ыйга Арассыыйаҕа бобуулаах социальнай ситимҥэ колледжка сүүмэрдээһин буоларын туһунан биллэриини көрөн, үлэлээн саҕалаабыттар дуу дии санаабытым. Үөрэххэ туттарсааччы аатыттан эрийэ сылдьыбытым. «Докумуоҥҥутун онлайн ыытыаххытын сөп. Биһиэнэ боростуой, түргэн», – диэн, киһи эрэ ымсыырыан курдук, кэпсии тоһуйбуттара.

Кэлин истибиппит, дириэктэр Ноговицына Любовь Васильевна преподавателлэргэ кытта хамнастарын төлөөбөккө сылдьыбыт. «Айлин» диэн массаас салоннаах. Сертификат атыылаан эмиэ элбэх киһини албыннаабыттарын истибитим. Массаас өҥөтүнэн туһамматахтар, харчыларын төннөрбөккө сылдьаллар үһү. Биирдэ кэргэним Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн миэхэ ол салоҥҥа сертификат атыылаһан бэлэхтээбитэ. Суруйтаран тиийбитим, сертификаппын хостооппун кытта: «Эн оннугар номнуо киирбиттэр, алҕас тахсыбыт», – диэн кэбиспиттэрэ. Айдааран туран сертификаппын төнүннэрбитим, ону даҕаны ыйы быһа эккирэтиһэн.

Элбэх оҕолоох ыал аҕата П. 57 000 солк. төлөөн баран кураанаҕы кууспута, кырдьык, абаккалаах дьыала. «Билигин дьиэ-уот, гаас, хомунаалынай төлөбүрдэр күн-түүн үрдүү тураллар. Харчыбын төнүннэрэрим буоллар, саатар туохха эмэ эбии-сабыы буолуо этэ», – диир.

Ыра санаам туолбата...

В.С., биэнсийэлээх:

– Бу колледж туһунан дьүөгэм кэпсээбитэ. «Харчыгын төлүүгүн уонна үөрэнэн киирэн бараҕын», – диэбитэ. Ол саҕана кини иккис куурус этэ. Былырыын бэс ыйын 17 күнүгэр  Петровскай уул., 32/1, тиийбитим. Петр Макаров диэн киһи олорор этэ. Сайабылыанньабын тута суруйбутум. «Хата, эн чэпчэтиигэ түбэстиҥ. Оннук миэстэҕэ биир элбэх оҕолоох дьахтар уонна эн, биэнсийэлээх киһи, киирдигит», – диэбитэ. Мин атаҕым сири билбэт буолуор диэри үөрбүтүм уонна 27 000 солк. уу харчынан ууран биэрбитим. Сонунум сойо илигинэ оҕолорбор, дьүөгэлэрбэр кэпсээбитим. Онно балыыһаҕа санитаркалыы сылдьыбытым, медсиэстэрэ үөрэҕэр киирдим, хата, онтон үргүлдьү үлэлии хаалыам дии санаабытым.

Нэдиэлэ буолан баран биир дьүөгэм: «Харчыгын төлүүргэ ыксаама, лицензиялара суох үһү. Бүтэрдэххинэ даҕаны ол дипломҥунан ким да үлэҕэ ылыа суоҕа», – диэн соһуппута. Хайыахпыный, Петровскай уул., 32/1, офиска дуогабарбын көтүртэрэбин диэн тиийбитим. Онуоха Петр Макаров: «Ити конкуреннарбыт сымыйа сураҕы тарҕаталлар. Дириэктэрбит Москваҕа сүүрэ-көтө сылдьар, лицензиябытын бу сотору ылыахпыт», – диэбитэ. Мин сайабылыанньабын син биир суруйбутум. 14 күнүнэн харчыҥ түһүөҕэ диэбитэ. Кэтэһэн көрбүтүм, мэлигир. Онтон офистарыгар тиийбитим. Били киһим: «Пенсионнай пуондаҕа сылдьыаххын наада», – диэбитэ. Мин: «Кинилэри кытта дуогабар түһэрсибэтэҕим, эһиэхэ харчы төлөөбүтүм», – дии сатаабытым. «Үөрэх Пенсия пуондатын нөҥүө барар, кинилэргэ биллэриэҕим. Харчыҥ икки күнүнэн түһүөҕэ», – диэн куотуммута. Кэтэһэ сатаан баран офистарыгар тиийэн, киһибин манаабытым. Икки чааска, онтон үс чааска кэлиэх буолбута, суоҕун курдук суоҕа. Хас да хонук оннук эккирэппитим. Биирдэ эрийбиппэр: «Киров уул. турар Сбербааҥҥа үс чааска кэлээр», – диэн бириэмэ болдьообута. Икки чааһы быһа күүппүтүм, кэлбэтэҕэ. Төлөпүөннээтэхпинэ, нолуогабайга сылдьар аатырбыта, кэтэс диэбитэ. Ол курдук халтай кэтэспитим. Сарсыныгар офиска манаабытым, 11 чааска тиийэн кэлбитэ. «Кыратык күүт», – диэбитэ уонна эмиэ сүтэн хаалбыта.

Аны туран, биирдэ Бизнес кииҥҥэ кэл диэн ыҥырбыта. Аптеканан киирэн иккис этээскэ 135 кабинекка тахсаар, онно бухгалтериябыт баар диэбитэ. Тиийэн көрдүү сатаабытым. Охранаттан ыйыппыппын: «Манна оннук кабинет суох, эйигин албыннаабыттар», – диэбиттэрэ. Итинник сайыны быһа өҥүрүк куйааска төттөрү-таары халтайга хаампытым.   

Балаҕан ыйа буолбута. Онно үөрэнэ сылдьар кыыспыттан ыйыппытым, үөрэнэ сылдьабыт, сорудах биэрэллэр диэбитэ. Ол аата миигин ыҥырбатахтар, ханнык да бөлөххө киллэрбэттэр даҕаны. Биирдэ дириэктэр Любовь Васильевна дуогабаргын электроннай почтаҕа ыыт диэн суруйбута. Мин көҥүлэ суох дуогабарыҥ көтүрүллүбэт диэбитэ. «Эн докумуоҥҥун ким ылбытай?» – диэн ыйыппыта. Петр Макаров диэбиппин: «Ол киһи уурайбыта», – диэн кэбиспитэ. Мин: «Харчыбын төнүннэрбэт буоллаххытына, саатар үөрэниэхтээҕим буолуо дии», – диэбитим. Төннөрүөх, ыытыах, сирэй көрсөн кэпсэтиэх буолбута. Ол курдук күн бүгүҥҥэ диэри харчым да, үөрэҕим да суох. Офистарыгар хаста да бара сылдьыбытым. Баччааҥҥа диэри үөрэххэ сүүмэрдииллэрин истэбин.

Мин оҕо эрдэхпиттэн үрүҥ халааттаах аанньал буолуохпун баҕарабын. Ыра санаабын толорор санаалаах этим... 

Билэр дьонум элбэх киһи албыннаппыт, сууттаһан да харчыгын төннөрүөҥ суоҕа, бириэмэҕин, харчыгын эрэ барыаҥ дииллэр. Хайыахпыный, 27 тыһыынча солкуобайынан байан дуу, дьадайан дуу хаалыам суоҕа диэн уоскуйарбар эрэ тиийдим. 

 

Эрэдээксийэттэн: Интэриниэккэ «Дьокуускай куораттааҕы хотугу медицинскэй колледж» диэн тэрилтэ туһунан информация татым. 2021 сыл атырдьах ыйын 20 күнүгэр тэриллибит, юридическай аадырыһа: Дзержинскэй уул., 70 №-дээх дьиэтэ, 8-с кыбартыыра диэн. 2021 сыл түмүгүнэн 0 дохуоттаах. 2022 сылга 1 282 341 солк. суумаҕа икки суут дьыалата көрүллүбүт. Биллибитин курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ РФ ХК 159 ыс. 4 ч. «Массыанньыктааһын» диэн холуобунай дьыала көбүтүллүбүт.

Ытыктабыллаах абитуриеннар! Үөрэххэ туттарсарга талан ылбыт кыһаҕыт лицензиялааҕын болҕойуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...