26.11.2024 | 10:00

ОТЧУТТАР

(Дьиҥ олохтон)
ОТЧУТТАР
Ааптар: Илья Афанасьев-Алмаас
Бөлөххө киир

Сэбиэскэй былаас Саха сиригэр саҥа олохтонон, хомсомуол үөдүйэн эрэр кэмнэрэ этэ. Ол саҕана эһэм сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан, оту-маһы тардыалаан көрөр күөгэйэр күнүгэр сылдьара.

Ол сайын дойдубут сирэ-уота курааннаан хаалан, үрэх баһыгар оттуу тахсар буолбуттар. Ол икки атахтаах үктэммэтэҕэ ырааппыт үрэхтэригэр, аатын да ааттаабат алаастарыгар алта буолан икки аттаах, икки ый буолар ыһыктаах, биир сааһырбыт сирдьит киһилээх айаҥҥа туруммуттар. Бары хомсомуоллар буоланнар, абааһыны, иччини билиммэт дьон буолан биэрбиттэр.

Ол курдук үс күн айаннаан, тиийиэхтээх сирдэригэр сылайан-элэйэн, эстэн-быстан кэлбиттэр. Киэҥ сыһыы уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ уорҕата суугунуу турар күөх отунан бүрүллүбүтэ, дьэ, көрүөхтэн кэрэ көстүү этэ. Алаас кытыытыгар сэнэх соҕус былыргылыы талах күрүөлээх балаҕан дьиэ баара. Сыһыы тула өттө хатыҥ чараҥ сэлэлии үүнэн турара. Алаас ортотугар төгүрүк күөллээх эбит. Сирдьиттэрэ, алаас кытыытыгар киирээт, кэриигэ уот оттон, тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, сир иччилэриттэн көрдөһөн, аал уотугар ас биэрэн ааттаһарын эдэр дьон көрө-көрө, күлсэн алларастаспыттар.

Кырдьаҕастара: “Мин мантан төннөбүн”, – диэт, миинэн кэлбит атын үрдүгэр хатаастан, кэлбит суолунан төттөрү көтүтэ турбут. Биригэдьиирдэрэ, хомсомуол сэкирэтээрэ Сэмэн: “Балаҕан сэнэх курдук, итиннэ олоруохпут”, – диэн чиҥник этэн кэбиспитигэр, бары сөбүлэһэн, балаҕан диэки барбыттар.

Ким эрэ кинилэр кэлэллэригэр бэлэмнээбитин курдук, балаҕан иһэ-таһа ып-ыраас эбит. Оһох иһигэр оттулларга бэлэм мастааҕа, тиэргэҥҥэ балачча элбэх маһы сааһылаабыттара эмэҕирэ быһыытыйбыт.

Кытыгырас, элбэх саҥалаах эдэр уолларын Уйбаанчыгы уу бастара ыыппыттар. Биригэдьиир Сэмэн от көрө диэн сыһыыга киирбит. Дьиэҕэ хаалбыт дьон сээкэйдэрин бэринэн, уу кэллэҕинэ чэй өрүнүөхпүт диэн, көмүлүөк оһохторун тигинэччи оттон кэбиспиттэр.

Уулаах киһилэрин кэтэспиттэр да, киһилэрэ кэлбэт да кэлбэт эбит. Ыксаан, биир киһилэрин көрдөтө ыыппыттар. Били от көрө барбыт Сэмэннэрэ эмиэ биллибэтэх. Биир кыыстара төбөм ыалдьар диэн балаҕан иһигэр киирэн сытынан кэбиспит.

Кэмниэ кэнэҕэс уу баһа барбыт Уйбаанчыгы көрдүү барбыт уоллара хараҕа быччайыаҕынан быччайан, уҥуоҕа тымныы ууну испит сылгы курдук сап-салыбырас буолан кэлбит. Уута суох. Киһилэриттэн туох буолбутун, Уйбаанчык ханна баарын ыйыталаһа сатаабыттар да, эппиэт суох буолан биэрбит.                                       

– Мин көрдүм, баар эбит...

– Туох баарый? Уйбаанчык ханнаный?

Киһилэрэ: «Мин көрдүм, баар эбит», – диэнтэн атыны саҥарбатах.

Аны төбөтө ыалдьан балаҕаҥҥа киирэн сыппыт кыыстара хара баттаҕа арбаллан, эккирии-эккирии мэнэрийэн турбут. Туох да диирэ биллибэт, арай кутурарын быыһыгар холдьоҕор тыллар иһиллэн ааһаллар эбит. Хас да буолан кыыстарын хам тутан, кэлгийэн баран оронугар сытыарбыттар.

Аһаабакка да туохтан эрэ куттанан, дьиксинэн, санаалара дэлби түһэн, балаҕаннарын иһигэр киирэн, уку-суку саҥата суох оронноругар сытынан кэбиспиттэр. Киһи тэһийиэ суох быһыыта бүрүүкээбит. Кыыстара биир кэм уһуутаа да уһуутаа уонна онтун быыһыгар туох да диэн ис хоһооно биллибэт тылларынан мэнэрийэн ыллаан барар эбит. Уоллара биир сири супту көрөн олорон:  «Мин көрдүм, мин биллим», – эрэ диэхтиир.

Сайыҥҥы үрүҥ түүннэр буоланнар дьиэ иһэ сырдык. Арай таһырдьа күүстээх баҕайы тыал иһиирэрэ иһиллэр. Хаалларбыт иһиттэрин көстүбэт туох эрэ истиэнэҕэ тамнааттыыр, илдьэ кэлбит ыттара таһырдьа тохтоло суох үрэн моргуйар. Таһырдьа күүстээх тыал иһиирэрин быыһыгар ким эрэ ыарахан баҕайытык ынчыктыыра иһиллэн ааһар.

Дьэ, ити курдук икки киһи сүтүктээх, икки булкуллубут киһилээх утуйар-утуйбат ыккардынан бастакы хонуктарын көрсүбүттэр.

Сарсыарда тыал дэлби ыспыт иһитин-хомуоһун хомуйан, таҥаһын-сабын чөкөтөн баран, эһэм Дьэлиэнэтиниин күөлгэ уу баһа киирбиттэр. Кинилэр симик тапталлара саҥа күөдьүйэ сатыы сылдьар кэмнэрэ үһү. Эһэм Дьэлиэнэтин илиитин ыксары тутан, күөл диэки хааман испиттэр. Арай күөл кытыытыгар уу баһарга аналлаах далаһалаах, ол баһыгар кинилэр икки биэдэрэлэрэ толору уулаах турар үһү. Уйбаанчык баар сибикитэ биллибэт эбит.

Биэдэрэлэрин иккиэн икки өттүгэр тутан, сиэттиспитинэн балаҕаннарын этэҥҥэ булан, күөстэрин күөстэммиттэр, чэйдэрин өрүнэн, дьоннорун аһаппыттар. Уонна, дьэ, эмиэ сиэтиспитинэн дьоннорун көрдүү барбыттар. Алааһы биир гына эргийбиттэр эрээри, Сэмэн да, Уйбаан да ханна да баар сибикилэрэ биллибэтэх.

Сыһыы кытыытынан хатыҥ чараҥ диэки ыллык баарынан батыһан иһэн, биир аарыма хатыҥ аттыгар Сэмэннэрэ чөкөллөн олорорун булан ылбыттар. Киһилэрэ мээнэ көрө сылдьар, нукаай курдук сэниэтэ суох. Эһэм диэки мээнэ көрөр үһү. Ыксаан, кууллаах бурдук курдук киһитин санныгар быраҕынан, аҥаар илиитигэр Дьэлиэнэтин сиэтэн балаҕаннарыгар кэлбиттэр. Киһилэригэр уу иһэрдэн баран оронугар сытыарбыттар. Киэһэ эмиэ уку-суку утуйуу буолбут.

Арай түүн эһэм түһээтэҕинэ сахалыы хаарыс солко былаачыйалаах, киис тириитэ киэргэллээх сэлиэччиктээх, хап-хара баттаҕын икки гына өрүммүт саха кыыһа уоттааҕынан көрбүтүнэн, чуо киниэхэ хааман кэлэн, кэпсээн киирэн барбыт. Хаһан эрэ бу аата ааттаммат алааска баай ыал суос-соҕотох күҥҥэ көрбүт кыыстара буоларын, хаһан да эрэй диэни билбэтэх, ойор-тэбэр оҕо сааһа, эдэр-сэнэх сааһа бу алааска ааспытын. Ону баара туора урдустар олоҕун суолун быһа көтөн, дьоннорун урусхаллаан, баайдарын-дуолларын былдьаан, бэйэтин киһи аатыттан аһаран илдьэ бара сатаабыттарын, ити көрбүт баараҕай хатыҥнарыгар ыйанан өлбүтүн, ону ким да харайбакка үөн-көйүүр аһылыга буолбутун, көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбэккэ, икки атахтаахха өстүйбүтүн, илэ барбытын кэпсээн биэрбит. Кини эмиэ хаһан эрэ таптыы сылдьыбытын, тапталлааҕын кини көрөн турдаҕына сэймэктээн өлөрбүттэрин сибигинэйэ былаан кэпсээбит. Кинилэр сарсыҥҥы күнү ааспакка бу мантан барыахтаахтарын, иккистээн төннөн кэлиэ суохтаахтарын чиҥэтэн эппит. Уйбаанчыгы көрдөөмөҥ диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбит.

Сарсыныгар хомунан, дьоннорун тэлиэгэлэригэр тиэнэн, аттарын көлүнэн, бараары туран аал уоту оттон ааттаһан-көрдөһөн, ити алааска салаа да оту оттообокко, дойдуларын диэки айанныы турбуттар. Иккис хонуктарыгар биир эмиэ оттоох баҕайы алааһы булан, от бөҕөнү оттоон, син соруктарын ситиспиттэр.

Эһэм Дьэлиэнэтин кытта холбоһон, биэс уол оҕону төрөтөн төлкөлөрүн түстээбиттэр. Мэнэрийэр кыыс төбөтүнэн ыалдьан, балыыһа киһитэ буолбут. Ол эрээри уһаабатах, өлөн хаалбыт. Сэмэн уҥуохтара ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, эдэр сааһыгар бараахтаабыт. Уйбаанчыгы көрдүү барбыт уол күөл ортотугар сахалыы таҥастаах кыыһы көрбүтүн, ол кыыс Уйбаанчыгы сиэтэн турарын кэлин кэпсээбит. Барахсан, олоҕор табыллыбакка, ускул-тэскил сылдьыбыт, ханна тиийэн, хайа кыраайга көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүтүн ким да билбэт.

Эһэм ол саҕана бобуу-хаайыы быыһынан кистээн дьону эмтиир идэлэммитэ. Түүллээх буолан, муммут дьону көрдүүргэ көмөлөһөрө. Отоһуттаан, ойуумсуйан Сэбиэккэ хаста-хаста дьүүллэммитин оччотооҕу кэм бэйэтэ билэн эрдэҕэ.

Эһэм сайын өлбүтэ. От охсо сылдьан дьиэтигэр сүүрэн кэлбит уонна:  “Эмээхсиэн, бу түүн өлөбүн, били уолаттарга илдьиттэ ыыталаа”, – диэн эппит. Эбэм барахсан уолаттарыгар “аҕаҕыт өлөн эрэр” диэн илдьит ыыппыт.

Уолаттар оттуу сылдьан кэлбиттэрэ, аҕалара миин иһэ олорор үһү. Онуоха мөҕүттүү бөҕөнү мөҕүттэн баран төттөрү ойбуттар. Эһэм киэһэ утуйарыгар сууммут-тарааммыт уонна оҥостон сыппыт. Эбэм түүн үс саҕана иһиттэҕинэ:

– Эмээхсин, тур, уоккун отун! – диэн эһэм саҥата иһиллибит. Эбэм туран көрбүтэ – эһэм быар куустан баран өлө сытар үһү.

 

Уруһуйдар: эрэдээксийэ архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....