19.05.2023 | 00:27

Оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн оҕолор эмиэ хонтуруоллуохтарын сөп

Оскуола хапытаалынай өрөмүөнүн оҕолор эмиэ хонтуруоллуохтарын сөп
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыгын иһинэн Оҕо уопсастыбаннай сэбиэтин мунньаҕар баһылык Евгений Григорьев Сэбиэт чилиэннэрин, үөрэнэр оскуолаларыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар буоллаҕына, хамыыһыйаны кытта тэҥҥэ хонтуруоллаһарга ыҥырда. 
Ол курдук, Куорат баһылыгын иһинэн Оҕо уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэннэрэ бары даҕаны «Сыл бастыҥ учуутала», «Сыл бастыҥ баһаатайа», «Юный горожанин» хамсааһын бастыҥ хамаандата» курдук бөдөҥ күрэхтэргэ, «МУУС УСТАР» бэстибээлгэ тэрийээччилэринэн үлэлээбит уопуттаах оҕолор.
Ыам ыйын 18 күнүгэр буолан ааспыт Сэбиэт мунньаҕар оҕолор куорат баһылыга Евгений Григорьевка бэйэлэрин саҥа бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Оҕолор кэпсээбит айар, социальнай бырайыактарын Евгений Григорьев болҕойон иһиттэ уонна боротокуолга  киллэрэн, сыыйа үлэлэһиэхпит диэн эрэннэрдэ. Бэлиэтээн эттэххэ, барыйыактар волонтердааһыҥҥа, оҕо айар дьоҕурун өйөөһүҥҥэ, туризмы сайыннарыыга, куорат оскуолаларын ситиһиилэрин кэпсиир медиа-балаһаакканы тэрийиигэ о.д.а. сыһыаннаахтар.
Сэбиэт маны сэргэ оҕо хамсааһыныгар көхтөөх кыттыы иһин түөскэ иилиллэр бэлиэнэн наҕараадалыыр былааннааҕын, онуоха анал бэлиэ дизайныгар айар күрэх биллэрэн эрэллэрин, бу анал бэлиэ оскуолатааҕы сыллар биир бастыҥ уонна үрдүк наҕараадата буолуохтааҕын билиһиннэрдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...