26.02.2020 | 12:44

Оскуолаҕа медицинскэй өҥө хайаан да наада

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

    Амма улууһугар олунньу 7 күнүгэр Ил Түмэн Доруобуйа харыстабылын уонна Үөрэҕирии сис  кэмитиэттэрин көһө сылдьар мунньаҕа буолан ааста.

Сарсыарда куораттан 7 чааска хоҥнон, оруобуна 10 чааска Амма сиригэр айаннаан кэллибит. Бүгүҥҥү тэрээһин мунньах чааһа чопчуламмыт буолан, сып-сап туттан, аан бастаан улуус дьаһалтатыгар тиийэн баһылык Николай Архипович Архиповы кытта көрүстүбүт.  Салгыы  В.Г. Короленко аатынан Амма 1-кы № -дээх оскуолатыгар (дириэктэр Н.А. Ларионов) тиийэммит, медицинскэй кабинет хайдах-туох туруктааҕын уонна оскуола остолобуойугар сылдьан оҕону итии аһынан хааччыйыы хайдаҕын көрдүбүт. Мин интэриэһиргээммин нэдиэлэтээҕи  менюларын ылан көрөбүн. Үүттээх кукуруза уонна эбиэс хааһыта, сибиэһэй оҕуруот аһыттан мин, эттээх торуой, хомпуот. Нэдиэлэҕэ хааһы түөрт көрүҥүн аһаталларын бэлиэтии көрдүм.

   Ааспыт сыл балаҕан ыйын 24 күнүттэн бу оскуолаҕа “Үөрэҕирии” национальай бырайыак чэрчитинэн цифровой уонна гуманитарнай үөрэхтээһин “Точка роста” киинэ тэриллэн үлэтин саҕалаабыт. Сахалыы-махалыы өйдөттөххө “Үүнүү-сайдыы” киинэ буолар. Бу киини эдэр учуутал Егор Дмитриевич Бубякин салайан үлэлэтэр. Кини кэлбит ыалдьыттарга ыытар үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ. Манна интерактивнай музей баар, оҕолор хайысхаларынан көрөн, бэйэлэригэр сөптөөх куруһуоктарга (роботехника) дьарыктаналлар. Биири сонургуу көрдүм, ол курдук оҕолор айылҕаларын матырыйаалыттан сонун промо-сувенирдары оҥорон атыыга таһаараллар эбит. Лазернай технологиянан кыһан оҥорор сувенирдара ыалдьыт хараҕар  тута быраҕыллар. Онон оҕону оскуола сааһыттан бизнес эйгэтигэр иитэр үлэ барарын кэрэхсии, биһирии  көрдүм.

 Салгыы Бөтүҥ нэһилиэгэр тиийэммит “Хатыҥчаана” оҕо уһуйааныгар, Бөтүҥ орто оскуолатыгар сырыттыбыт. Ыытар үлэлэрин-хамнастарын кытта билистибит. Бөтүҥҥэ ааспыт күһүн 220 миэстэлээх саҥа оскуола (дириэктэр А.С. Семенова) тутуллан үлэҕэ киирбит. Манна 208 оҕо үөрэнэр. Бу күһүн оскуола 1-кы кылааһыгар 30 оҕо үөрэнэ киирэрэ сабаҕаланар. Быйыл 1-кы кылааска 23 оҕо үөрэнэ киирбит, 11 кылааһы 14 оҕо үөрэнэн бүтэриэхтээх.

   Эбиэт кэнниттэн А.А. Черемных аатынан Амматааҕы искусство оскуолатыгар мунньахпыт саҕаланна. Харах холооһунунан көрдөхпүнэ, 80-тан тахса  ыҥырыылаах ыалдьыттар мустубуттар.

Куораттан Ил Түмэн дьокутааттара, СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.А. Григорьева, СӨ доруобуйаҕа, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ В.И. Чичигинаров, СӨ наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ф.В. Габышева кыттыыны ыллылар.

Мунньахха СӨ норуодунай дьокутааттара, СӨ доруобуйа харыстабылын уонна үөрэҕирии министиэристибэтиттэн салайааччылар, Дьокуускайдааҕы куорат дууматыттан дьокутааттар Н.Н. Васильев, Е.И. Евсикова, СӨ Роспотребнадзор управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Н.Б. Борисова, Амма улууһун үөрэх, доруобуйа эйгэтигэр үлэлиир идэлээх дьон бааллар.  

Көһө сылдьар мунньах туох сыаллаах-соруктаах ыытылынна?

   Дьэ, көһө сылдьар мунньах ыытыллыбыт сыала-соруга туохха сытар эбитий? Ол туһунан тугу истибиппин, көрбүппүн кылгастык сурукка бичийдэҕим буоллун.

2014 сылтан оскуола оҕолорун медицинскэй өҥөнөн хааччыйыыга боломуочуйатын үөрэх уонна наука министиэристибэтиттэн көһөрөн, медицинскэй үлэһиккэ штатнай үлэ миэстэтэ суох Саха өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылыгар сүктэриллибитэ. Ол кэмҥэ Арассыыйа регионнарыгар бу боломуочуйаны үлэ төлөбүрүн фондатыттан, төлөбүрдээх штатнай медицинскэй үлэһиттэрдээх бэриллибитэ. Үөрэҕирии тэрилтэлэригэр штатнай миэстэ (единица) кырыымчыгыттан, оскуола үөрэнээччилэригэр медицина көмөтө оҥоһулларыгар тустаах медицинскэй үлэһиттэр суохтар эбит.  Амма улууһун дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Софья Лаврентьевна Александрова улууска биллэр педиатр быраас. Былырыын кулун тутар ыйга Москваҕа Федерация Сэбиэтин мунньаҕар бара сылдьан (мунньаҕы Валентина Матвиенко салайан ыыппыта) тымныы усулуобуйаҕа олорорбутунан, хас биирдии оскуолаҕа сылаас аһылык баар буолуохтааҕын туруорсубутун, бүгүн бу мунньахха сэргии иһиттим. Баҕар ол иһин дойдубут баһылыга Владимир Путин оннук соругу туруорбута буолуо диэн сабаҕалыаҕыҥ.

   СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Ньюргуна Афанасьевна Соколова 2019 сыл түмүгүнэн куораттар, улуустар үөрэҕириилэрин управлениетыгар 652 үөрэх тэрилтэлэрин 75%-ра медицинскэй кабинетынан хааччыллан үлэлии олороллорун ыйда. Ааспыт сыллааҕы түмүгүнэн, үөрэх тэрилтэлэригэр медицинскэй үлэһиттэр уопсай ахсааннара 405 киһи буолбутун уонна сыл түмүгүнэн төһө оҕо доруобуйатын туругунан уруогун көтүппүтүн сырдатта. Онон билиҥҥи олох ирдэбилинэн, оскуолаҕа анал медицинскэй үлэһит баар буоларын олох хаамыыта көрдөрөр дии саныыбын.

                    Сокуоҥҥа тирэҕирэн үлэ ыытыллыахтаах

Владимир Ильич Чичигинаров, СӨ доруобуйаҕа, социальнай көмүскэлгэ, үлэҕэ дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

  • Көһө сылдьар мунньахпыт сүрүн соруга, оскуолаларга медицинскэй өҥөнү оҥоруу уонна итии аһылыгынан хааччыйыы буолар. Медицинскэй көмөнү оҥоруу боппуруоһа биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр күүскэ турар. 2011 сыллаахха Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын сокуона тахсыбыта. Онтон 2012 сыллаахха Үөэрҕирии сокуона тахсыбыта. Ити сокуоннарга олоҕуран оскуолаларга үлэлии олорбут медицинскэй өҥөнү оҥоруу боломуочуйатын доруобуйа харыстабылыгар биэрбиттэрэ. Боростуойдук быһаардахха, медицинскэй үлэһиттэр биэлсэрдэр, быраастар оскуола бүддьүөтүттэн хамнастанан олорбуттара. Онтон бу сокуон киирэр сылыгар, доруобуйа харыстабылыгар үбүлээһин уурайбыта. Онон үбүлээһин булгуччулаах медицинскэй страхование  нөҥүө барар буолбута. Балыыһаларга боломуочуйа бэриллэн, бастакы сүһүөх медицинскэй көмөнү оҥоруу кинилэр үлэлэрин эбээһинэстэригэр киирбитэ. Онон медицинскэй өҥөнү балыыһалар толору хааччыйыахтаахтар диэн буолбута. Онон сиэттэрэн, оскуолаҕа медицинскэй үлэһит штата көрүллүбэт буолбута. 2015 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ боломуочунайы ылан баран, ыытыллыахтаах үлэ тэрээһинигэр дуогабар оҥорбута.  Онно үбүлээһин өттүгэр, өҥөнү оҥорор медицинскэй үлэһиттэр хамнастарын оскуола төлүүр уонна лицензияны оскуолалар ылаллар диэн дуогабарга сыыһа суруйбуттар. Билигин ол балаһыанньаны көннөрүөххэ наада.
  •  

         Оҕо тэрилтэтигэр  медицинскэй үлэһит баар буолуохтаах

Феодосия Габышева, СӨ наукаҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, култуураҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:

- Оскуола остолобуойдарын үлэһиттэринэн хааччыйыы, ассортимены оҥоруу, олохтоох оҥорон таһаарар бородууксуйаны туһаныы курдук боппуруостары бүгүҥҥү мунньахха кэпсэттибит. Билигин биһиги иннибитигэр орскуолаҕа  медицинскэй өҥөнү оҥоруу, аһылык хаачыстыбата, оҕо аһылыгын хааччыйарга төһө үп, норматив көрүллүөхтээһин туһунан боппуруос сытыытык турар. Дойду аҕа баһылыга Владимир Путин алын кылаас оҕолоругар босхо аһатыыны киллэрэр туһунан анал этиитигэр туһаайан турар. Манна бастатан туран, сокуоҥҥа уларытыы киллэриэхпитин наада. Онтон орто уонна үрдүкү кылаас оҕолоругар компенсациялыыр төлөбүр диэн аһылык ороскуотун толуйуу курдук, онно эбии харчы көрүүтүгэр салгыы үлэлээһин барыахтаах. Билигин бүддьүөт чопчуланыытыгар федеральнайтан уонна өрөспүүбүлүкэттэн кэлэр үбү тиийэр гына көрүөхтээхпит. Ол сыалтан улуус дьаһалталарын кытта бииргэ үлэлиэхтээхпит. Тоҕо диэтэххэ, муниципалитеттар бэйэлэрин үптэриттэн эмиэ харчы көрөллөр. Оскуолалар, ордук агрохайысхалаах оскуолалар бэйэлэрэ оҕуруоттаах, тэпилииссэлээх, сүөһүлээх-сылгылаах буоланнар, бэйэлэригэр эбии харчы оҥостоллор. Маны таһынан күһүҥҥү өттүгэр оҕуруот аһын эрэ буолбакка, айылҕа биэрбит быйаҥыттан отоннорбутун, үүнээйилэрбитин хомуйан, эбии аһылыкка туттарга, онно сүрүн үлэбитин ыытыахтаахпыт. Сүрүн болҕомто онно ууруллуохтаах.

   Онтон оскуолаҕа медицинскэй өҥөнү оҥоруу туһунан эттэххэ, медүлэһит туох баар нормативка  көрүллэр стандартка үөрэх тэрилтэтигэр урукку курдук штакка олороро эбитэ буоллар, барыта чуолкай буолуо этэ. Доруобуйа харыстабылын уонна үөрэҕирии министиэристибэтин кытта сүбэлэһэн баран бу боппуруоһу быһаарыахпыт дии саныыбын. Оскуолаҕа үлэлиир медицинскэй үлэһиккэ, каадыр быһыытынан үлэлииригэр туспа бэлэмнэнии наада. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр, оҕо уһуйааныгар медицинскэй үлэһит баар буолуохтаах. Федеральнайтан уонна өрөспүүбүлүкэттэн көрүллэр өҥөнү туһаныахтаах.

   Иҥэмтиэлээх итии аһылыкка судаарыстыбаннай таһымҥа анал норматив оҥоһуллар. Холобура, төһө солкуобайга оҕо аһыахтааҕын, менюга туох ас баар буолуохтааҕый, төһө битэмииннээҕий уонна астар ассортименнара барыта көрүллүөхтээх. Онтон тахсар расчеттар бааллар. Урут эмиэ оҥоһуллубуттара. Ол гынан баран бу расчеттар хас даҕаны  араас көрүҥнээхтэр. Ол курдук, алын уонна орто сүһүөх кылаас оҕолорун үөрэтэр анал оскуолаларга, ыарыһах оҕолорго диэн. Онтон көрөн, бу норматив оҥоһуллуохтаах. Бүгүн саамай тыҥаан турар боппуруос, 100 % алын кылааска үөрэнэр оҕолору туһалаах сбалансированнай,  иҥэмтиэлээх аһынан хааччыйыахтаахпыт.  

   Онон бу үлэ хайысхатын сүрүннүүргэ бырабыыталыстыба таһымыгар оробуочай бөлөх тэриллиэҕэ. Ил Түмэн дьокутааттара көхтөөхтүк кыттыахпыт диэн этэбин. Тоҕо диэтэххэ, бу кыһалҕаны кэлимник көрөн, сокуон быһыытынан уонна правовой докумуоннары барытын тэҥҥэ оҥорон, чахчы үлэлиир турукка тиэрдиэхтээхпит.

                            Үтүө түмүктэри кэтэһэбит

Николай Архипович Архипов, Амма улууһун баһылыга:

- Бу тэрээһиҥҥэ уопсайа 80-тан тахса ыҥырыллыбыт ыалдьыттар кэлэн кыттыыны ылан бардылар. Бэйэбит улууспутуттан оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан салайааччылара, улуустааҕы үөрэх управлениета, улуус олохтоох дьаһалтатын дьокутааттара кыттыыны ыллылар. Төгүрүк остуол тула аһаҕас кэпсэтиигэ сүрүннээн оскуолаҕа медицинскэй өҥөнөн хааччыйыы уонна оҕолору итии аһылыгынан хааччыйыы боппуруотара ырытылыннылар. Бу бүгүҥҥү күҥҥэ саамай тирээн турар кыһалҕабыт буолар. Тоҕо диэтэххэ, анал медицинскэй үөрэхтээх үлэһиттэрбит дуогабарынан үлэлии сылдьаллар. Социальнай пакеттара суох. Холобура, бүддьүөт финансовай өттө ыарахан буоллаҕына, үп кыайан көрүллүбэт. Былырыыҥҥы сылга олус эрэйдээхтик уһата-уһата төлөспүппүт. Онтон быйылгы сылга төлөнүөхтээх үп сыл аҥаардааҕы эрэ көрүллэн турар. Биһиги улууска таһымнаах оскуолалар, уһуйааннар элбэхтэр. Саамай кылаабынайа, инники кэскиллэрбит оҕолорбут доруобуйалара чөл туруктаах буолуон наада. Быйылгы сылбытын улууска Гражданственность уонна духуобунай өй-санаа түмсүүтүн сылынан биллэрэн турабыт. Бүгүҥҥү көрсүһүүгэ ыҥдьырыллыбыт ыалдьыттар, тэрилтэ салайааччылара, дьокутааттар санааларын аһаҕастык этиннилэр, кэккэ этиилэ киирдилэр. Маннык ыытыллар көрсүһүүлэргэ судаарыстыба өттүттэн болҕомто улахан буолар. Онон бүгүҥҥү кэпсэтиибит үтүө түмүктэрдээх буолуо диэн эрэнэбин. 

                    Ынах сүөһүттэн сылгы иитиитигэр көстүбүт

Людмила Кимовна Александрова, Амма улууһун Абаҕа агрохайысхалаах орто оскуолатын дириэктэрэ:

- 1992 сыллаахтан агрономическай хайысханан үлэлиибит. Ол сылларга Чурапчы улууһун Дириҥ нэһилиэгэ, Сунтаар улууһун Элгээйитэ бу хайысханан үлэлэрин саҕалаабыттара. Кинилэр кэннилэриттэн, бу хайысханан үлэбитин саҕалаабыппыт. Биһиги механизация, сүөһү иитиитэ, үүнээйи үүннэрии курдук эйгэнэн үлэлии сылдьабыт. Ол курдук, бастакытынан, лизенция ыламмыт оҕолору тракторист-машинист идэтигэр үөрэтэбит. Манна бэйэбит анал базалаах буоламмыт, үлэ күүстээхтик ыытыллар. Иккиһинэн сүөһү иитиитэ. Урукку өттүгэр ынах сүөһүнү көрөр этибит. Билигин сылгынан бардыбыт. Оҕолор сылгыны көрөргө үөрэнэллэр. Маастардаахпыт, бэйэбит икки үөр сылгылаахпыт. Ону көрөргө-харайарга оҕолору үөрэтэбит. Үсүһүнэн, үүнээйи. Амма кэрэ айылҕатыгар эмтээх үүнээй арааһа үүнэр буоллаҕа. Ол иһин бу үлэҕэ балайда уопутурдубут. Бэйэбит оскуолабытын хортуосканан, оҕуруот астарынан, үүнээйинэн толору хааччынабыт.   

   Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин оскуола алын кылаас үөрэнээччилэрин босхо аһатыахха диэн бэйэтин туһаайыытыгар этэн турар. Бу саамай сөптөөх этии. Туох кистэлэ кэлиэй, тыа сиригэр кыаммат-түгэммэт дьиэ кэргэн олус элбэх. Ол иһин оҕо оскуолаҕа кэлэн тотоойутук аһыыр. Сарсыарда оскуолаҕа кэлэн, сарсыардааҥҥы аһылыгын аһыыр. Хааһы хас да көрүҥүн астыыбыт. Эбиэккэ анал бигэргэммит менюнан аһатабыт эрээри, хоиойуох иһин ону барытын кыайан тутуспаппыт. Харчы кыайан көрүллүбэт. Төрөппүт бэйэтин үбүнэн оҕотун аһатар. Улуус өттүттэн көрүллэр харчы кыра. Биһиги агрооскуола буоламмыт арыыбыт бэйэбит киэнэ, үүт туттаран арыынан эргитэн ылабыт. Эппит эмиэ бэйэбититтэн. Кэнники сылларга оскуола оҕотун рационугар убаһа этин көҥүллүүр буоллулар. Онон оҕолорбут убаһа этиттэн минньигэстик астаммыт бүлүүдэлэри сиир буоллулар.

   Оҕо доруобуйата уһуйаантан саҕаланар. Төһөнөн элбэхтик  иҥэмтиэлээх аһы аһыыр да, оҕо туруга чөл буолар. Хомойуох иһин, билиҥҥи туругунан аварийнай туруктаах, тымныы оскуолаҕа үөрэнэбит. Оскуола тутуутун туруорсубуппут ыраатта. Онон саҥа оскуола тутулларын тулуйбакка-тэһийбэккэ кэтэһэбит. Ол иһин оҕо хайаан да сылаас аһы аһыахтаах диэн күүскэ турунан үлэлии сылдьабыт. Оскуолабыт тутуутун бырайыага экспертизаҕа сылдьар, харчыта көрүллүбүтэ.  Быйыл саас сыбаайата түһүөхтээх. Билигин үлэлии олорор оскуолабыт 1971 сыллааҕы тутуу. Хомойуох иһин, аҥаара сабыллан турар. Онон оҕолорбутун икки симиэнэнэн үөрэтэбит. Урут ынах сүөһүбүтүн маастар көрөрө. Билигин сүөһүбүтүн эһэн, убаһанан бардыбыт. Ол убаһабыт этин атыыга таһааран, арыыга атастаһабыт. Онон оҕолорбут астарын бэйэ оҥорон таһаарар олохтоох бородууксуйабытынан  хааччыйабыт.

                              Мунньах быыһын сэгэттэххэ...

   Маннык мунньахтар ыытыллаллара, биһиги ыытар үлэбитигэр төһүү күүс буолар дэһэллэр тэрээһин кыттыылаахтара.

Инники кэскиллэрбит доруобай буолалларыгар, биһиги төрөппүттэр уонна уопсастыбаннас сокуону түстүүр, нормативнай-правовой докумуоннары, бырайыактары оҥорон киллэрэр, туруорсар дьон манна кэлэн үлэлэһэ сылдьаллара биһиэхэ үчүгэй диэн санааларын үллэстэллэр. Дьон баҕа санаата араас. Медицинэ өттүгэр туох кыһалҕаны туруорсуоххут этэй диэн ыйытыыга “Оскуолаҕа уонна оҕо уһуйааныгар медик штата баар буолуон баҕарабыт”, - диэн баҕа санааларын этинэллэр. Доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх министиэристибэтэ оҕо доруобуйатын сүрүн болҕомтоҕо ылан биир быһаарыныыга кэлэллэригэр баҕаларын туруорустулар. Кэм ирдэбилэ, медицинскэй үлэһит оҕо тэрилтэтигэр булгуччу баар буолуохтаах. Каадыр боппуруоһа ханнык баҕарар улууска, нэһилиэккэ сытыытык турар эбит. Анал үлэһиттэр этэллэринэн,  медицинскэй өҥөнү уһуйааннарга төлөөн олорор буоллахпытына, ол медиктэр бэйэлэрин социальнай гарантияларыгар көрүллүбэт, учуоттаммат. Кылгастык быһааран биэрдэххэ, үлэлэрин ыстааһыгар ааҕыллыбат. Онтон оскуолаларга гигиена инструкторын штата эмиэ хааччахтаах. Онно медицинскэй ирдэбиллэр сөп түбэспэттэр. Билигин оҕо тэрилтэтигэр медик штата көрүллүбэтэ улахан “глобальнай” кыһалҕаҕа кубулуйбут. Лицензияны уонна медицинскэй үлэһит штатын доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ сүрүннүүр. Оҕо доруобуйатын туруга барыта анал медицинскэй каартаҕа толоруллан иһиэхтээх диэн сытыы тыллар иһиллэн аастылар.

    Түмүккэ, Ил Түмэн икки сис кхэмитиэттэрэ кыттыылаах көс мунньахха этиллибит баҕа санаалар, кэпсэтиилэр,  салгыҥҥа ыйанан хаалбакка, аны биир сылынан олоххо киирэрэ буоллар, норуот талан ылбыт дьокутааттарын үлэтэ арылхайдык көстүө этэ дии саныыбын. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...