11.07.2021 | 10:00

Орто үөрэх бары өттүнэн барыстаах

Орто үөрэх бары өттүнэн барыстаах
Ааптар: Валерия МИХАЙЛОВА
Бөлөххө киир

Күнтэн күн биһиги тулалыыр дьон санаатын истэргэ үөрэнэн хаалбыппыт. Ол санааларга куруук итэҕэйэбит, эрэнэбит, ол эрээри хас биирдии киһи тус бэйэтэ көрүүлээх буоларын бэркэ диэн билэбит. Ол курдук “стереотип” диэн өйдөбүл олохсуйан хаалар.

“Үрдүк үөрэхтээх дьон эрэ элбэҕи ситиһиэ, байыа” – диэн тыллары бары истибит буолуохтааххыт. Бу баар дьиҥнээх стереотип. Ол сүүс бырыһыан сөптөөх этии буолбатах. Үөрэҕирии министиэристибэтин статистикатын көрдөххө, кэнники алта сыл иһигэр орто үөрэххэ үөрэнэр эдэр дьон 10%-ан элбээбит эбит.

Тоҕо оҕолор орто үөрэххэ киирэ сатыылларый? Бастатан туран, үксүн үп-харчы кыһалҕата күһэйэр. Билиҥҥи кэмҥэ үрдүк үөрэхтэргэ босхо үөрэтии миэстэлэрэ аҕыйаата, үөрэх сыаната олус үрдээтэ. Иккиһинэн, аныгы оҕолор эдэр саастарыттан үлэлээн, харчы өлөрөн, төрөппүттэриттэн тутулуга суох буолар сыаллаахтар.

 

Барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах

Биллэн турар, үрдүк үөрэх туһата суох диир сыыһа, ол эрээри орто да үөрэхтээх дьон элбэҕи ситиһиэн сөп. Атын өттүттэн көрдөххө, дьон бары туох эрэ улаханы ситиһэр сыала суох. Баҕар, киһи бэйэтэ кыра сааһыттан бухгалтер, ол эбэтэр слесарь буолар баҕа санаалааҕа буолуо дии. Ол иһин бу сөп, бу сыыһа диир эмиэ да соччото суох. Хас биирдии киһи бэйэтэ билиэхтээх –  туох киниэхэ үчүгэйин уонна куһаҕанын. Барыта киһи бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах.

Орто үөрэх кыһатын бүтэрбит оҕолору кытта кэпсэттим.

Богдан Семенов, 20 саастаах:

Мин 9 кылааһы бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы Потребительскай кооперация атыы-эргиэн колледжыгар (ЯТЭК ПК) үөрэххэ повар идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Төлөбүрдээх үөрэх буолан, туттарсарга ыарахан буолбатах этэ. Кыра сааспыттан повар буолар баҕа санаалаах этим, ол иһин үөрэҕим миэхэ чэпчэкитик барбыта. Идэҕин сөбүлээн талбыт буоллаххына, үөрэххэр кыһалҕалары көрсүбэккин.

Повар идэтигэр, мин санаабар, биир даҕаны куһаҕан өрүттэр суохтар. Тэҥҥэ үөрэммит оҕолорбун кытта билигин даҕаны үчүгэйдик алтыһабыт. Үс сыл номнуо ааспытын кэннэ, дипломмун тутаат, армияҕа барбытым. Онтон биир сылынан чугас доҕорум рестораҥҥа идэбинэн үлэҕэ ыҥырбытыгар сөбүлэһэн, этэҥҥэ үлэлии сылдьабын. Бу курдук повар карьератын саҕалаатым.

Василина Евсеева, 21 саастаах:

– Бу сылга Дьокускайдааҕы инновационнай технология колледжын бүтэрдим. Идэм “Разработчик веб и мультимедийных приложений” диэн буолар. Кылгастык эттэххэ – веб-разработчик. Интернет сайтары уонна көмпүүтэр, төлөпүөн сыһыарыыларын айан оҥорорго үөрэтэллэр. Ол аата сайт тас көрүҥүн уонна иһинээҕи структуратын (код) суруйарга үөрэммиппит. Орто үөрэх буолан, туттарсарбар аттестат орто сыанатын көрбүттэрэ. Оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим, ол иһин бүдьдьүөттэн үбүлэнэр миэстэҕэ хапсыбытым.

Үөрэхпэр бастыҥ үөрэнээччилэргэ ыйдааҕы стипендия 4500 солкуобай, ону кытта үрдэтиллибит стипендия эмиэ баар. Мин санаабар, бу хайысханы оскуолаттан саҕалаан интириэһиргээбит уонна үөрэппит киһиэхэ үөрэнэргэ син чэпчэки буолар. Ордук эр дьон баһылыыр хайысхата буолан, бөлөхпүтүгэр 6 кыыс уонна 14 уол буолан үөрэммиппит. Улахан аҥаара, дууһалара талбыт идэлэринэн киирбит буолан, күүскэ кыһаллар оҕолор этэ.

Билиҥҥи үйэҕэ технология уонна IT балысханнык сайда турар кэмэ. Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ, кыраҕа даҕаны, улахаҥҥа даҕаны, бизнес-сайт наадалаах уонна үлэтигэр туһалаах. Киһи сайтка олорон элбэх иһитиннэриини билэр, ырыҥалыыр, үөрэтэр. Элбэх туһалаах уопут уонна билии ылар курдук. Практиканы инникитин үлэлиэн баҕарар сиргэ ааһар ордук эбит. Мин талбыт идэм сүрдээх интириэһинэй уонна киһи наар сайдар хайысхата дии саныыбын. Ол иһин, хайаан да идэбинэн үлэлиир былааннаахпын.

Киһи хаһан баҕарар бэйэтин булар

Дарья Семенова, 21 саастаах:

– Дьокускайдааҕы педагогическэй колледжка начаалынай кылаас учууталыгар үөрэммитим. Үс сыл үөрэнэр кэммэр син элбэх оҕо үөрэҕин бырахпыта. Үөрэхпит олус ыарахан этэ, сорох дьон ноҕуруусканы кыайбакка сыыйыллыбыттара.

Учуутал диэн урут-уруккуттан бар дьон ытыктыыр идэтэ. Билигин даҕаны бу уһулуччу суолталаах идэ буолар. Үлэ хаһан баҕарар булуохха сөп, оннооҕор оскуолалар бэйэлэрэ ыҥыраллар.

Бастакы кууруска уруоктар хайдах ааһалларын кэтээн көрөөччүбүт, бүтүн оскуола үлэтэ хайдах барарын эмиэ билбиппит. Иккис кууруска номнуо бэйэбит оҕолору үөрэтэн саҕалаабыппыт, дьэ, ол ыарахан этэ. Түүнү быһа уруокка бэлэмнэнээччибит, күнүһүн оҕолору үөрэтээччибит. Учуутал идэтэ ыараханын онно өйдөөбүтүм.

Мин санаабар, орто үөрэх сүрүн үчүгэй өттө – түргэнник бэлэм идэлээх үлэһит буоларыҥ. Үөрэхпин бүтэрээт, бэйэм дойдубар баран учууталынан үлэлии киирбитим. 

 Инна Соловьева, 22 саастаах:

– Дьокуускайдааҕы атыы-эргиэн колледжыгар логистика хайысхатыгар үөрэммитим. Үөрэҕим үп-харчы эйгэтигэр сыһыаннаах буолан, элбэх формулалары, докумуоннары үөрэтээччибит. Бэйэм ордук тыл өттүгэр күүстээхпин, ол иһин кыратык ыарырҕатар этим. Ол эрээри ис хоһоонун өйдөөтөххүнэ барыта табыллар.

Баҕарбыт үөрэхпэр бүддьүөт миэстэҕэ тиксибэтэҕим, ол иһин билиҥҥи үйэҕэ наадалаах идэҕэ туттарсыам диэн санаа эмискэ үөскээбитэ. Үчүгэйэ диэн, устудьуон уопсай дьиэтэ баар уонна үрдүк таһымнаах преподавателлэр үөрэтэллэр.

Биһиги өрөспүү-бүлүкэбитигэр логист идэтэ олус наада, холобур, “Айгуль” уонна ФАПК “Якутия” курдук улахан тэрилтэлэр оннук дьоҥҥо өрүү наадыйаллар. Биирдэ коллеһым аатыттан Москва куоракка научнай-практическай конференцияҕа кыттарбар, преподавателлэрим күүс-көмө буоланнар, үһүс миэстэ буолбутум.

Үөрэнэ сылдьан биири өйдөөбүтүм – үп-харчы эйгэтэ миэнэ буолбатах эбит. Ол иһин айар үлэ өттүнэн барарга былааннаммытым. Ол эрээри маннык улахан уопут ылбыппыттан кэмсиммэппин. Киһи бэйэтин аналын хаһан баҕарар тобулар дии саныыбын. Бэйэтин бириэмэтин харыстыыр уонна кырдьык бу идэни баһылыахпын баҕарабын диир киһиэхэ орто үөрэх наада дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, орто үөрэх кыһатыгар чуолкай хайысхалаах эрэ идэлэр бааллар.

***

Бу курдук орто үөрэх үчүгэй өрүттэрэ быдан элбэх буолан тахсар. Билиҥҥи кэмҥэ орто үөрэх кыһатыттан тахсар специалистар, ону тэҥэ олоҕу тутан олорор оробуочай идэлэр ордук ирдэнэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...