21.09.2022 | 12:00 | Просмотров: 632

«Орто Дойду» зоопааркаҕа чэпчэтии биллэрилиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Орто Дойду» зоопааркаҕа оскуола оҕолоругар уонна устудьуоннарга аахсыйа биллэрилиннэ – алтынньы 5 күнүгэр диэри биир билиэтинэн икки киһи киириэн сөп.

Зоопаарка үлэһиттэрэ тымныы түһүөн иннинэ кэлэн кыыллары көрөргө ыҥыраллар. «Орто Дойдуга» сүүстэн тахса араас көрүҥ, ол иһигэр сэдэх, симэлийэн эрээччилэр ахсааннарыгар киирэр кыыллар бааллар.

В.Г. Алексеев аатынан «Орто Дойду» өрөспүүбүлүкэтээҕи зоопаарка Покровскайдыыр суол 50-с км баар уонна күн аайы үлэлиир.

«Орто Дойду» – уһулуччу тымныы усулуобуйатыгар үлэлиир аан дойдуга соҕотох зоопарка,  2001 сыллаахха СӨ бастакы Бэрэсидьиэнэ  Михаил Николаев көҕүлээһининэн тэриллибитэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.