Оптуобустар сырыыларыгар бэрээдэк олохтонуо дуо?
(Мээрийэ хас да маршрут тэрилтэлэрин кытта дуогабардары көтүрүөҕэ)
Дьокуускай дьаһалтата 2, 3, 8, 35-с оптуобустар маршруттарын салайар тэрилтэлэргэ элбэх кэһиилэрин иһин, дуогабардары көтүрэр туһунан иһитиннэрэр сурук ыытта.
«Бу маршруттарга кэнники ыйдарга дуогабар усулуобуйатын кэһии элбэхтэ таҕыста. Былааннаммыт таһыы кээмэйин бырыһыана туолбатаҕын бигэргэтэр докумуоннар бааллар. Бу барыта сырыы графигар охсор уонна тымныы кэмҥэ куорат олохтоохторугар харгыстары үөскэтэр. Графигы кэһии дьон тоҕуоруһуутун үөскэтэр, бу коронавирус хааччахтааһынын кэмигэр бобуллар», — диэн суол инфраструктуратын уонна тырааныспарын управлениетын салайааччыта Николай Старостин бэлиэтээтэ.
2,3, 8, 35 №-дээх оптуобустар сырыыларын кэтээн көрүү түмүгүнэн, дуогабарынан алын көрдөрүү кээмэйэ 90 % буолуохтааҕа, пассажирдары таһыы былаанын 76-80 % туолара билиннэ.
Маны таһынан, икки маршрукка хас да оптуобус сүүрэ тахсыбат: 3-с №-дээх маршрукка 29-тан 16-та, 8-с №-дээх маршрукка 25-тэн 14-дэ эрэ сылдьар. Балаҕан ыйыгар бу маршруттар оптуобустарын кыра аҥаардара эрэ сүүрбүтэ быһаарыллыбыт.
«30 күн устата таһааччылары быһаарар куонкурус биллэриллиэҕэ, онуоха диэри пассажирдары таһыы баар дуогабардарынан оҥоһуллуоҕа. Маннык миэрэ бэрээдэги олохтуурга көмөлөһүөҕэ», — диэн Николай Старостин тоһоҕолоон эттэ.