01.04.2024 | 11:59

Оптуобуска уу харчынан төлөһөр ордук ночооттоох

Оптуобуска уу харчынан төлөһөр ордук ночооттоох
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 1 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарынан айан төлөбүрүгэр уларыйыылар киирдилэр. 
Ол курдук, куорат иһинэн сылдьар оптуобустары ылан көрдөххө, «Спутник» каартанан, баан каарталарынан уонна уу харчынан төлөһүү туһааннааҕынан 3 солк., 4 солк. уонна 5 солкуобайынан үрдээтэ. Ол эрээри проездной билиэт сыаната уруккутунан хаалла. Инньэ гынан бүгүҥҥү күҥҥэ биир айан иһин 33 солк. төлөбүрдээх «Спутник», тырааныспар кумааһынньыктаах тынаарыспар уонна виртуальнай каарталар саамай барыстаах буоллулар. Ол эрээри проездной билиэт сыаната оннунан хаалла: 60 хонуктаах 40 уонна 60 айаннаах проездной билиэттэр сыаналара туһааннааҕынан – 950 солк. уонна 1300 солк., 30 хонуктаах 60 айаннаах билиэт – 1200 солк. (Тэҥнээн көрүүгэ: баан каартатынан биир айан – 40 солк., уу харчынан биир айан – 45 солк.) 
Куорат таһынааҕы оптуобустарга эмиэ уу харчынан төлөһүү саамай ороскуоттаах тарыып буолла, ол курдук бырайыас сыаната 7 солк. үрдээн, 85 солкуобайга тэҥнэстэ. 
Баан каартатынан төлөһө үөрэммит пассажирдарга эмиэ 2 солк. кээмэйдээх үрдээһин буолан, бырайыас сыаната 70 солк. тэҥнэстэ. «Спутник» электроннай тырааныспар каарталаахтарга тарыып уруккутунан – 66 солк. хаалла, проездной билиэт сыанатыгар эмиэ уларыйыы киирбэтэ. Санатар буоллахха, куорат кытыытынааҕы оптуобустарга биир ыйдаах проездной билиэт сыаната 2700 солк. тэҥнэһэр, Жатай бөһүөлэгэр тиийэ сылдьар проездной билиэт сыаната – 3100 солк.
Бэлиэтээн эттэххэ, оскуола үөрэнээччилэригэр 1-4 кылааска диэри куорат оптуобустарынан айан босхо. 5-11 кылааска үөрэнэр намыһах дохуоттаах ыаллар оҕолоро «Оскуола каартатынан» эмиэ босхо айанныыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...