Оптуобус сырыыта, сыана үрдээһинэ – дьон санаата
Дьокуускай куораппыт сыллата иэнэ кэҥиир, нэһилиэнньэтэ хаҥыыр. Онтон куорат олоҕун тэтимэ кыл түгэнэ да бытаарбакка иннин хоту устар. Ким үлэтигэр, ким үөрэҕэр кэми баттаһа тиийээри күннэтэ ыраах сири айанныыр. Инньэ гынан, куорат хас биирдии олохтооҕун күннээҕи олоҕор уопсастыбаннай тырааныспар сырыыта улахан оруоллаах биир тыын боппуруоһунан буолар.
Бу күннэргэ тохсунньу 1 күнүттэн Дьокуускайга уопсастыбаннай тырааныспарга айан төлөбүрэ уу харчынан төлөөччүгэ 50 солк. буолуоҕа диэн иһитиннэриилэр социальнай ситимнэргэ хото тарҕаннылар.
Иһитиннэриилэргэ суруйулларынан, чааһынай оптуобустары бас билэр “СоюзАвто” кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ уопсастыбаннай тырааныспарынан айан төлөбүрүн 50 солкуобайга диэри үрдэтэргэ тыл көтөхпүт. Оптуобуһунан айан сыанатын үрдэтии төрүөтүн уматыкка, саппаас чааска ороскуот, суоппардар хамнастара уо.д.а. хоромньу үрдээһинин кытта ситимнээн быһаарбыттар. Баан каартатынан төлөөччүгэ айан сыанатын 45 солк. гынарга этии киллэрбиттэр. Билиҥҥитэ бу суумалар, сыана үрдүүрэ бигэргэнэ илик.
Сыана үрдээһинин туһунан «Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата» муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччыта Эдуард Садовниковтан чопчуластыбыт:
Хас сыл аайы дьону таһыынан дьарыгырааччыларбыт бэйэлэрин суоттаныыларын уонна тарыыпка этиилэрин биһиэхэ ыыталлар. Ону биһиги үлэ хаамыытынан көрсүһүүлэргэ көрөбүт, анаалыстыыбыт. Манна киһи соһуйара суох. Ол сиэринэн быйыл эмиэ, аҕыйах хонуктааҕыта, перевозчиктар бэйэлэрин этиилэрин киллэрбиттэрэ, ону сиһилии ырытан көрүү күүтэр. Бу түргэнник оҥоһуллар үлэ буолбатах, эбиитин билигин сыл бүтүүтэ буоларын учуоттаан туран. Инньэ гынан, билиҥҥи туругунан, чугастааҕы кэмҥэ куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар тарыып үрдүө суоҕа.
Маны таһынан Дьокуускай куорат бары маршруттарынан сүүрэр оптуобус суоппардарын уонна пассажирдары түмэр сыаллаах тэриллибит телеграм-бөлөххө быйыл оптуобус уларытыллыбыт маршруттарын тула үгүс кэпсэтии тахсар. Биллэн турар, үгүс сыллаах үөрүйэҕи уларытыыны атыҥырааһын суоппардар даҕаны, пассажирдар даҕаны өттүлэриттэн суох буолбатах. Ол курдук, «Якутск» телеграм-ханаалга Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Садовников 12-с нүөмэрдээх маршрут суоппардарын өттүттэн тахсыбыт быһыыга-майгыга сыһыаннаан видео-иһитиннэриитигэр уопсастыбаннай тырааныспар сүрүн соругунан нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах өҥөнү оҥоруу буоларын тоһоҕолообута.
Маны сэргэ “Эхо столицы” хаһыат тохсунньу 9 күнүгэр телеграм-каналыгар Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев 5-с уонна 7-с нүөмэрдээх оптуобустар, ордук ыгылаан кэмҥэ, тобус-толору буолар кыһалҕатын суһаллык быһаарарга модьуйбутун туһунан суруйда. “Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата” МКУ салайааччыта Эдуард Садовников 5-с маршрукка ПАЗ оптуобустар сүүрэр буоланнар, бу кыһалҕа чахчы баарын бэлиэтиир. Оттон “СоюзАвто” НО салайааччыта Андрей Косицкай билигин сорох оптуобустар техосмотру бара турар буоланнар, үлэҕэ тахса иликтэрин, бэрт соторунан бу тыҥааһын намырыаҕын эппит.
Манан сэдиптээн дьон-сэргэ куорат иһинээҕи оптуобус сырыытын, сыана үрдүүрүгэр туох санаалаахтарын туһунан сурастыбыт. “Төһө киһи баар да, оччо санаа баар” диэтэллэр даҕаны, дьиҥ баар кыһалҕаны үгүс ааттыыр буолуохтаах.
Николай, ыскылаат оробуочайа, куорат кытыы сирин олохтооҕо:
– Сыана үрдээбэтэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Дьиэлээхтэр биэс киһи буоллахпытына, бэһиэн ким үөрэҕэр, ким үлэтигэр күн аайы тиэстэбит. Сыана үрдүүр түгэнигэр дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр биллэ охсоро буолуо. Кыһыҥҥы өттүгэр биир үксүн оптуобуһунан сылдьарга күһэллэбит. “Житель города” чэпчэтиитинэн туһанабыт.
Саргы, устудьуон:
– Уопсайым үөрэхпиттэн чугас буолан сатыы сылдьабын. Биирдэ эмэ дьоммор баран кэлээри оптуобустанабын. Тохтобулбут сылаас буолбатах. Оптуобус кэлиитэ тардылларыгар түбэһэ иликпин.
Трофим, охранник:
– Үлэ күннэригэр 5-с маршрутунан сылдьабын. Киирбит уларытыы чопчу миэхэ улаханнык дьайбата, тиийиэхтээх сирбэр тириэрдэр. Куһаҕана диэн – кэлин өр күүттэрэр, оптуобус иһэ лыык курдук киһинэн толору, симиллии кытаанаҕа буолар. Иһиттэххэ, бу кыһалҕа соторунан быһаарыллыа диэбиттэр этэ. Оттон сыана үрдүүрүн туһунан эттэххэ, ким сөбүлүөй өҥө үрдүүрүн. Ол эрээри туохха барытыгар сыана үрдүү турар дии. Ону хайдах гыныахтарай...
Валентина, эбии үөрэхтээһин педагога:
– Кэмиттэн кэмигэр оптуобуска олорсобун. Сылаас тохтобуллар өссө элбииллэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Саҥа оптуобустарга түбэстэххэ, киһи үөрэр. Киэҥник, холкутук айанныыгын. Сыана үрдүүрүн туһунан истэ иликпин. Наһаа эрэ эппэтэллэр.. син биир үрдүүр буо...
Катя, оскуола үөрэнээччитэ:
– 17-с нүөмэрдээх оптуобус чаастатык сылдьар буолан, оскуолабар хойутуу иликпин. Таһырдьа наһаа өр турбаппын.
Татьяна, атыыһыт-консультант:
– Үлэлиир сирим тэйиччи буолан, наар оптуобуһунан сылдьабын. 7-с маршрутунан. Оптуобус сороҕор бириэмэтин тутуспат курдук көрөбүн. “Умный транспорт” сыһыарыынан тутта үөрэммитим абырыыр.
Евгения Афанасьева, элбэх оҕолоох ийэ:
– Киһи эрэ барыта массыыналаах буолбатах. Оттон күннээҕи олоҕу былаанныырга маршрут оптуобуһа улахан оруоллаах. Кэмигэр кэлиэ дуу, суох дуу диэн саарбахтыы-саарбахтыы наар эрдэ тахсар ардыгар кыаллыбат. Кэлин сылаас тохтобуллар баар буолбуттара олус үчүгэй. Инникитин өссө элбииллэрэ буоллар, тымныы кыһыны күүскэ билбэккэ аһарыа этибит. Ордук оҕолорбут элбэхтик кэлэллэр-бараллар. Барыларын араас дьарыкка массыынанан таһар кыаллыбата биллэр. Онон маршрутнай оптуобус биһиги дьиэ кэргэҥҥэ абыраллаах өҥө. Сыана, үрдүүр да түгэнигэр, наһаа сиэри таһынан таһымнаабата буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Түмүккэ, оптуобуһунан айан сыаната үрдүүрүгэр тохтоотоххо... Биллэн турар, кыһынын тыйыс усулуобуйалаах куораппытыгар оптуобус ороскуота үгүс, оттон сыана күн-түүн үрдүү турар. Маны барытын учуоттаан, сөптөөх орто сыананы быһааралларын эрэнэ күүтэбит. Ол эрээри нэһилиэнньэ бүддьүөтүгэр күүскэ охсубат курдук тарыып сыыйа-баайа үрдүөхтээх, ону кытта тэҥҥэ өҥө хаачыстыбата эмиэ тупсуох тустаах. Оттон маршруттар уларыйыылара нэһилиэнньэҕэ табыгастаах гына олох хаамыытынан сааһыланан, оннуларын-тойдорун кэмигэр булуохтара.