Оптуобус суоппардара күрэхтэһэллэр
Күрэх тэрийээччилэрэ – «Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи» МХТ уонна Олохтоох дьаһалта Куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар департаменын Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар управлениета.
Күрэх икки номинациянан ыытыллар – «Оптуобус маршрутун бастыҥ суоппара» уонна «Куорат бастыҥ пассажирскай маршрута». Бастакы номинацияҕа 10 суоппар кыттар. Кыттааччылар суол быраабылатын билиилэрин, итиэннэ мэһэйдэри туоратан көрдөрдүлэр. Суоппардар ГИБДД бэлэмнээбит 20 ыйытыылаах билиэттэригэр хоруйдаатылар. Итини таһынан, дьүүллүүр сүбэ тырааныспар техническэй туругун сыаналаата. Ол курдук, тырааныспар 36 критерийинэн сыаналанна, ол иһигэр ититиигэ, вентиляцияҕа, сырдатыыга, видеорегистраторга, аудиоинформаторга, валидаторга, оптуобус төһө ырааһыгар болҕомто уурулунна.
«Пассажирдары тиэйиини тэрийээччи» МХТ салайааччыта Эдуард Садовников бэлиэтээбитинэн, куонкурус уопсастыбаннай тырааныспар суоппарын идэтин статуһун үрдэтэр сыаллаах ыытыллар.
Иккис номинация кыайыылааҕын сүүмэрдииргэ дьүүллүүр сүбэ олохтоохтортон үҥсүү киирбэт, туох да быһылаана суох куорат маршрутун талыаҕа. Итини сэргэ графиктарын тутуһууга болҕомто ууруллуоҕа.
Күрэх кыайыылаахтара куорат баһылыга Евгений Григорьев харчынан бириистэрин тутуохтара.