22.11.2024 | 10:00

«Оптуобус боппуруоһугар эттэхпинэ...» — диир куорат олохтооҕо

«Оптуобус боппуруоһугар эттэхпинэ...»  — диир куорат олохтооҕо
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Сэтинньи 18 күнүттэн уларытыллыбыт оптуобус сырыытын туһунан нэһилиэнньэ санаатын билээри, "Звезднай" – "Воинскай" – Кульбертинов уул. – Сэргэлээх шоссета – Борисовка-1 – Хатыҥ Үрэх – Кржижановскай уул. –  203-с түөлбэ – М. Николаев аатынан проспект – "Прометей" хайысханан оптуобус кэтэһэн турааччылары кытта кэпсэттибит.

Бэлиэтээн эттэхпитинэ, саҥардыллыбыт оптуобус сырыытынан эбии биэс уулусса хабылынна. Биллэн турар, манна олорор куорат дьонугар бу үчүгэй сонун. Сүрүн уларыйыыларга тохтоон аастахпытына, «Прометей» түөлбэҕэ 5 №-дээх оптуобус эбии киирдэ. 16 уонна 7 №№-дээх маршруттар «Птицефабрика» (Кульбертинов уулуссатыттан Сэргэлээхтиир шоссеҕа диэри) сылдьаллар. Хатыҥ Үрэх шоссетынан урут сылдьыбыт 25 №-дээх маршрут оннугар билигин 12 №-дээх саҥа маршрут киирдэ. Сэргэлээхтиир шоссеҕа 35 №-дээх оптуобус эбии тиийэр буолла.

1 №-дээх поликлиниканы 6 №-дээх, 5 №-дээх, 11 №-дээх оптуобустар эбии таарыйар буоллулар.

Урукку 15 №-дээх маршрут оннугар 19-таах оптуобус сылдьыаҕа.

Чиряев уулуссатыгар эбии 14 №-дээх, оттон Киров уулуссатыгар 6 №-дээх маршруттар баар буоллулар.

«Оптуобус сырыытыгар туох санаалааххын?» диэн ыйытыылаах биһиги сэтинньи 19 күнүгэр Дьокуускай  куораппыт саҥа тутулла турар түөлбэтигэр «Звезднайга» сарсыарда 10.00 чаас иннинэ тиийэбит.

Уулуссаҕа киһи суоҕун кэриэтэ. Оптуобус тохтобулугар  түөртээх-биэстээх  оҕолоох  эдэр  ийэни көрсөн кэпсэтэбит.

– Биһиги  саҥа оптуобуска  таҕыстыбыт. Манна олорбоппут. Ыалдьыттыы кэлэ сылдьабыт. Сибилигин 1 №-дээх оптуобуһу куоттаран кэбистибит. Аныгыскы ханнык кэлэрин билбэппин. Ханнык кэлэринэн сыантырга тиийэрдии айаннаары турабын, – диэн буолла.

«Воинскай» диэн тохтобулга балачча киһи баар.

Захар, биэнсийэлээх:

– Воинскай уулуссаҕа олоробун. 16 №-дээх оптуобуспут Птицефабрика диэки барар буолбут эбит. Онон Гимеиҥҥэ тахсар буоллубут. Урут поликлиникабыт иннигэр түһэрбитин суохтуурбут  буолуо...

Анна Сергеевна, үлэһит:

– Мин үлэм күнүгэр сарсыарда алтаҕа барабын. Сылаас тохтобул баар  буолан үчүгэй. Ол эрэн олус кирдээх буолар. Манна сылдьар, олорор дьон бэйэбит сыһыаммыт буоллаҕа дии,  дьиҥэр. Ол гынан баран кэмиттэн кэмигэр хомуллара буоллар диэн баҕа санаабын этэбин.

Салгыы ДСК кэтэх өттүнэн саҥа оҥоһуллубут шоссенан элээрдэбит. Тохтобулга биир эдэр киһи турарын көрүстүбүт.

Саша, үлэһит:

– Оптуобуспун кэтэспитим сүүрбэччэ мүнүүтэ буолла. Бу – кэлэн иһэр диэн көрдөрбөт. Биир өттүттэн икки мүнүүтэнэн диэн бу көстөр, – эдэр киһи «Умный транспорт» сыһыарыыны тутан турар.

Урут манна 14 №-дээх оптуобус сылдьара үчүгэй этэ. Куорат киинигэр тиийэн, үлэбэр чугаһыырым. Билигин аны Гимеиҥҥэ тиийэммин, атын  оптуобуска олорсуохпун  наада.

Аныгыскы оптуобус тохтобулугар биир кыыс турар. Кини маннык хоруйдаата.

Анюта, устудьуон:

– 14 №-дээх оптуобус аһары табыгастаах маршруппун ылан кэбиспиттэрэ олус куһаҕан. Үөрэхпэр мантан эрэ олорсон тиийэр этим. Ол кэриэтин эбии маршрут оҥорон биэрбиттэрэ буоллар. Бу саҥа маршрут биһиэхэ олох табыгаһа суох. Айаммар чаас курдугу сүтэрэбин. Оптуобус тохтобулуттан ыраах олоробун, дьиэбиттэн маныаха диэри балайда хааман кэлэбин, аны манна кэлэн сүүрбэччэ мүнүүтэ оптуобуспун күүтэбин. Онтон атын оптуобуска көһөн, университеппар тиийиэхпин наада. Чэ, итинник, олох табыгаһа суох.

Борисовка-1 тохтобулугар турар эдэр ыал «оптуобус сырыытыгар туох да этэрбит суох, биһиэхэ санаабыт иһинэн» диэн илиилэрин нэлэҥнэппиттэрин иһин ааһа турдубут.

Хатыҥ Үрэх шоссетынан сылдьар оптуобустар тохтобулларыгар биир да киһи суоҕа, оптуобуһу утары көрсүбэтэхпит даҕаны толкуйдатан эрдэҕинэ, тохтобулга биир киһи тиийэн кэллэ.

Бааска, биэнсийэлээх:

– Ычча, тоҥоммун биир остановка хааман кэллим. Урут манна 25 №-дээх оптуобус  сылдьара. Бэҕэһээҥҥиттэн 12 №-дээх баар дииллэр, оҕолор. Сарсыарда таҕыстыбыт даҕаны барабыт дииллэр эрээри, дьэ, билбэтим. Өр турдум ээ, тоҥоору хаамтым дии өссө. Мин саҥа бүгүн таҕыстым. Бу төлөпүөммэр тиһэх тохтобулга тураллар диэн көстөр. Араҕа иликтэр.

Тиһэх тохтобул мантан чугас буолан, онно тиийэн ыйыталаһарга быһаарынныбыт.

Замир, оптуобус суоппара:

– Бэҕэһээҥҥиттэн саҥа 12 №-дээх маршрутка үлэлээн эрэбин. Барыта сүүрбэ оптуобустаахпыт. Икки хайысханан уоннуу буолан хайдан сылдьабыт. Уоннуу  мүнүүтэ  араастаһан  араҕабыт. Сарсыарда, киэһэ пассажирым  толору буолар.

Аны  Кржижановского киирбит 35 №-дээх маршруту билээри гыммыппыт, тохтобулга дьон суох буолан биэрдэ. Аттыгар турар маҕаһыы түннүгүнэн оптуобус тохтобула бу көстөрүн иһин, атыыһыты кытта ыйыталаһааччы буолбуппар кини эппиэтиттэн бэйэм соһуйдум.

Атыыһыт:

– Манан 6 №-дээх оптуобус сылдьар. Ээ, бэҕэһээҥҥиттэн саҥа 35 №-дээх баар этэ да, бүгүн иккитэ тохтообокко ааһа турда. Дьон баар этилэр.

203-с түөлбэҕэ, киин уулуссаларга курдук, тохтобулга киһи эрэ элбэх. Сотору-сотору 17 №-дээх оптуобус кэлэн ааста. Биһиги кэпсэтиэхпитигэр диэри икки оптуобус кэлэн барда! 3 №-дээх оптуобус эмиэ. Чуут биир киһини тутан кэпсэттибит.

Алена, үлэһит:

– Мин 203-с түөлбэҕэ олоробун. Биһиэхэ 17 уонна 3 №№-дээх оптуобустар сылдьаллар. 17 №-дээх биир өттүнэн Хабаров уулуссатынан кэлэр, биирэ, «Медкиин» диэн суруктааҕа утары өттүнэн сылдьар. Оптуобустарбыт бары чаастатык сылдьаллар, онон үчүгэй.

Салгыы «Прометей» түөлбэҕэ тиийэбит. Дьэ, манна баар эбит кэлии-барыы, киирии-тахсыы.

Матрена Николаевна:

– Бачча улахан түөлбэбитигэр оптуобуспут ахсаана аҕыйах. 17, 14, 18 №№-дээх оптуобустар эрэ сылдьаллар, 18 №-дээх биирдэ эмэ кэлэн ааһара. Хата, бэҕэһээҥҥиттэн 5 №-дээх оптуобус эбии сылдьар буолбута үчүгэй.

12 №-дээх саҥа маршрукка куорат киининэн ааһарын иһин олорсубутум.

Михаил Николаев аатынан проспегынан салгыы айанныыбыт. Тохтобул аайы түөртүү-биэстии киһи баар. Биир тохтобулу ааһа көтөммүт, аныгыскыга кэлиэхпитигэр диэри биир даҕаны оптуобус ааспата.

Саастаах ыал дьоҥҥо чугаһаан, оптуобуһу сураһабыт.

Александровтар:

– М.Е. Николаев аатынан проспегынан 16 №-дээх оптуобуспут сылдьыбат буолбута куһаҕан. Көрдөрөр балыыһабытыгар тиийэ барар буоларбыт тохтообут. 16 №-дээх оптуобуһунан сарсыарда киһи кыайан баппат элбэх киһитэ барара-кэлэрэ. Онон наһаа наадалаах маршруппут суох буолбута кэккэ күчүмэҕэйдэрдээх буолсу.

Кэпсэтиигэ «мин эмиэ этиэхпин сөп дуо?» диэн кыттыһааччы баар буолла.

Марфа, биэнсийэлээх:

– Ити ДСК диэки буолбакка, биир өттүгэр, Покровскайдыыр суолга турар "Омега", "Покровскай" диэн сылдьар маҕаһыыннарбар оптуобус сырыыта  суох. Онон саастаах дьон балыкпытын ылаары сатыылыырбытыгар тиийэбит. Оттон... баҕа санаа курдук этэбин ити.

 

Бу курдук куораппыт кытыы сирдэринэн сылдьаммыт, оптуобус тохтобулугар турар куорат олохтоохторуттан барыбытыгар даҕаны тыын боппуруоспут тула санааларын иһиттибит. Күн ортото, дьон бары үлэтигэр-хамнаһыгар тиийбитэ ырааппыт буолан эбитэ дуу, тохтобулга турааччы да аҕыйах, үөрбүт-көппүт санаалаах да кэмчи.

Дьокуускай куорат сыл аайы улаата, кэҥии, ол аайы нэһилиэнньэтин ахсаана улаата турарынан, кырдьык, отучча-түөрт уонча сыллааҕыта оҥоһуллубут маршруттар олохтоохтор интэриэстэрин толору хаппаттар. Онон уларытыы хаһан эрэ син биир киириэхтээҕин киирэр диэххэ наада. Бэлиэтээн көрбүккүт курдук, биһиги куорат кытыы оройуоннарынан сырыттыбыт. Киин уулуссаларга, биллэн турар, күнүттэн-түүнүттэн тутулуга суох тиэхиньикэ да, пассажир да элбэҕэ биллэр. Оттон саҥа тэриллэр, кытыы түөлбэлэргэ балаһыанньа маннык — оптуобус да аҕыйах, дьон да аҕыйах. Ол эрээри бу дьон, төһө да аҕыйах буоллаллар, куорат уопсастыбаннай тырааныспарынан киин уулуссалар олохтоохторун курдук тэҥинэн туһанар бырааптаахтар уонна саҥа маршруттар киирбиттэриттэн астыммыт, дуоһуйбут санаалаах даҕаны дьон аҕыйаҕа суох.

Оттон эһиги санааҕытыгар куораппыт уопсастыбаннай тырааныспарын сырыыта хайдаҕый?

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...