07.10.2022 | 11:00

Ооҕуй оҕус батыллар суола этэ...

Ооҕуй оҕус батыллар суола этэ...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Быйыл Сайсары түөлбэтигэр суол үлэтэ күөстүү оргуйда. Бүгүҥҥү нүөмэргэ Яков Потапов уулуссатыгар хапытаалынай өрөмүөн туһунан нэһилиэнньэ санаатын түмтүбүт. Түгэнинэн туһанан, сорохтор кыһалҕаларын кэпсээтилэр, куорат салалтата болҕомтоҕо ыларыгар көрдөстүлэр. Олохтоохтор суол оҥоһулларыттан үөрэллэр, ол эрээри туохтан долгуйалларый?

Таһырдьа тыаллаах, тымныы. Уулуссаҕа кэлии-барыы, сырыы тохтообот, массыына биир кэм субуллар. Суол үлэтэ тигинэччи ыытыллар.

Бастаан дьон-сэргэ ордук тоҕуоруһар сиригэр, маҕаһыын аттыгар тиийэбин. Манна хас да киһини кытта кэпсэттим, сорохтор “хаһыат” диэн тылы истээт, тута куоттулар. Санаатын этэн баран хаартыскаҕа түһэртэн аккаастаммыт аҕыйаҕа суох буолла.  

Антонина Прокопьевна Герасимова, Яков Потапов уул. олохтооҕо:

– Биир бэйэм суолбут оҥоһулларыттан олус үөрэбин. Өрөмүөн үлэтэ бүттэҕинэ, Сайсары олохтоохторо, уопсайынан, бары да абыраныахпыт. Манан нэһилиэнньэ Гимеин, Медкиин диэки айанныыр, куорат киинигэр барар. Онон биһиги уулуссабытынан сылдьар киһи, массыына, оптуобус элбэх.

Бу уулуссаҕа олорбутум уонтан тахса сыл буолла. Ол тухары суолбут биирдэ даҕаны үчүгэйдик оҥоһуллубатаҕа. Этэргэ дылы, ооҕуй оҕус батыллар дьаабыта этэ. Тротуар эҥин диэн суоҕа, хата, оҥоро сылдьаллар, өссө бэлисипиэт ыллыктара баар буолуохтаахтар. Былаан быһыытынан бу ыйга бүтэриэхтээхтэр.   

Өрөмүөн кэмигэр туох да улахан кыһалҕаны көрсүбэтибит. Баҕар, массыынам суох буолан оннук буолуо. Дьонум кэллэхтэринэ, аара суолга тохтооччулар. Үлэлии сылдьар дьону туох диэн саҥарыаххыный, алдьаталлара буоллаҕай.

 

Анна, Кеша Алексеев уул. олохтооҕо:

– Биһиги олорор дьиэбитигэр Яков Потапов уулуссатынан киирэбит. Онон бу барар-кэлэр сүрүн суолбут.

Бу иннинэ суолбут куһаҕана бэрт буолан, хойукка диэри саппыкынан сылдьарбыт. Массыынабыт мэлдьи кирдээх, куорат киинигэр киириэхпитин да кыбыстар курдук буоларбыт (күлэр).    

Өрөмүөн үлэтэ бу сайыҥҥыттан саҕаламмыта. Аспаалын көтүрэн баран, бу күһүҥҥүттэн күүскэ үлэлии сылдьаллар. Суолбут өрөмүөннэнэриттэн үөрэбит эрэ, арай биһиэхэ киирэр быстах туора суолу оҥорботтор эбит. Былааҥҥа киирбэтэх. Сороҕор ыксаан, кыттыһан грейдердэтэбит.

Урут тротуар диэн төрүт да суоҕа. Хата, оҥоһуллан эрэр. Ол эрээри тротуарданан, бордюрданан суолбут кыараҕас, парковка туспа кыһалҕа буолуох курдук.

Түгэнинэн туһанан, олохтоохтор ааттарыттан уопсай кыһалҕабытын тиэрдиэхпин баҕарабын. Сайсарыга дьэллик ыт элбэх, суол-иис да куһаҕан буолан, оҕолорбут бэйэлэрэ сылдьалларыгар кутталлаах соҕус. Аны туран, арыгы атыылыыр маҕаһыын, ол-бу “разливной” элбэҕэ бэрт. Онон куорат салалтата бу кыһалҕалары болҕомтоҕо ылара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. 

 

Яков Потапов уулуссатыгар турар парикмахерскайга иттэ киирэбин. Аны уочаракка олорор дьон санаатын истиэххэ.  

 

Альберт Егорович Софронов, Лонгинов уул. олохтооҕо:

– Сайсары түөлбэтигэр олохсуйбуппут уонча сыл буолла. Яков Потапов уулуссатынан үгүстүк барабыт-кэлэбит, бу диэки үлэлиибит. Суолбут бэркэ оҥоһуллан эрэр. Арай кыараан, массыына турар сирэ суох буолсу дуу диэн көрөбүн.

Биһиги куораппыт, кыратык ардах түстэ даҕаны, ууга барар. Онон уу сүүрэр лотуоктара оҥоһулларын үөрэ иһиттим.

Кэнники сылларга Сайсарыбытыгар элбэх саҥа дьиэ тутуллан, суолларбыт оҥоһуллан, олохпут тупсан эрэр диэхпин баҕарабын.

 

Үлэһиттэр Гимеин өттүгэр сылдьаллар, ол диэки хаамабын. Салгыы бу диэки олорор дьон санаатын истиэххэ.

Тая, суоппар (хаартыскаҕа түһэртэн аккаастанна):

–  Урут манна барыта бадараан буолара. Омуннаабакка эттэххэ, массыынабыт сууйтаран кэлэн истэхпитинэ киртийэрэ. Билигин лаппа тубуста.    

Суолбут оҥоһулларыттан үөрэбит эрэ. Арай дьиэбит иннигэр парковка суох буолар эбит диэн долгуйдубут. Уопсайынан, ити куорат биир сытыы кыһалҕата.  

Өрөмүөн кэмигэр тимир көлөлөөхтөр улаханнык эрэйдэммэтибит. Ханан эрэ арыйаллар, ханан эрэ сабаллар этэ, онон суол үлэтэ мэһэйдээбэтэ.

 

Владимир Илларионов, биэнсийэлээх, Яков Потапов уул. олохтооҕо (хаартыскаҕа түһэртэрбэтэ):

– Сайыны быһа хастылар дии. Турбалары уларыттылар, урукку аспаалын көтүрдүлэр. Гаас сулууспалара өр баҕайы үлэлээтилэр. Тротуардары Кеша Алексеев уул. диэки эрэ оҥорор курдуктар. Биһиги диэки тоҕо эрэ көстүбэт. Баҕар, кэлин оҥороллоро дуу?

Аны туран, саҥа аспаал суолбут уу сүүрэр лотуоктардаах буолар. Ити үчүгэй, ол эрээри биир “ноолоох”. Манна турар мас дьиэлэрбит ууга бараллара буолуо диэн дьаарханабын. Чэ, онтон атын тугу да этэрим суох.    

 

Дьокуускай куоракка суол үлэтэ түмүктэнэрэ чугаһаата, былдьаһыктаах күннэр үүннүлэр. Бэдэрээтчиттэр үлэни бүтэрэр, ситэрэр, тиһэҕэр тиэрдэр, сорохтор итэҕэһи туоратар уонна туттарар түбүгэр сылдьаллар. 

Олохтоох дьаһалта иһитиннэрбитинэн, 4 эбийиэккэ – Федор Попов, Авиатордар уул., Энергетиктэр быстах туора уулуссатыгар суол үлэтэ толору түмүктэммит.

Сүрүн суолу аспааллааһын үлэтэ 23 эбийиэккэ түмүктэннэ: Центральнай, Авиатордар, Билибин уул., Табаҕаҕа Каландаришвили уул. (2 учаастак), Хатаска Октябрьскай, Ленин уул., Речевой оскуолаҕа киирэр суол, Уваровскай уул., Кардиологическай диспансерга киирэр суол, Мархинскай, Труд, Каландаришвили, Три сосны, Тимирязев, Федор Попов, Мерзлотная, Очиченко, Пирогов, Маяковскай уул., Щорс күөлүн тула уул., Птицевод уул., Энергетиктэр, Глухой быстах туора уул. 

Былаан быһыытынан алтынньы 5 күнүгэр диэри Ильменскэй, Уустаах Избеков, Яков Потапов, Кангалааска Нагорнай уул. суол үөһээҥҥи дьапталҕата оҥоһуллан, Хатаска элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар киирэр суолларга тутуу үлэтэ түмүктэниэхтээх.

Суол ситимнэһэр, түһэр сирдэрин, парковка балаһааккаларын аспааллааһын үлэтэ 74,4% түмүктэннэ. 10 эбийиэккэ – Нагорнай, Ильменскэй, Тимирязев, Яков Потапов, Очиченко уул., Глухой быстах туора суолга, Щорс күөлүн тула суолга, Птицевод, Уустаах Избеков, Мерзлотнай уул. үлэ ыытыллар, алтынньы 15 күнүгэр түмүктэнэрэ былааннанар.  

Тротуардар, бэлисипиэт суоллара 70,6% оҥоһулунна. Үлэ 12 эбийиэккэ салгыы ыытыллар: Нагорнай, Ильменскэй уул.,  Каландаришвили (Табаҕаҕа), Тимирязев, Яков Потапов, Маяковскай, Очиченко уул., Глухой быһа охсуһар уул., Щорс күөлүн тула уул., Птицевод, Уустаах Избеков, Мерзлотнай уул. Былаан быһыытынан алтынньы 15 күнүгэр түмүктэниэхтээх.

9 эбийиэккэ түмүк аакталар оҥоһуллаллар: Труд, Билибин, Три сосны, Каландаришвили уул. (итэҕэстэри туоратыы үлэтэ), Речевой оскуолаҕа киирэр суол, Пригороднай сэлиэнньэтигэр Центральнай уул., Хатаска Ленин, Уваровскай, Октябрьскай уул.

 

* Хаһыат таҥыллан тахсыар диэри уларыйыы баар буолуон сөп.

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...