14.02.2020 | 12:28

Оо, тоҕо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Андрей Христофоров – саха биир дьоҕурдаах спортсмена бу күннэргэ олохтон туораата.  Кини очурдаах- чочурдаах олоҕу олорбута.

Остуолга иккиэ буолан олорбуттара... Онтон биирдэстэрэ охтубута, биирэ тахсан барбыта...

Иннибэр аанньал курдук наһаа үчүгэй оҕо турар этэ. Албыннаспыт курдук харахтардаах. Убаастыыр убайым Николай Рожин: “Ити төгүрүк тулаайах Андрей Христофоров. Бу уолтан күүстээх тустуук тахсыаҕа, Өлөөнтөн төрүттээх, Хаҥаластан хааннаах. Курбуһахха тулаайахтар интернаттарыгар үөрэнэр. Айылҕа үгүһү биэрбит“,- диэбитэ. Николай Николаевич оччолорго  Курбуһахха тренердиир үлэтин саҕалаабыта. Биир бөһүөлэктэн уонча оҕону спорт маастара оҥорон таһаарбыта. Олортон биир бастыҥнара – Андрей Христофоров. Сэбиэскэй Сойуус оҕолорго чемпионатыгар финалга тахсыбыта. Онуоха Андрей киирэн истэҕинэ Мамаев диэн Дагестан уола өттүктээн түһэрбитэ. Уолбут муостаан баран киһитин үргүлдьү бырахпытыгар, көбүөр таһыгар түспүттэрэ. Онно мөккүөр буолбута, Андрей санна көбүөргэ  ырааҕынан сыстыбатаҕа эрээри, ыраас кыайыыны аннараа киһиэхэ биэрбиттэрэ. Итинтэн ыла соргута сотуллан хаалбыта дуу, куруутун иккис буолара. Кыра бөһүөлэктэн эрчиллэн тахсыбыт диэтэххэ, ситиһиилэрэ сөҕүмэрдэр. Ыччаттарга Сэбиэскэй Сойууска иккис миэстэ. Онтон улахан дьоҥҥо тустуутун саҕалаабыта. Ол кэмҥэ “аан дойду аччыгый чемпионатынан” ааттанар Тбилиситээҕи турнирга – иккис, Медведь аатынан турнирга эмиэ иккис миэстэ буолуталаабыта. Ити оҕо сылдьан. Оччолорго Ли Зе Сик диэн Корея тустууга уһулуччу тахсыбыта. Тбилиси турниныгар Карамчаковы, Доржуну санаатаҕын аайы түҥнэритэ көтөрө. Пружина курдук ыстанан киирэн атахха түһэрэ. 

Улан Баторга  икки төгүллээх аан дойду чемпионун, икки төгүллээх Тбилиси турнирын кыайыылааҕын ол Ли Зе Сик күннээн-күөдэхтээн сырыттаҕына Андрей оҕо сылдьан хотторуу хомолтотун биллэрбитэ. Ол иннинэ эмиэ аан дойду икки төгүллээх чемпиона Ким Чол Хваны кыайбыта. Оччолорго аан дойдуга кимиэхэ да хотторботох дьоннор этэ. Дьиэлээхтэр Батбол диэн баатырдарын ыйааһынын түһэрбэккэ киллэрэннэр, Андрей эмиэ иккис буолбута.  Уолбут тустар ньымата аһара үчүгэй этэ, тоҕо диэтэххэ, кими да киллэрбэт, баҕарда да, кыайар кыахтааҕа.

Дьокуускай куоракка ССРС уонна АХШ матчтарыгар Андрей американеһы үрүҥ хараҕын өрө көрдөрбөккө кыайбыта чахчы улахан тустуук буоларын туоһулаабыта. Финалга тахсан баран кыайдым дии санаата баһыйара дуу, наар кыайтарара. Биһиги, Уус Алдантан төрүттээхтэр, былыр-былыргыттан күүстээх дьон үөскээбит номохторун билэбит.  Ол эрээри биһигиттэн чулуу тустууктар тахсыахча-тахсыбакка хаалаллар. 1962 сыллаахха сахалартан бастакынан 57 киилэҕэ Сэбиэскэй Сойуус чемпионатыгар Бороҕон киномеханига Семен Дмитриев тиийэн төрдүс миэстэ буолбута. Онно аан дойду биэс төгүллээх чемпионун иккитэ ыраастык быраҕан түһэрбитин кыайыыны биэрбэтэхтэр. Азербайжданец Айдын Ибрагимовка 9:0 кыайтаран иһэн, ситэн 10:9 кыайан тахсыбыта. Ол киһитэ алта ыйынан аан дойду чемпионунан, икки сылынан олимпийскай призер буолбута. Ол киномеханик Сергей Андреевич Преображенскай кэлэн “Кимиэхэ эрчиллибит, хантан кэлбин ыччаккыный?” --диэн ыйыппытыгар, “Дмитрий Коркин диэн киһиэхэ биир нэдиэлэ эрчиллибитим, онуоха диэри тустуу диэни билбэтэҕим”,- диэбит. Онуоха Сергей Андреевич: “Миэхэ кэл, дьиэ бэрдэриэм, 64 сылга олимпиадаҕа Токиоҕа кыайдаххына эн эрэ кыайыаххын сөп эбит”, – диэбит. Онуоха кэлэн кэргэн ылаары сылдьар кыыһыгар эппитигэр, “Онно Москваҕа хайдах сылдьыахпытый?” диэн аккаастаабыт. Оччолорго сахалартан ким даҕаны Сэбиэскэй Сойуус чемпионатыгар алта иһигэр киирэ илигэ. Ити ситиһиини 1969 сылга диэри ким да хатылаабатаҕа. Ол кэнниттэн Уйбаан Охлопков хайдах баҕарар олимпиадаҕа тахсар кыахтаах тустуук үөскээн баран, бэйэтин кыаҕын ситэ көрдөрбөтөҕө. Кини сылгыһыттыы сылдьан Сойууска төрдүс миэстэ буолан турар. Өскө балыйбатахтара буоллар, бастыан да сөптөөх курдук этэ. Ити биһиги биир бөһүөлэкпититтэн Дүпсүнтэн Иван Соловьев¸ кини уола Ивамар Соловьев, оскуолабыт выпускниктара Чэриктэй, Найахы ыччаттара Иван Охлопков, Николай Рожин, Николай         Ушницкай, Иннокентий Захаров 80-с сылларга туох да саалата, тренерэ суох тахсыбыттара. Кэнники аан дойду оҕолорго чемпиона, 22-гэр диэри саастаах ыччаттарга аан дойду Кубогын хаһаайына Андрей Яковлев тахсыбыта. Итинник төлкөлөөх сиргэ, былыргы “Мүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө”, “Алаатыйар Ала Туйгун”, “Тустуулаах Туйгун” олоҥхолор суруллубут туоналарыгар, Суор Бугдук, Майаҕатта, Мас Мэхээлэ, Күүстээх Куонаан, Күүстээх Уйбаан, Күүстээх Күлүүчүкүн үөскээбит сирдэриттэн ким эрэ тахсыа турдаҕа.

*Бу күннэргэ саха олимпийскай эрэлэ Айаал Лазарев Азия чемпионатыгар кыттыаҕа. Улахан оһол кэнниттэн бөдөҥ түһүлгэҕэ саҥа тахсыыта. Онтон тэтим ылан Токиотааҕы олимпийскай оонньууга улахан ыйааһыҥҥа саха уола турбута да улахан үөрүү буолуо этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....