Оо, сөтүөлээбит киһи!
Сөтүө доруобуйаҕа тугунан да кэмнэммэт сүҥкэн суолталаах. Ол эрээри сөтүөлээһин эмиэ быраабылалаах, хаарчахтаах
Дьокуускай куорат тулатыгар хас да улахан, сөтүөҕэ сөптөөх “норуот пляжтара” бааллар: 202-ис микрооройуон боротуоката, Күөх хонууга сааскы халаантан баһыллан хаалар уу, Сэргэлээх күөлэ, Пригороднай сэлиэнньэтин боротуоката (Петуховка), Мархаҕа баар Соленка күөл, Үрүҥ Күөл, Тулагы-Киллэм, Хатыҥ Үрэх, Жатай боротуокалара, Хомустаах күөлэ, Атласов күөллэрэ.
Куйаас күннэргэ манна барытыгар сөтүө диэн күүстээҕэ буолар. Көҥүлэ суохтарын үрдүнэн, дьон, бэйэ-бэйэлэриттэн истиһэн, ыйдаран, сыл аайы сөтүөлээбиттэрэ эрэ баар буолар.
Күөх Хонуу уута быйыл элбэх, сөтүлүөлүүр сиригэр билиҥҥитэ киһи сатаан тиийбэт. 203 микрооройуон түөлбэтигэр эмиэ сөтүөлүүр сир баар. Дьон син сылдьар эбит. Сөтүө бобуулааҕын туһунан ханна да бэлиэ көстүбэт.
Хатыҥ Үрэххэ сыллата оҕо аймах элбэх. Бу таһыгар “Спутник” оҕо лааҕыра баар даҕаны, лааҕыр оҕолоругар ууга киирэллэрэ көҥүллэммэт. Таһынааҕы дьиэлэртэн оҕо барыта манна тоҕуоруһар. Уута, көрдөххө, ыраас.
Сэргэлээҕи сыл аайы тимиринэн хаххалаан, массыыналар сырыыларын хааччахтыы сатыыллар. Сирэ-уота кирдээх, сынньанааччылар кэннилэриттэн хаалбыт бөх-сыыс даҕаны ону туоһулуур. Урукку сылларга манна официальнай сөтүө сирэ баара, билигин – суох. Туох да кэтэбилэ суох, киинтэн тэйиччи турар буолан, ордук арыгылааччыта элбэх. Дьиҥэ, маннык мааны туонаны биир эмэ предприниматель пляж быһыытынан үлэлэппитэ буоллар, дьон сынньанарыгар табыгастаах сир хаалан турар.
Эмиэ биир маннык «дьиикэй пляж” Петуховкаҕа баар. Петуховка долгуна күүстээх, сүүрүгэ дохсун. Онон, сатаан сөтүөлээбэт, бэлэмэ суох киһи сэрэхэдийэр сирэ. Урут-хойут манна суорума суолламмыт дьон элбэҕин аахпаппыт даҕаны. Кытыла бөх-сыыс, өстүөкүлэ бытархайа элбэх.
Тулагы-Киллэм боротуокатыгар массыынанан ыксары анньан тиийэн сөтүөлүөххэ сөп. Уута хараҥа өҥнөөх, дириҥ чүөмпэлээх буолара көстөр. Дьон халыҥ хампаанньанан тиийэн өрөбүллэри быһа сыталлар.
Марха боротуокатыгар үксэ оҕолор уонна олохтоох дачниктар сөтүөлүүллэр. Быйыл уута толору киирэн турар. Атласов күөллэрэ диэн балай эмэ дириҥ күөллэргэ эмиэ оҕо аймах эрэ элбэх.
Соҕотох көҥүллээх пляжтаахпыт
Саамай элбэх киһи куорат пляһыгар баар. Пляж официальнайдык бэс ыйын 27 күнүттэн арыллыбыта. “Чөл олох территорията” диэн хара маҥнайгыттан биллэриллибитэ, онон арыгы атыыта суох. Сарсыардаттан киэһээ 21.00 чааска диэри аһаҕас. Сарсыарда аайы пляжка сэрээккэ ыытыллар, өрөбүллэргэ – нэһилиэнньэ араас араҥатыгар анаан тэрээһиннэр буолаллар. Пляж үлэтин “Парк “Северное сияние” ХЭТ салайан ыытар (сал. А. Демьянов). Пляжка быыһааччылар дьуһуурустубалыыллар, бэрээдэги кэтиир харабыллар бааллар. Өстүөкүлэ бытыылкалаах уонна дьиэ кыылын илдьэ киирэр бобуллар.
Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын специалистара кэпсээбиттэринэн, соҕотох официальнай статустаах пляһынан 202-ис микрооройуон пляһа буолар.
Билиҥҥитэ Роспотребнадзор Дьокуускай таһынааҕы 16 ууттан (Маҕаҥҥа “Леонтьевкаттан”, Хатыҥ Үрэхтэн – 1-кы дамбаттан, “Ытык Күөл” күөлтэн, Хатаска – Табаҕа боротуокатыттан, водозабортан Өлүөнэ уутун, Захаровкаттан, Күөх Хонууттан, Петуховкаттан, Тулагы сөтүөлүүр сириттэн, Шестаковкаттан, Ботаническай саад таһынааҕы сөтүөлүүр ууттан, 202 мкр пляһыттан) боруоба ылбыт – барыларын микробиологическай көрдөрүүлэрэ нуорматтан тахсыбат. 12 кумах боруобатын анаалыһа өссө бэлэмэ суох.
Көҥүлэ суох сөтүө сирдэрэ куттал суох буолуутун уонна санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэргэ эппиэттээбэттэр. Манык сирдэргэ сөтүө киһи олоҕор уонна доруобуйатыгар кутталынан суоһуурун иһин уонна инфекционнай ыарыы маассабайдык тарҕаныан сөптөөҕүн иһин бобуллар. Маннык сирдэргэ “Сөтүөлүүр бобуллар!” диэн бэлиэлэр хайаан да баар буолуохтаахтар.
Холобур, ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт сөтүө сиригэр сылдьан ууну ыйыһыннаххытына, ис инфекциятын эбэтэр энтеровируснай инфекцияны хабыахха сөп. Маннык инфекциялар араастара наһаа элбэх буолан, киһи аайы араастык киирэллэр. Сөтүө уутуттан гепатит А-ны, паразиттары кытта хабыахха сөп.
Көҥүлэ суох сиргэ сөтүөлүүллэрин иһин дьону ким да ыстарааптыыр кыаҕа суох – барыта бэйэлэрин эппиэтинэстэригэр. Официальнай пляж үлэтигэр кэһии баар буоллаҕына, эппиэтинэскэ тардыллар.
Сөтүөлээһин туһатын туһунан эпидемиолог Т. Филиппова:
– Сөтүөлээһин киһи организмыгар эттиктэр эргиирдэрин түргэтэтэр, онон ордук оҕо сайдыытыгар туһалаах. Сөтүө тыҥаны эрчийэр (харбааччылар тыҥаларыгар 6000-8000 см^3 салгын батарар кыахтаахтар); сүрэҕи күүһүрдэр, тымырдары бөҕөргөтөр, хаан баттааһынын орто таһымҥа тутарга көмөлөһөр. Киһи ньиэрбинэй систиэмэтигэр сөтүө эмиэ үтүө дьайыылаах – утуйар ууну дириҥэтэр, ол аата тыҥааһыны сымнатар кыахтаах. Харахтарынан мөлтөхтүк көрөр, үчүгэй харахтаах да дьоҥҥо барсар – хааччаҕа суох.
Ордук оҕону сөтүөлүүргэ үөрэтиэххэ, доруобуйатын бөҕөргөтүөххэ наада. Ол эрэн манна эмиэ кээмэйдээх. Сайын оҕолор тиистэрэ тиистэригэр ыпсыбат буолуор диэри титирэстээн, тириилэрэ быдьыныык буолан тахсыар, уостара көҕөрүөр диэри сөтүөлүүллэр – бу сыыһа. Киһи муннугар, күөмэйигэр уонна тириитигэр араас ыарыы микробтара олороллор. Көннөрү сылдьан эрэ иммунитет олору уодьуганныыр, киһи ыалдьыбат. Оттон организм сылайдаҕына эбэтэр аһара сойдоҕуна (тоҥноҕуна), бу микробтар оргнизм харысхалын тоҕо көтөн кэбиһэллэр – ангина, кутургуйа, тыынар уорганнар ыарыылара буолуохха сөп.
Организм сөтүөҕэ үөрэнэ илигинэ – күҥҥэ биирдэ эрэ сөтүөлээҥ: ууга киирэн эрэ тахсаҕыт, тахсан кубус кураанах гына соттуҥ, хамсаныҥ. Сөтүөлүүр бириэмэҕитин кыра-кыралаан күн аайы уһатыҥ. Маннык гыннахха, сөтүө доруобуйаҕа чахчы туһалаах буолар. Биһиги усулуобуйабытыгар сөтүө 10-20 мүнүүтэ буолуохтаах, соҕуруу сылаас дойдуларга чааһы чааһынан сөтүөлүөххэ сөп. Ууга киириэх иннинэ эти-хааны ититэр хамсаныылары оҥоруохтааххыт.
Хатыҥыр киһи түргэнник тоҥор, ол иһин эрдэ ууттан тахсыахтаах. Сөтүө кэннэ эрчимирэн, күүскэ күүс эбиллибит курдук уһукта түһүллүөхтээх. Оттон тоҥон, сылайан-элэйэн тахсыбыт буоллаххытына – ол аата аһара өр сөтүөлээбиккит. Ууга киирэн актыыбынайдык хамсаныллыахтаах, оччоҕуна организм тымныйбат.
Фонтаҥҥа сөтүөлүүр кутталлаах
Кэнники сылларга мин биири бэлиэтии көрөр буоллум – Дьокуускай фонтаннарыгар сөтүөлүүр оҕо олус элбээтэ. Холобур, Ленин болуоссатыгар оҕолор оҥостон кэлэн сөтүөлүүллэр – таапыскалаах, соттордоох! Кырачааннары улахан дьон арыаллыыллар, обургулар бэйэлэрэ сылдьаллар. Таах кэтэ сылдьар таҥастарынан ууга киирэн чалбааттанар оҕо эмиэ хара баһаам. Ол быыһыгар бэйдиэ сылдьар ыттар да киирэн сөрүүкээн тахсаллар.
Оҕону ымсыырдан болуоссакка тымныы смузи, мороженай атыыта сыллата тэриллэр. 10 мүнүүтэтэ 150 солкуобайга номнуо хаарбах туруктаммыт массыыҥкалартан үгүс төрөппүт “сэрэхэдийэр” буолуохтаах. Оҕо олору көрдө да – бүттэ, сүүрэн тиийэн олорунан кэбиһэр. Аны маныаха барытыгар эбии гынан, быйылгыттан фонтан таһыгар китайскай оҕо бассейнын үрдэрэн баран, оҕону “балыктата” оонньотоҕун...
Орджоникидзе фонтана дириҥ соҕус буолааччы, быйыл уута чычаас. Арааһа, сөтүөлээччилэр тимирбэтиннэр диэбиттэр. Тэпсээччи, умсааччы манна да үгүс. Атыы-кутуу, харчыга саарбах саататыы манна да баар.
Оттон ааттыын Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын фонтаныгар куйаас күҥҥэ улахан оҕолор, ыччаттар киирэн тахсаллар – көрөргө “култуурата” ханан да суох.
Оҕолорум ыйыталлар: “Ити тоҕо улахан оҕолор фонтаҥҥа сөтүөлүүллэрий? – мин, туох диэхпин билбэккэ, мух-мах барабын: - Бэрээдэгэ суох оҕолор сылдьаллар”, - диибин. Уонна туох диэхпиний?
Эмиэ Роспотребнадзор специалистарыттан ыйыталастыбыт:
– Фонтаннар – куораты тупсарар култуурунай тутуулар. Салгыны сиигирдэргэ, турар сирин көстүүтүн кэрэтитэргэ ананаллар.
Үгүс фонтан уу баһыллар сирдээх буолар. Оттон фонтан сөтүөлүүр киһи доруобуйатыгар кутталлаах.
Фонтан уута элбэхтик саҥардыллыбат, ыраастаммат. Санитарнай өттүнэн ылан көрдөххө, фонтан уутугар, сөтүө уутун курдук, араас сүһүрдэр эттиктэртэн ыраастыыр ирдэбил туруоруллубат. Халлаан сылаас кэмигэр уу түргэнник киртийэр, сүһүрэр.
Фонтаҥҥа сөтүөлээһин тымныйыыга тиэрдиэн сөбүн таһынан, ис сүһүрүүтүгэр, тыынар уорганнар ыарыыларыгар, конъюктивикка, энтеровируснай, ротавируснай инфекцияларга тиэрдиэн, гепатит А-ҕа тиийэ хабыахха сөп.
Маны таһынан, фонтан киһи сөтүөлүүрүгэр анамматах тутуу буолан, түгэҕэ халтархай, онон охтон эчэйиини дэбигэстик ылыахха сөп. Фонтан үксэ электричествоҕа холбонор – ол эмиэ сэрэхтээх.
Онон, фонтан куйаастан быыһанар сөтүөлүүр сир буолбатаҕын өйдүөххэ наада!