03.11.2022 | 15:30

Онус сылын «Ийэбиниин бииргэ»

Соторутааҕыта Хатаска күһүн аайы буолар кэтэһиилээх-күүтүүлээх тэрээһиммит – «Ийэбиниин бииргэ» бырайыакпыт онус сылын ыытылынна.
Онус сылын «Ийэбиниин бииргэ»
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

“Тускул” култуура киинэ оҕо аймаҕы кытта оччоттон баччаҕа диэри ыкса ылсан үлэлэһэн кэллэ. «Ийэбиниин бииргэ» тэрээһин ол  чэрчитинэн ыытыллар. Бырайыак ааптара – улахан дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ, бэйэтэ эмиэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит, улааппыт “Тускул” КК режиссера Евдокия Ефимовна Семенова.

Тэрээһин хара маҥнайгыттан биһирэбили, өйөбүлү ылбыта. Ол курдук хас биирдии оҕоҕо болҕомтону уурдахха, кыһалыннахха, сыаллаах-соруктаах үлэлээтэххэ арыллыы, үтүө түмүк хайаан да баар буолар. Ону бу 10 сыл тухары илэ чахчы итэҕэйдибит. Тоҕо диэтэххэ манна иис-күүс, араас киэргэл, тэрил оҥоһуутугар, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа, быһатын эттэххэ, тарбахтарыгар талааннаах ийэлэр кытталлар. Аны бу тэрээһин күрэх, күөн көрсүү буолбатах, бу – дьоҕур, бииргэ буолуу өрөгөйүн бэстибээлэ буолара туһугар туспа суолталаах. 

Ийэлэр барахсаттар талааннарын, дьоҕурдарын сайыннаран, күнү көрдөрбүт көмүс чыычаахтарын  биһиги иннибитигэр таһаардылар. Тэрээһини түөрт оҕо ийэтэ, “Тускул” КК вокальнай кэлэктииптэрин, биирдиилээн ырыаһыттарын үөрэтэр-такайар, угуйар-уһуйар Татьяна Григорьевна Окорокова кыыһа Любалыын саҕалаатылар, кыттааччыларга суол арыйдылар.

Эдэр ийэ Сардаана Алексеевна Сосина (Оконешникова) икки кырачаан кыргыттарын кынатын анныгар уктан тахсыбыта сонун көстүү буолла. Сайааналаах Сайнаара – иккиэн  уһуйаан иитиллээччилэрэ, киэҥ сыанаҕа көҥүл көтө-дайа сырыттылар. Сардаана оҕо сылдьан Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын хореографияҕа салаатын эргиччи “5” сыанаҕа үөрэнэн бүтэрбитэ.

13 сыл «ыстаастаах»  уопуттаах ийэ Лена Ивановна Лугинова улахан уонна кыра кыргыттарыныын тахсан ыллаатылар. Лена оҕо сылдьан тумус туттубут ырыатын кыыһа Настя чугастык ылынан, иккиэн ис сүрэхтэриттэн ыллаабыттара истэргэ-көрөргө олус үчүгэй!  

Ирина Павловна Пестерева, Александр Иванов –  төрүт үгэстэри өйдүүр, тутуһар элбэх оҕолоох ыал. Ирина уолаттара Васялыын, Павликтыын ийэ тылбытын сөрүүн сүөгэй сөлөгөйүгэр сөтүөлэтэн чабырҕах, хоһоон аахтылар. Сонун көстүүнү үөрэ-көтө көрдүбүт.

Таатта улууһун норуотун маастара, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, алта оҕо күн күбэй ийэтэ Сардаана Ивановна Токоёмова тикпит таҥастарын баһыйар үгүс өттө төрүт ииспит суолун тутуһан, билиҥҥи кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, сатабыллаахтык ситимнээн тикпитэ кэрэхсэбиллээх.

“Иллэҥ кэммитигэр бары бииргэ олорон  уруһуйдуурбутун, оҕуруо тиһэрбитин, ас  астыырбытын уонна киинэ көрөрбүтүн сөбүлүүбүт”, – диэн астына-дуоһуйа кэпсиир Эльвира Васильевна Осипова. Кыргыттара уонна сиэн кыргыттара айылҕаттан бэриллибит дьоҕурдарын сайыннаран, харах хайҕала, сүрэх үөрүүтэ буолар бииртэн биир кэрэ оҥоһуктар кэмиттэн кэмигэр тахсан иһэллэр. Иэйии киирдэҕинэ күн да аайы баар буолуох курдук диэн күлэ-үөрэ сэһэргииллэр. Эльвира Васильевна кыра кыыһа Июлина оҕуруо тиэмэтинэн НПК-ларга ситиһиилээхтик кыттан, сири-сибиири бараата, онно кини илиитинэн оҥорор сатабылын сэргэ кэпсиир-ипсиир, көрдөрөр-иһитиннэрэр дьоҕура сайдара чуолкай. Эдьиийэ Виолетта ордук ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа ситиһиилээхтик дьарыктанар.

Түөрт оҕо иһирэх ийэтэ Нина Владимировна Софронова бу бырайыак хара саҕаланыаҕыттан баар. Сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас, туругас-олоругас, быһаарынна да тиһэҕэр тиэрдэр идэлээх. Бу сырыыга кыыһа Сашалыын “Конь” диэн нууччалыы ырыаны бэркэ табыллан толордулар.

Түөрт оҕолоох Надежда Степановна Прокопьева уола Акимныын хомус кутуллар дорҕоонугар уйдаран, ырыа бэлэх ууннулар. Аким туһунан кыратык сырдатан ааһар буоллахха, дьиҥ чахчы баҕаран, хомуһунан оонньууга уһуйуллар, бэл диэтэр, кэлэрэ табыллыбат буоллаҕына онлайн да киирэн дьарыктанан сөхтөрөөччү.

Ивановтар диэн араспаанньа хайдах курдук тэнийбитин биһиги тэрээһиммитигэр 12 ийэттэн үһэ бу араспаанньаны сүгэллэрэ дьэҥкэтик көрдөрөр. Уруйдаана Иванова сибэкки курдук симэммит кыргыттара Анжеликалыын, Аэлиталыын тахсан Александр Самсонов-Айыы Уола өлбөт-сүппэт айымньытын – “Ийэҕэ махтал” диэн ырыатын иэйэн-куойан ыллаабыттара нохтолоох сүрэхпитин долгутта.

Елизавета Иванова икки кыыһын кынат оҥостон, сүрэҕэр иҥэрэ сылдьар төрөөбүт дойдутугар Орто Халымаҕа тапталын үҥкүү тылынан көрдөрдө. Елизавета кэргэнэ Евгенийдыын дьиэ-уот оҥостуутугар, тэлгэһэ тэриниитигэр улахан суолтаны ууран, кимиэхэ баҕарар холобур буолуохтарын сөп. Ол туһунан Саха НКИХ «Тиэргэн» сиһилии кэпсээн, көрдөрөн турар.

Акулина Иванова ыаллыы олорор Пригороднай бөһүөлэгиттэн кэлэн кыттыбыта хайҕаллаах да, үөрүүлээх суол. Уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир, оскуола эрдэхтэн хоһооҥҥо холонуулардаах, кэлин олоҕор киирбит араас иэйиилэрин ырыа гынан көтүппүт. Онтон биирдэстэрин кыыһа Вероникалыын толордулар.

Эргий да музыкант, хайыс да култуура эйгэтигэр баар Виктория Местникова уола Максимныын флейта алыптаах тыаһынан доҕуһуолланан, истиҥ ырыа бэлэхтээтилэр.

Тэрээһиммит СӨ, Монголия Өрөспүүбүлүкэтин култуураларын үтүөлээх үлэһитэ Хухээ Балдорж ийэтигэр анаабыт музыкатынан аһылынна. Кэрэхсэбиллээх киэһэҕэ “Тускул” КК иһинэн үлэлиир «Арчылаана», «Кэрэ Куо»  вокальнай ансаамбыллартан Нина Софронова, Уруйдаана Иванова, Надежда Прокопьева, Татьяна Окорокова, «Төрүт ас» түмсүүттэн Ирина Пестерева, «Айхал» үҥкүү ансаамбылыттан Эльвира Осипова  кытыннылар. Нина Софронова, Сардаана Токоемова бу күннэргэ бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн быстах хомуурга барбыт уолаттарбытыгар анал суумка тигэн ыыппыттара. “Тускул” КК костюмера Сардаана Колосова оҕолоро бары Сардаана Токоемова дефилетигэр кытыннылар.

Тэрээһин бүтүүтүгэр бырайыак ааптара Евдокия Семенова  уоттаах-төлөннөөх тыл эттэ, “Тускул” КК аатыттан  бэлэхтэри туттарда. Ону таһынан аймах-билэ дьон эмиэ илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэннэр, үөрүүнү икки бүк үрдэттилэр.

Кыттааччылар ийэни уонна оҕону ситимниир, бииргэ алтыһар, бэйэ-бэйэни өйөнсөр бырайыак тэрийээччилэригэр  барҕа махталларын биллэрдилэр. “Тускул” кэлэктиибигэр үүнэ-сайда, дьон биһирэбилин, кэрэхсэбилин  ыла туруҥ диэн баҕа санааларын тиэртилэр. Сыанаҕа ыллаан, ытыс тыаһын, эҕэрдэ тыллары, бэлэхтэри тутан үөрүүбүт үгүс диэн үллэһиннилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...