Онлайн үөрэҕи баһылыахха
Сайын устата оскуола оҕото үөрэххэ интэриэһин сүтэрэн кэбиһэрэ баар суол. Ол түмүгэр төрөппүт да, учуутал да саҥа үөрэх дьылыгар элбэх эрэйи көрсөллөрө кистэл буолбатах. Онон оҕолоргутун туһалаахтык сайылатыаххытын баҕарар буоллаххытына, босхо онлайн үөрэх куурустарыгар дьарыктаан, саҥа үөрэх дьылын чэпчэкитик, үөрэ-көтө көрсүҥ.
РФ Үөрэҕин министиэристибэтин көҕүлээһининэн уонна «Цифровой экономика» национальнай бырайыак чэрчитинэн оскуола саастаах оҕолорго Арассыыйа бастыҥ онлайн үөрэҕин кыһаларын-сервистэрэ оҥоһуллубут: https://educont.ru. Бу үөрэх куурустарын ааспыт оҕо саҥа үөрэх дьылыгар туох даҕаны ыарахаттары көрсүбэккэ холкутук киириэҕэ, саҥа темалары түргэнник өйдүөҕэ.
Онлайн куурус оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын кэмигэр олус табыгастаах. Ол курдук, хантан баҕарар олорон, холобур, куорат оҕото даачаҕа эбэтэр дэриэбинэҕэ сылдьан, дьарыктанар кыахтаах, онуоха интэриниэт эрэ наада. Куурустар бары босхолор.
Хайдах регистрацияланабыт?
Үөрэнээччи эбэтэр төрөппүт https://educont.ru/registration саайтка киирэн регистрацияны ааһар уонна бэйэтин оскуолатыттан аккауҥҥа бигэргэтиини күүтэр. Үгэс курдук маныаха хас да күн ирдэнэр. Бигэргэтиини учууталга эбэтэр салайааччыга этэн түргэтитиэххэ сөп.
1-4 кылаастарга
Оҕолор сүрүн уонна эбии оскуола предметтэригэр билиилэрин хаҥатыахтарын сөп. Холобура, омонимнары уонна фразеологизмнары өйдүүллэр, математика олимпиадатыгар бэлэмнэнэллэр, оригамилары оҥорорго үөрэнэллэр. Чуолаан бу куурустарга болҕомтоҕутун уураргытыгар сүбэлиибит:
Английский Little Stars. Омук тылын үөрэтэр онлайн-куруһуок. Оҕолор баһаатай көмөтүнэн хамаанданан үлэлииллэр.
Бырагыраама суруйарга көмөлөһөр куурус. Оҕо логикатын сайыннарар, билиитин хаҥатар. Интерактивнай сорудахтар бырагыраама суруйарга тирэх буолаллар.
Нууччалыы уонна литературнайдык ааҕыы кууруһа. Манна ааҕыы, сурук-бичик үөрүйэхтэрин сайыннараллар, оҕо сатаан саҥарарга үөрэнэр.
Информатика уруогар квест оонньуу. Куурус үс тематическай оонньууттан турар, хас биирдии салааҕа оҕо түөрт сорудаҕы оҥорор. Маннык оонньуу цифровой үөрэхтээһиҥҥэ сиэтэн киллэрэр.
Харчыны сатаан ааҕа үөрэнии. Кууруска оҕолор бүддьүөтү сатабыллаахтык туһанарга үөрэнэллэр.
5–9 кылаастарга
Орто оскуола үөрэнээччилэригэр барыларыгар сүрүн уонна эбии предметтэргэ сорудахтар эмиэ бааллар.
Личность быһыытынан сайдыы. Интерактивнай куурус үөрэххэ да, олоххо да көдьүүстээх буолууну сайыннарар. Холобура, бириэмэни сөптөөхтүк туһанарга, ыарахантан чаҕыйбат буоларга, сыалы-соругу сааһылыырга, эппиэттээх кэмҥэ быһаарыыны ылынарга туһуланар.
Бырагыраамалааһын төрүттэрэ. Бырагыраама суруйарга көмөлөһөр куурус. Бэлиэтээн эттэххэ, интерактивнай кодтары суруйар эрэ дьон ИТ эйгэтигэр хаардыы хааман киирэр кыахтаахтар.
Блогердааһын. Кэлиҥҥи кэмҥэ блогердааһын диэн өйдөбүл киэҥник тарҕанна, сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэртэн итэҕэһэ суох олох бары хайысхатын кэпсиир блогердар үөскээннэр, сорох сонуннары кинилэртэн билэн олоробут. Бу салааҕа үөрэнээччи бэйэтэ контент толкуйдаан таһаарар кыахтанар. Куурус бүтүүтэ дьоҕус бырайыактары бэлэмнээн, бастакы сурутааччыларын булуохтарын сөп.
Бэйэ санаатан толлубакка этинии. Бэйэ санаатын дьоҥҥо тиийимтиэ гына сааһылаан этиэхтэрин, киэҥ эйгэҕэ долгуйбакка эрэ саҥара-иҥэрэ үөрэниэхтэрин баҕарар оҕолорго ананар.
Суол быраабылатын үөрэтии. Куурус сатыы, бэлисипиэттээх уонна самокатынан сылдьарга суол быраабылатын үөрэтэр.
10–11 кылаастарга
Үрдүкү кылаас оҕолоро урут үөрэппит матырыйаалларын сөргүтэн, билиилэрин бэрэбиэркэлэниэхтэрин уонна талан ылбыт биир кэлим эксээмэннэригэр эрдэттэн бэлэмнэнэ олоруохтарын сөп.
Python бырагырааматыгар ырыта үөрэнии. Бырагыраамалааһын төрүттэрин үөрэппит уонна бу эйгэҕэ билиилэрин кэҥэтиэн баҕалаах дьоҥҥо олус наадалаах салаа. Манна нейроннай ситимнэри уонна искусственнай интеллеги анаалыстыы үөрэнэллэр.
Биология виртуальнай лабораторията. Куурус интерактивнай сорудахтары биэрэр, көрдөрөр, чинчийиилэри ымпыгар-чымпыгар диэри ырытар.
Нуучча тылыгар БКЭ-ҕэ бэлэмнэнэбит. Куурус эрдэ үөрэтиллибити хатылыыр, билиини хаҥатар уонна теорияны чиҥэтэр. Үөрэх практическай чааһыгар БКЭ тургутуктарын таһаарар. Дьарык оскуола бырагырааматын бары салаатын хатылыыр кыаҕы биэрэр: орфография, синтаксис, текси кытта үлэ уо.д.а.
Саахымат. Саахыматы билэр уонна сатаан оонньуур оҕолорго олус үчүгэй куурус. Аһаҕас, сабыылаах саҕалааһыннарга, хаамыылары, ону тэҥэ стратегическай ньымалары баһылыырга көмөлөһөр.
Омук тыла (английскай). Араас хабааннаах тургутуктар, садаачалар бааллар. Үчүгэйэ диэн, хоруйдарын сонно тута таһаарар, туохха сыыспыккытын кытта ыйар.