Онлайн алгыска хайдах бэлэмнэнэбит?
Афанасий Семенович ФЕДОРОВ - алгысчыт:
– Быйыл бар дьоммут төһө да дьиэҕэ олорбуттарын иһин, Ыһыах алгыһын ылынар, иҥэринэр кыахтаах буолбуттара үчүгэй диибин. Алгыс тылын өйүнэн-санаатынан ылынар киһи эрэ иҥэринэр, көмө оҥостор кыахтанар.
Итэҕэлбит быһыытынан, алгыска эккинэн-хааҥҥынан ырааһыран, өйгүн-санааҕын түмэн бэлэмнэниэхтээххин. Алгыс тылыгар тэҥҥэ олорсон бардаххына олоххор, үлэҕэр-хамнаскар ситиһиилэнэҕин диэн буолар. Алгыс тылыгар олорсору эмиэ сатыахха наада. Ол туһугар алгысчыт тылын болҕомтолоохтук, иһийэн, холкутуйан туран истэр куолу.
Урут бар дьоммут Үс Хатыҥҥа киирэн Ыһыах алгыһын илиилэрин өрө уунан эбэтэр түһүлгэҕэ олорон алгыстаналлара. Син биир ол курдук быйыл дьиэҕитигэр олорон эрэ алгыска кыттыһыҥ диэн ыҥырабын.
Айылҕаҕа сүгүрүйүү, Айыылартан уонна Иччилэртэн көрдөһүү, кинилэр үрдүк ааттарыттан уйгуну-быйаҥы, дьолу-соргуну ааттаһыы барарыгар тирэх буолуо этигит. Алгыс хаһан баҕарар көмөлөөх, тирэхтээх буоллаҕына Үөһээлэргэ диэри тахсар. Хас биирдии дьиэттэн “Оннук буоллун!”, “Туску буоллун!” диэн тылларынан кыттыһа олордоххутуна, алгыс тыла алкыйан Үөһээ Айыыларга тиийиэ, ситимнэниэ диэн саарбахтаабаппын. Биһиги алгыспытын тэлэбииһэринэн көрөн кыттыһыҥ, иҥэриниҥ, биһиэхэ көмө буолуҥ!