05.07.2019 | 11:29

ОНКОМАРКЕР ТУТТАРДЫҤ ДУО?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Розалия ТОМСКАЯ

"Онкопоиск" диэн чахчы туһалаах ааксыйа буолла. Бастатан туран, барытын буор-босхо туттардыбыт. Төлөбүрдээх анаалыс сыаната ботуччу буолан тахсар: онкомаркер биир көрүҥэ 300 солкуобайтан саҕаланар. Искэн ыарыыны диагностыырга кыччаабыта 7-8 онкомаркер туттарыллыахтаах. Иккиһинэн, босхо ааксыйа биллэриллибэтэҕэ буоллар, бэйэбит сорунан туран бу анаалыһы туттара барбаппыт биллэр.

“Онкопоиск” сүрүн сыала – араак ыарыыны эрдэ диагностааһын. Ол эрэн диэххэ, бу куһаҕан ыарыы онкомаркерга көстөр гына, ол аата хааҥҥа барытыгар тарҕаммыт буоллаҕына, дьыала хаахтыйар... Онон бу ааксыйа номнуо ыалдьа сылдьар дьону булууга көмөлөстө. Билиҥҥи информациянан ааксыйа түмүгэр 3000-тан киһиттэн араак ыарыы бастакы сибикилэрин булан, кинилэри кытта үлэ саҕаланна. Ол аата бу дьон кэмигэр эмтэниини ааһан тыыннаах хаалар кыахтаахтар.

Онкомаркеры — медицинэҕэ “специфическэй эттиктэр” дэнэллэр. Организмҥа искэн ыарыы тарҕатар, эбэтэр араакка организм эппиэтин быһыытынан үөскүүр эттиктэр. Доруобайбын дии сананар киһи хааныгар, ыалдьа сылдьар киһи иигигэр көстүөхтэрин сөп.  Онкомаркердар нуорматтан тахсыылара, бастатан туран, араак ыарыыны көрдүүргэ төрүөт буолаллар.

Аҥаардас онкомаркерынан эрэ диагноз туруоруллубат!

ПРОПИСКАБЫТЫНАН ТУТТАРАН

Ааксыйаҕа  кыттаары, пропискабынан 1 нүөмэрдээх поликлиникаҕа онкомаркер туттара бардым. Үчүгэйэ диэн, сарсыарда 9 чаастан 11 чааска диэри туталлар эбит. Атын анаалыстары туталларын курдук 8-9 чаас икки ардыгар эрэ буолуо диэбитим, бириэмэтин уһаппыттара табыгастаах. Поликлиника бастакы этээһигэр сурук-бичик, ыйыы-кэрдии ыйанан турара буолуо диэн эргичиҥнии сатаатым, тугу да булбатым. Регистратураҕа “Хаан туттарар сиргэ таҕыстаҕыҥ дии...” диэтилэр. Үһүс этээскэ тахсан хаан туттарыыга электроннай уочарат талонун ыллым. Миигин кытта тэҥҥэ хас да эмээхсин эмиэ уочараттаста. Кэпсэттибит: “Биһиги, иллэҥ дьон, диспансеризацияны да, маннык босхо ааксыйалары да куоттарбаппыт. Хата, эһиги, эдэрдэр, үлэҕэ умса түһэн, доруобуйаҕытын көрүммэккэ хаалаҕыт...”, - дэһэллэр. Ол сэлэһэ олорон билбиппит, хаан ылар хоско онкомаркер туппаттар эбит. Поликлиника быһа линиятыгар эрийэн сураспытым, төрдүс этээскэ туттарар эбиппит.

Эмээхситтэрбин кытта онно таҕыстыбыт. Син балачча уочараттаах буолан биэрдэ. Иннибитин-кэннибитин быһаарсан олорбуппут кэннэ, сиэстэрэ сүүрэн кэлэн: “Терапевтан направление ылыахтааххыт!” – диэн соһутта. Уочаракка турааччылар бары биир киһи курдук терапевтарбытыгар  сүүрдүбүт. Направление суруйарга икки терапевт анаатылар, ол кабинеттарга уонна анаалыспытыгар хос-хос уочараты манааһын буолла.

Терапевка киирбитим, түргэн үлүгэрдик компьютерыгар миигин булан таһааран, направление суруйа оҕуста. Ол тухары ким даҕаны пааспарбын, СНИЛСпын, полиспын көрдөөбөтө. Тэлэбииһэринэн ханнык докумуоннар наадаларын этэ олорбуттара, ол иһин бары илдьэ кэлбиттэр эбит. Пропискатынан анаалыһын поликилинкатыгар туттарар киһи дааннайа докумуона да суох, барыта поликлиника базатыгар киирэ сылдьар буолан наадыйбаттар.

Онкодиспансерга (Стадухин уул., 81/1) бэйэтигэр анаалыс туттарааччылар докумуоннарын илдьэ кэлэллэрэ булгуччулаах. Уочарат хамсыыра түргэн. Уопсайа 1 чаастан ордук бараатым. Анаалыһыҥ түмүгүн биир нэдиэлэнэн кэлэн ылаар диэбиттэрэ.

Биир нэдиэлэнэн ыла тиийбитим – суох. Реактивтара бүтэн иһэриттэн, тардыллыбыттар үһү. “Аны бырааһынньыктар кэннэ биирдэ кэлээр”, - диэн терапевым атааран кэбистэ.

Онно-манна тардыллан, сороҕор умнан, түмүгэр биир ый буолан баран анаалыспын сураһа бу күннэргэ поликлиникаҕа тиийэ сырыттым. Баҕалаах түмүктэрбин илиибэр туттум. Арай СА-125 диэн дьахтар төрүүр-ууһуур уорганнарын онкомаркерын эрэ оҥорбуттар эбит. Оттон мин билэрбинэн, араак ыарыын эрдэ сэрээргэ аччаабыта 6-8 маркер буолуон наада этэ... Арааһа реактивтара тиийбэтэх.

ЫАРЫЫ СИБИКИТЭ БИЛЛЭ ИЛИГИНЭ

Феодосия Гаврильевна Иванова – Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай штаты таһынан онколога, Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансер химиотерапия салаатын сэбиэдиссэйэ:

- Ый устата барбыт “Онкопоиск” ааксыйаҕа нэһилиэнньэттэн хас да көрүҥ онкомаркердары ыллыбыт. Уопсай өйдөбүлүн судургутук быһаардахха, ыарыы киһиэхэ туох да сибикитэ биллэ илигинэ, бастаан хааҥҥа уларыйыылар тахсаллар. Ону онкомаркердар эрэ сөпкө көрдөрөллөр.

Бу туттарбыт дьонтон, эмчиттэр “группа риска” диэни сүүмэрдээн ылаллар. Ол аата, онкомаркердарын көрдөрүүтэ кыратык да улааппыт дьон, баҕар, араактыахтарын сөп диэн буолар. Онкомаркер үөһээ-аллараа халбаҥнааһына хайаан да араак ыарыыга тиэрдэр диэн эмиэ буолбатах. Анаалыстара саарбахтардаах дьон салҕыы чинчийиини ааһыахтара, ол түмүгүнэн эрэ диагноз туруохтаах. Билигин ыалдьалларын билбэккэ сылдьар дьон көһүннэхтэринэ, кэмигэр эмтэнии саҕаланнаҕына, бу ыарыыттан киһини быыһаан ылыахха сөп.

Улуустар бэйэлэрин лабораторияларыгар, киин куорат поликлиникалара эмиэ бэйэлэрин лабораторияларыгар бу анаалыстары оҥорор сэбилэниилээхтэр даҕаны, кыахтаахтар даҕаны. Оттон онкодиспансерга кэлэн барбыт дьон киэнин биһиги бэйэбит оҥоробут. Реактив бүтэн хаалара баар. Хайыахпытый, бу олох буоллаҕа, икки ый устата ыытыллыбыт ааксыйаҕа маннык элбэх дьон тоҕо анньан кэлиэ дии санаабатахпыт даҕаны.

Онон онкомаркеры туттарыы – эрдэттэн көрдөрүнүү, ыарыыны сэрэтии биир көрүҥэ. Дьиҥэ бу анаалыстары төрөөбүт сылларынан наарданан диспансеризацияны ааһар дьон бары босхо туттараллар. Быйыл бастакытын ыытыллыбыт ааксыйаҕа дьону маассабайдык хабар сыаллаахтык үлэлээтибит.

Кэнники уонча сыл устата ыытыллыбыт кэтээн көрүү түмүгэр олоҕуран эттэххэ, биһиэхэ араак ыарыы Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн намыһах, атын регионнартан биһиэхэ чуолаан элбии турар диир кыаҕым суох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...