20.10.2022 | 18:00

Онкология киинигэр каадырдары бэлэмнииллэр

Билиҥҥи туругунан, Онкология киинигэр 1103 саҥа каадыр ирдэнэр. Бу кииҥҥэ үлэлиэхтээх быраастары Арассыыйа, тас дойду клиникаларыгар анаан үөрэттэрэ ыытыы эрдэттэн саҕаламмыт.
Онкология киинигэр каадырдары бэлэмнииллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэлиир Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансерга 500-тэн тахса исписэлиис үлэлиир. Билигин өссө 600-чэ исписэлиис, ол иһигэр быраастар, медсиэстэрэлэр, санитаркалар, инженердэр, оробуочайдар уо.д.а. наадалар. 2021 сылга 189 исписэлиис стажировкаланна, быйыл 9 ый иһигэр семинардарга, научнай быраактыка кэмпириэнсийэлэригэр 99 киһи дьарыктанна.

Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрбитнэн, Москватааҕы А.С.Логинов аатынан клиникалаах наука киинин кытта ыкса сибээс олохтонно. Аан дойдуга киэҥник биллэр онколог-хирург Игорь Евгеньевич Хатьков биһиги исписэлиистэрбитигэр хас да төгүл искэни эпэрээссийэлээн көрдөрдө, үөрэттэ. Быйыл кини ахсынньы ыйга Дьокуускайга кэлэн, видеоэндоскопическай эпэрээссийэни оҥорууга маастар-кылааһы ыытыахтаах.

2022 сылга диспансерга 12 эдэр быраас, медицина орто анал үөрэхтээх 14 үлэһитэ эбилиннэ. Килииникэлээх ординатураҕа 26 быраас үөрэнэр. Итиэннэ Онкология киинигэр үлэлиир каадыры бэлэмнээһин бырагырааматынан, дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар 31 киһи үөрэнэр, орто медперсоналга – 27 киһи.  

Быйыл үрдүк үөрэх кыһаларыгар тус сыаллаах миэстэҕэ – 13, килииникэлээх ординатураҕа – 14, Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжка – 20 устудьуон киирдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....