27.03.2024 | 17:38

Онкология диспансера 12 улууска десант оҥорор былааннаах

Онкология диспансера  12 улууска десант оҥорор былааннаах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Онкология диспансера искэн ыарыыны эрдэттэн быһаарыыга тиһиктээхтик үлэлиир. Диспансер быраастара быйыл өрөспүүбүлүкэ Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа курдук 12 улууһугар сылдьан, искэн курдук уодаһыннаах ыарыыны эрдэтээҥҥи стадиятыгар быһаарар үлэни ыытар былааннаахтар.
Диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева иһитиннэрбитинэн, быраастар биригээдэлэрэ номнуо Үөһээ Бүлүүгэ үлэлэрин түмүгүнэн 139 пациент бэрэбиэркэни ааспыт, онтон 15 киһиэхэ сиһилии Онкология диспансерыгар кэлэн чуолкай диагноһы туруортарарга ыҥырыы туттарыллыбыт. Муус устар 1-5 күннэригэр биригээдэ Уус Алдан улууһугар үлэлии бараары бэлэмнэнэр. Биригээдэ састаабыгар онкогинеколог, онкохирург, маммолог, эндоскопист, УЗИ бырааһа бааллар. Бэлиэтээн эттэххэ, быраастар десаннара дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киллэриллэр «Доруобуйа харыстабыла» нацбырайыак чэрчитинэн үлэлиир, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...