Онкодиспансер тутуута сыл бүтүүтэ түмүктэниэҕэ
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, регион экономическэй сайдыытын хааччыйыыга суһал штаб президиумун уочараттаах мунньаҕар онкодиспансер тутуутун түмүктүүр туһунан кэпсэтии ыытылынна.
Мунньаҕы Ил Дархан Айсен Николаев салайан ыытта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай киини болдьоҕор тутан бүтэрэр курдук, аҕалыллыбыт тэрил төлөбүрүн бэрээдээгэр уларытыылары киллэрэр туһунан быһаарыы ылылынна. Сотору кэминэн бэдэрээтчик тэрили таҥааһыҥҥа уонна холбооһуҥҥа үлэлиэҕэ. Эбийиэк бу сыл бүтүүтэ үлэҕэ киирэрэ былааннанна.
Штаб мунньаҕар Ил Дархан бэлиэтээбитинэн, эбийиэги этиллибит болдьоҕор үлэҕэ киллэрии, ол иһигэр тутуу үлэтин уонна тэрилинэн хааччыйыыны барытын ситэрии, сүрүн соругунан буолар.
Санатар буоллахха, симиэнэҕэ 210 киһи көрдөрүнэр поликлиникалаах, 180 куойкалаах стационардаах, хаһаайыстыбаннай блоктаах, уопсайа 26 тыһыынча квадратнай миэтэрэ иэннээх онкологическай киин барыта түөрт блоктаах буолар: хирургическай хайысхалаах стационар, химиотерапия, диагностика уонна лучевой диагностика салаалара.