04.11.2023 | 14:00

Омук устудьуоннара тугу кэпсииллэр?

Омук устудьуоннара  тугу кэпсииллэр?
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Саха сиригэр элбэх омук устудьуона үөрэнэр. Холобур, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ-га Кытайтан, Соҕуруу Кэриэйэттэн, Африкаттан кытта тиийэ кэлэннэр, билии киэҥ аартыгын арыйан, идэ ылан бараллар. Норуот сомоҕолоһуутун күнүн көрсө тас дойдулартан кэлэн үөрэнэ, үлэлии сылдьар устудьуоннарга ыйытык ыыттыбыт.

Сатоур Кареем Мохамед, Египеттэн кэлбит, ХИФУ медицинскэй институтун 5-с кууруһун устудьуона:

Манна олус үчүгэй преподавателлэр бааллар. Итиэннэ Арассыыйаҕа үөрэх бырагыраамата быдан судургутук таҥыллан оҥоһуллар. Мин Саха сиригэр үөрэммитим номнуо бэһис сылыгар барда. Бу дойдуну илэ харахпынан көрүөхпүн наһаа баҕарар этим, төрөппүттэрим уонна доҕотторум өйөөбүттэрэ. Кэлбиппин олох кэмсиммэппин.

Барытын даҕаны сөбүлээтим диэххэ сөп. Саамай сүрүнэ – сахалар наһаа көрсүө майгылаахтар, туох эрэ кыаллыбат буоллаҕына, куруук көмөлөһөллөр, сүбэ-ама биэрэллэр. Ол устудьуоннар эрэ истэригэр буолбакка, куоракка оптуобус да тохтобулун быһаарсыбатаххына, биитэр ханнык эмит уопсастыбаннай сиргэ сылдьан мунар да күҥҥэр элбэхтэ көстөр. Сөбүлээбэтэҕим диэн сайынын наһаа элбэх кумаардаах, үөннээх-көйүүрдээх уонна кыһынын олус тымныы, мин билигин син үөрэнним быһыылаах.

Элбэх доҕордоохпун. Биллэн турар, спорт саалатыгар күннэтэ дьарыктанабын уонна иллэҥ кэм көһүннэҕинэ, доҕотторбун кытта сынньанабын.

Сөбүлүүр дьарыгым – харбааһын, тренажернай саалаҕа дьарыктаныы, саахымат, футбол уонна «Домино”.

Дьокуускайга хаалыам этэ. Тоҕо диэтэххэ, манна дьон-сэргэ бэйэ-бэйэтигэр истиҥ сыһыаннаах. Маннык эйэлээх норуоту өссө көрсө иликпин. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ судаарыстыбаннай балыыһаҕа эбэтэр чааһынай клиникаҕа бырааһынан үлэлиэм.

Чжан Сяохун, Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Харбин куоратыттан сылдьар, ХИФУ естественнэй наукалары үөрэтэр институтун устудьуона:

Урут килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥ наукатын үөрэтиэхпин баҕарар этим. Оҕо сылдьан ыра санаа оҥостубут дойдубар кэлбиппиттэн дьоллоохпун. Мин төрөппүттэрим идеяларбын толору өйүүллэр.

Дьокуускай куорат айылҕатын сөбүлүүбүн. Саха норуотун уонна  төрүт аскытын – хартаны, хааны, тоҥ балыгы, күөрчэҕи, сахалыы арыылаах лэппиэскэни. Сөбүлүүрүм элбэх ээ, ону барытын кэпсээтэхпинэ, күн-дьыл ыраатар. Чахчы, ураты сир, кыраҕы харахтаах киһи үгүс кэрэни, үтүөнү өйдөөн көрөр.

Дьокуускай куоракка мин сөбүлээбэтим диэн... килиимэт буолуон сөп уонна куорат хайа да уулуссата барыта быыл.

Манна доҕоттордоохпун, ордук ХИФУ-га бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрим уонна бииргэ үөрэнэр бөлөхпөр. Кинилэр үгүстүк көмөлөһөллөр уонна миэхэ ис сүрэхтэриттэн кыһаллаллар, Саха сирин чугастык ылынарбар тирэх буоллулар. Кэллиэгэлэрбэр, доҕотторбор олус махтанабын.

Күнүм улахан аҥаарын лабораторияҕа атаарабын, үөрэнэбин уонна үлэлии сылдьабын. Онон Дьокуускайга чуҥкуйбаппын, төттөрүтүн, олус дьоллоохпун.

Сөбүлүүр дьарыгым элбэх. Волейболунан, боксанан дьарыктанарбын уонна спорт саалаатыгар сылдьарбын ордоробун.

Университеты ситиһиилээхтик бүтэрэн, Кытайга төннөр былааннаахпын, тоҕо диэтэххэ кэргэним нууччалыы саҥарбат, онон дьиэбэр төннүөхпүн наада. Кини нуучча тылын үөрэтиэн сөп диэн эрэнэбин, оччоҕо биһиги Дьокуускайга эбэтэр Арассыыйа атын куоратыгар олоруохпутун син.

Н’ватанго Конде, Арҕаа Африка судаарыстыбатын Гвинея өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлбит, ХИФУ автодорожнай факультетын 4-с кууруһун устудьуона:

Гвинеяҕа орто оскуоланы бүтэрэн бараммын Арассыыйа университеттарыгар үөрэнэ барарга быһаарыммытым. Төрөппүттэрим холкутук ылыммыттара, арай ийэм тымныыттан олус дьиксиммитэ.

Биирдэ интэриниэккэ Саха сирин туһунан Африкаҕа олороммун ааҕан турардаахпын, өссө репортаж көрбүтүм. Онно Саха сирин килиимэтин туһунан, аан дойдуга саамай тымныы куорат диэн кэпсээбиттэрэ. Ол инниттэн, эппинэн-хааммынан билээри, Дьокуускай куораты талбытым. Хас даҕаны үөрэх кыһатын булан докумуоннарбын ыыталаабытым, түмүккэ ырааҕы-киэҥи толкуйдаабакка, ХИФУ-ну талбытым. Тоҕо диэтэххэ тымныытынан аатырар сиргэ кэлиэхпин олус баҕарарым.

Манна үөрэнэр усулуобуйабын, уопсай атмосфераны, саха култууратын уонна саха тылын сөбүлүүбүн. Сөбүлээбэтим диэн, арааһа, Дьокуускай куорат Арассыыйа улахан куораттарыттан ыраах сытарын этиэхпин сөбө буолуо.

Университекка олохтоох устудьуоннар да, омук устудьуоннарын да ортолоругар, ону тэҥэ номнуо үлэһит да буолбут элбэх доҕордоохпун. Куоракка ыытыллар араас култуурунай тэрээһиннэргэ, киинэҕэ сылдьарбын сөбүлүүбүн, ардыгар спордунан дьарыктанабын, чөл олоҕу тутуһабын. Маны таһынан сахалыы да, нууччалыы да тахсар интэриниэт сонуннарын кэтээн көрөбүн. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ Арассыыйаҕа үлэлии хаалыахпын баҕарабын.

Валило Рорки Херманус (Индонезия), ХИФУ естественнэй наукалары үөрэтэр институтун “магистр” салаатын 2-с кууруһун устудьуона:

Бакалавриат кэннэ Саха сиригэр үөрэҕи ыларга санаммытым, бэйэм олохпор атын уопуту ылыахпын баҕарбытым. Төрөппүттэрим, чахчы, долгуйбуттара, кинилэр билигин Арҕаа Папуа ыраах дэриэбинэтигэр олороллор. “Саамай тымныы сиргэ үөрэнэ бардым”, – диэбиппэр, олус соһуйбуттара. Ырааҕа диибин диэн, эбиитин тымныыта.

Кэллэ кэлээт, дьон-сэргэ култууратыгар ураты сыһыанын бэлиэтии көрбүтүм. Саха норуота бэйэтин култууратын олус үрдүктүк тутан, баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбитин, харыстыырын ытыктыыбын. Сөбүлээбэтэҕим диэн Саха сирин тымныытын этиэххэ сөп буолуо.  Сылаас дойдуттан кэлбит киһи үөрэнэригэр ыарахан.

Сахалар, атын да омуктартан элбэх доҕордоохпун. Доҕотторум үөрэхпэр олус көмөлөспүттэрэ, тоҕо диэтэххэ нуучча тыла билигин даҕаны мөлтөхтүк киирэр.

Иллэҥ кэммэр футболлуубун. Ону таһынан хартыскаҕа түһэриинэн уонна видеоҕа устуунан дьарыктанабын.

Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ даҕаны син биир Дьокуускайга хаалабын. Аҕыйах сыл үлэ көрдөөн көрүөм. Ону сэргэ нууччалыы үчүгэйдик саҥарыахтаахпын диэн сыаллаах-соруктаах сылдьабын, тылы биллэхпинэ биирдэ  дойдубар төннөр туһунан толкуйдуом.

Тохиров Саидазам (Таджикистан), ХИФУ медицинскэй институтун 6-с кууруһун устудьуона:

Оскуолабын бүтэрэн баран, эксээмэннэри үрдүк баалга туттарбытым. Дьокуускайы талбытым, маҥнай бу куораты олох билбэт этим, интэриэһиргээн кэлбитим диэххэ сөп. Төрөппүттэрим уонна доҕотторум мин талбыт дойдубун, үөрэхпин үчүгэйдик ылыммыттара.

Саха сиригэр тымныытын олус сөбүлээтим. Бэрт сотору кэминэн эмиэ халыҥ таҥастарбытын кэтиэхпит.

Үөрэҕим таһынан үлэлиибин, элбэх доҕордоохпун, барыта кэминэн диэххэ сөп.

Билигин үлэ уонна үөрэх элбэх, онон иллэҥим суох, бириэмэ тиийбэт да курдук. Быыс-арыт көһүннэ эрэ, үөрэхпэр аныыбын.

Билигин Саха сиригэр олохсуйа хааларбын былааннаабаппын. Иннин тымтыктанан көрбүт суох, бириэмэ көрдөрүө.

Рахмани Мохаммад Замир (Афганистан), ХИФУ медицинскэй институгар ординатураҕа үөрэнэр:

– Мин санаабар, ХИФУ – Арассыыйа биир бастыҥ үөрэҕин кыһата. Дьиҥэ, хас даҕаны университекка киирбитим, ол эрэн Саха сирин талбытым уонна манна ординатурабын барарга быһаарыммытым. Ону дьиэ кэргэним үөрэ-көтө ылыммыта. Төһө да ыраах буоллар, аныгы олох сиэринэн, интэриниэтинэн сибээстэһэ олоробун.

Саха култууратын олус сэҥээрдим. Чахчы, хайа да омукка майгыннаабат олус баай култууралааххыт. Кыра оҕо да буоллун, аҕам саастаах да буоллун, култуураҕытын олус үрдүктүк тута сылдьар эбиккит диэн бэлиэтии көрдүм. Маны таһынан, саха норуота олус көрсүө майгылаах. Эһиги курдук үтүө, эйэҕэс, майгылаах омук аан дойду үрдүнэн тарбахха баттанара буолуо. Тугу да сөбүлээбэтим диир кыаҕым суох, барыта этэҥҥэ.

Иллэҥ кэммэр доҕотторбун кытта көрсөн футболлуубут. Кинигэ ааҕарбын сөбүлүүбүн, ордук нуучча литературатын. Ээ, уонна кыралаан саха тылын үөрэтэ сылдьабын. Элбэх саха доҕордоохпун, кинилэр миэхэ олохпор көрсүбүт күндү дьонум буолаллар.

Ординатурабын бүтэрдэхпинэ манна олохсуйа хаалардыы былаанныыбын. Тоҕо диэтэххэ аан дойду саамай тыйыс усулуобуйалаах сиригэр олох сайдар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...