28.01.2022 | 18:00

«Омикрон» саҥа штаммын туһунан 7 түгэн

«Омикрон» саҥа штаммын туһунан 7 түгэн
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Роспотребнадзор буола турар быһыыны-майгыны кэтээн көрөр. Аҕыйах хонук иһигэр аан дойдуну тилийэ көппүт саҥа «омикрон» штаммыгар научнай уонна практическай уопуту ырытар. Ол уопут түмүгүнэн маннык ыйытыыларга хоруйдары бэлэмнээбит. 
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр саҥа штамм кэлэн, күннэтэ 1200-1500 киһи ыалдьар буолла.

1. Урукку штаммнартан «омикрон» туох уратылааҕый?

«Омикрон» штамм инкубационнай кэмэ быдан кылгас, билиҥҥи чахчыларынан, 2-5 хонук буолар. Бу иннинээҕи штамм инкубационнай кэмэ ортотунан 6-8 хонук этэ.

«Омикрон» штамм, «дельта» циркулированнай штаммын кытта тэҥнээтэххэ, 7 төгүл түргэн. Ол эбэтэр саҥа штамм быдан түргэнник тарҕанар.

«Омикрон» көрүҥүнэн ыалдьыбыт киһи бастакы сууккаҕа сыстыганнаах буолуон сөп.

 

2. Коронавирус утары быһыыны ылбыттар эмиэ ыалдьаллар дуо? Вакцина туһалаабат дуо?

Быһыыны ылбыт уонна COVID-19-нан ыалдьыбыт дьон саҥа  «омикрон» штаммынан ыалдьыахтарын сөп. Инфекция бу түбэлтэҕэ ОРВИ сибикитин курдук киирэр. Кыраадыс тахсар, төбө ыалдьар, ыарыһах тумуулуур, мунна бүөлэнэр.

 

3. «Омикрон» штамм ханна ордук тарҕанарый?

 «Омикрон» штамм вакцина кэннэ иммунитета суох дьон ортотугар ордук тэтимнээхтик тарҕанар.

 

4. Ордук ханнык көлүөнэ дьонугар кутталлааҕый?

Аҕам саастаах кырдьаҕастарга, хроническай патологиялаах, иммунитеттара намыһах дьоҥҥо.

Урукку штаммы кытта тэҥнээтэххэ, «омикрон» инфекциятынан  оҕолор ыалдьар буолбуттар. Оҕо ыалдьыыта омук сирин статистическай чахчыларынан көстөр.

 

5. «Омикрону» ыраастаан дуу, сууйан ду кэбиһиэххэ сөп дуо?

Тулалыыр эйгэҕэ «омикрону» дезинфекциялыыр сириэстибэлэринэн өлөрүөххэ сөп. Сиэпкитигэр куруук антисептиктаах уонна спиртээх салфеткалаах сылдьыҥ.

 

6. «Омикрон» хайдах бэриллэр? Туох эрэ уратылаах дуо?

Тарҕанар ньымата урукку штаммнартан туох да уратыта суох. 

 

7. Саҥа штаммынан ханна сыстыахха сөбүй ?

Салгыҥҥа сылдьан сыстыахха сөп, элбэх дьонноох уопсастыбаннай миэстэҕэ уо.д.а. Оптуобуска кытта, ыалдьыбыт киһи сөтөллөр буоллаҕына, сыстыахха сөп.

 

Манан сибээстээн Роспотребнадзор бэйэ уонна тулалыыр дьон доруобуйатын харыстыырга судургу быраабылалары тутуһарга ыҥырар! Уопсастыбаннай сирдэргэ мааскалаах сылдьыҥ, дистанцияны  тутуһуҥ, илиигитин сууна сылдьыҥ, антисептиктары туһаныҥ!

Бэйэҕитин харыстааҥ уонна доруобай буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....