18.02.2023 | 10:00

Олунньу ыйга тугу үүннэрэбит?

Олунньу ыйга тугу үүннэрэбит?
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Дьэдьэн

Кэлиҥҥи сылларга саха дьоно клубника, дьэдьэн курдук урут сананан да көрбөтөх астарбытын ыһан, сайын устата дэлэччи-хоточчу үүнүү ылар буоллубут. Уопутурбут, бу үүнээйи уратыларын быһаарсыбыт оҕуруотчуттар, бэл, кыһыннары үүннэрэр таһымҥа тиийдилэр.

Клубника, дьэдьэн – олордууларынан, көрүүлэринэн-истиилэринэн, дьүһүннэринэн, амтаннарынан даҕаны уруулуу үүнээйилэр. Ол эрэн урут үүннэрэ үөрэммит оҕуруот астарбытынааҕар олус бытааннык, уһуннук ситэллэрин иһин, үчүгэй усулуобуйалаах, ол эбэтэр анал лаампалаах, сылаас түннүктээх оҕуруотчуттар номнуо сэтинньи-ахсынньы ыйдартан үүннэрэн саҕалыыллар. Оттон сорох оҕуруотчуттар күн уһаабытын кэннэ олунньу-кулун тутар ыйдарга ыһалларын, үүнээйилэр син биир ситиһэллэрин этэллэр.

Дьэ, быйыл бу үүнээйини булгуччу ыһан амсайарга санаммыт буоллаххытына, туох нааданый?

 

Фитолаампа

Ахсынньы, тохсунньу ыйдарыгар күн суох, онон бу соҕуруу дойду үүнээйиилэригэр күнү солбуйар анал лаампата суох буоллахха, үүннэрэн да сорунар наадата суох. Лаампата суох үүннэрдэххэ, «хара атах», онтон да атын ыарыы буулаан, хаарыан түбүк, харчы халтайга хаалыан сөп. Лаампаны (светодиоднай/люминесцентнай) сарсыарда эрдэттэн киэһэ утуйуохха диэри холбоон туруохха наада.

 

Буор

Уопуттаах, Саха сиригэр киэҥник биллэр, ытыктанар оҕуруотчут А.А. Тарасова сүбэтинэн ордук дьэдьэни күн арыый уһаабытын кэннэ олунньу ыйтан саҕалаан кулун тутарга диэри ыһыахха эмиэ сөп. Онуоха туох ирдэнэрий? Бастатан туран – иҥэмтэлээх, сымнаҕас буор (Дьэдьэҥҥэ эрэ буолбатах, ханнык баҕар арассаадаҕа барсар буору оҥорууну Табылыыссаҕа көр – Аапт.). Бэлэм буору арассаада олордуох 2-3 хонук иннинэ туруоран, буорга туһалаах бактериялар үөскүү түһэллэрин хааччыйабыт.

 

Арассаада буора

Дьэдьэҥҥэ маҕаһыыҥҥа атыыланар универсальнай буор, туорпа таблетка даҕаны барсар. Ол эрээри маҕаһыыҥҥа атыыланар курдук сымнаҕас, көпсөркөй, эбиитин арассаадаҕа туһалаах буору киһи бэйэтэ оҥоруон эмиэ сөп:

10 л оҕуруот буора;

1 л перегной;

3 л туорпа;

1 л агроперлит;

1 л вермикулит;

1 л кумах.

Булкуйан баран, фитоспориннаах глиокладин куттан, арассаадабыт ыарыыны утарылаһар усулуобуйатын тэрийэбит:

* 1 ост. нь. фитоспорин

* 1 таблетка глиокладин

* 1 л уу

 

Сиэмэни бэлэмнээһин

Күммүт уһаата, буорбут бэлэм, онон сиэмэбитин ыһарбыт хаалла. Дьэдьэн сиэмэтэ булгуччу стратификацияны (тымныыга тутууну) эрэйэр дииллэр. Ол туһуттан маҕаһыынтан атыылаһан аҕалаат 2-3 ый холодильникка уган туруоруллар. Оннук гыныллыбатах буоллаҕына, морозильникка хоннорон ылары эмиэ сүбэлииллэр. Үгүстэр хаарга олордууну биһирииллэр – бииринэн, тымныы; иккиһинэн, киһи хараҕар көстүбэт, таба туттарбат бытархай сиэмэлэри үрүҥ хаарга холкутук тарҕата ыһыахха, миэстэлэрин буллартыахха сөп. Сиэмэ чааһыгар эбэн эттэххэ, сорох оҕуруотчуттар оннооҕор атыыга кэлэр тоҥоруллубут, сибиэһэй даҕаны дьэдьэн сиэмэтин ыһары баһылаабыттар.

Сиэмэ түргэнник тахсарын туһугар нашатырнай испииргэ, «Эпин» уоҕурдууга тутуохха, фитоспориннаах ууга сытыаран «эмтии» түһүөххэ сөп. Наадыйар киһиэхэ ол барыта интэриниэккэ баар.

 

Олордуу

Дьэдьэни, биллэн турар, хаппахтаах контейнерга олордор үчүгэй. Онно бэлэм буорбутун тэҥнии, сиэмэ тимирбэт гына чиҥ соҕус гына кутабыт. Сөбүгэр уу кутабыт, бадараан буолуо суохтаах. Үрдүгэр таһырдьаттан хаар киллэрэн тарҕата уурабыт, хаарга сиэмэбитин уурталыыбыт. Манан ыһан бүттүбүт. 22-25 кыраадыс сылааска сиэмэлэрбит уонча хонугунан бытыгыраан тахсыахтарын сөп.

Ууну кутуу

Контейнарбытын аһан кэмиттэн кэмигэр салгылатабыт, нэмин көрөн аптекаҕа атыыланар грушанан эбэтэр пипетканан, анал ыстарар тэрилинэн сэрэнэн уу кутабыт. Олус элбэҕи кутан, сытытан кэбиһиэххэ сөп. Манна биири өйдүүр наада: ханнык баҕар арассаадаҕа сылаас хаар уута ордук туһалаах.

 

Көһөрүү

Арассаадабыт икки дьиҥнээх сэбирдэхтэннэҕинэ, тус-туһунан иһиттэргэ көһөрөбүт. Олордор буорбутугар эрдэттэн уу кутабыт, оттон үүнээйибит  силиһин “Корневин” препаратыгар уган ыллахпытына, буорга үчүгэйдик ылсыаҕа. Көһөрүүттэн “ыалдьыбатын” туһугар, “Эпин”, “Циркон” туттуохха сөп. Уубутун икки-хас хоннорон баран биирдэ кутабыт.

 

Сибэкки

Дьэдьэни, клубниканы кытта тэҥҥэ олордуллар уһун болдьохтоох сибэкки элбэх. Саха сирин оҕуруотчуттара ордук эустома, дельфиниум курдук хаппырыыс үүнээйилэри кыайа-хото тутар буоллулар. Ол курдук, эустома сорох суордун кыһын кашпоҕа көһөрөн дьиэҕэ кыстатыахха, эһиилигэр салгыы сибэккилэтиэххэ эмиэ сөп. Бу сибэкки розаттан итэҕэһэ суох кэрэ көстүүтүнэн итиэннэ уһуннук сибиэһэй турарынан букекка туттарга олус табыгастаах. Оттон дельфиниум саха дьонун кутун-сүрүн дьылыгырас уһун уҥуоҕунан, өлгөм сибэккитинэн эрэ буолбакка, кыһын хаар анныгар кыстаан, уонунан сылларга үөрдэ-көтүтэ үүнэрин иһин тутта. Аквилегия, очиток, вечерница, купена, Вероника, мальва, зебрина, лапчатка, купальница, виола эмиэ кыстыыллар, Саха сирин кыһынын тулуйаллар.

Оттон чуолаан олунньу ыйга эмиэ бытааннык үүнэр петуния, лобелия, вербена, бегония, цинерария, гвоздика шабо, виола, люпин, маргаритка, примула, дельфиниум, гелиотроп, фуксия, портулак о.д.а. сибэккилэри ыһыллар. Кэлиҥҥи сылларга бары сөбүлүүр петуниябыт саҥа суортарынан үөрдэрэ кэрэхсэбиллээх. Биир быыһа суох сибэккинэн силигилиир тайдал суорду элбэх оҕуруотчут биһирээтэ. Онон сибэккини кэрэхсээччилэр саҥа суортарга холонон көрүөххүтүн сөп. Бу сибэкки төһө даҕаны маҥнай тылыннарыыга хаппырыыс буоллар, кэмин ситтэҕинэ, атыттарга тэҥэ суох махталлаах сибэкки. Череноктарынан силис тардара, төһөнөн элбэхтик көһөрөҕүн даҕаны, соччонон үөрэ-көтө хойдон, силигилээн иһэрэ үөрдүбэт буолуон сатаммат.

Оҕуруотчут халандаара

Олунньу 16-17, 20-23 күннэрэ – ый улаатар күннэрэ, күөх тума, томат, биэрэс, оҕурсу курдук үөһэ астанар үүнээйилэри ыһарга табыгастаах.

Олунньу 28 күнэ – сир анныгар астанар үүнээйилэри олордуохха сөп.

Бу күннэргэ сибэкки бары көрүҥүн олордуохха, оҕуруот үлэтинэн ситиһиилээхтик дьарыктаныахха сөп.

Уопут атастаһыыта

Үөрэнээччилэрбин уһуйабын

Валентина Михайловна Трофимова, М.Е. Васильева аатынан Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын начаалынай кылаас учуутала:

– Үс сыллааҕыта билэр дьоммуттан клубника сиэмэтин атыылаһан ыспытым.  Бааһынам 100 кв миэтэрэ иэннээҕэ буолуо. Былырыын ол уктарбыттан 90 л курдук клубника ылбытым. Онон быйыл билэр дьонум көрдөһүүлэринэн аҕыйах сиэмэни хомуйбуппун атыылаатым. Хомойуох иһин, ханнык суордун атыылаабыт дьонум билбэттэр. Онон клубника даҕаны биһиги усулуобуйабытыгар кыстыырын ааһан, иккис-үһүс сылларыгар өлгөм үүнүүнү биэрэр эбит диэн түмүккэ кэллим.

Бэйэм үүнээйинэн дьарыктанарбын, эксперименниирбин сөбүлүүбүн. Үөрэтэр оҕолорбун эмиэ сөбүлүүр дьарыкпар уһуйаммын, гидропоника ньыматынан луук, оленьи рога, каланхоэ, декабрист, орхидея, гиппиаструм курдук сибэкки арааһын үүннэрэбит. Бу үлэбитинэн дакылаат суруйабыт, итиэннэ сибэккилэрбитин атыылаан кылааспыт пуондатыгар харчы киллэрэбит, Кулун тутар 8 күнүгэр, Ийэ күнүгэр ийэлэрбитигэр бэлэхтиибит. Кэнэҕэһин клубника арассаадатын үүннэрэн бэлэхтиэхпитин баҕарабыт.

 

Валентина Трофимова клубника, дьэдьэн ыһыан баҕалаахтарга сүбэтэ:

– Таблеткаҕа эбэтэр маҕаһыын буоругар фитоспорин ыһан олордобун. Бастаан сиэмэлэрбин тарҕата эбэтэр таблеткаҕа биирдиилээн уурабын уонна хаарынан бүрүйэбин. Ити кэннэ пакекка уган баран 4-5 хонукка холодильникка туруорабын. Ол кэннэ сылаас сиргэ фитолаампа анныгар ууран үүннэрэбин. Бастакы сиэмэлэр быктахтарына, пакетын ылабын, көннөрү сиигирдэ сылдьабын. Лаампабын түүнүгэр араарабын, үүнээйилэрбин сынньатабын.

Сайын күлүнэн, борнай кислотанан аһатабын, доруоһаны туттубаппын, ону кытта буорун көбүтэбин, сыыһын ыраастыыбын. Атын суортартан Али Баба диэни сөбүлээтим. Быйыл Агафья Тарасова атыылаабыт дьэдьэн сиэмэтин ыһар былааннаахпын.

Сонун үүнээйи

Пепино эбэтэр дынятыҥы груша

Пепино диэн дьикти ааттаах элбэх сыллаах экзотическай култуураны биһиги усулуобуйабытыгар тэпилииссэҕэ, балкоҥҥа, түннүккэ үүннэриэххэ сөп эбит.

Суруйалларынан, фруктатыҥы амтаннаах уонна дыня сыттаах ас көннөрү да сииргэ, фрукта салаатыгар туттарга, бырыанньаҕа да барсар. Оттон сиппэтэх аһын оҕурсу оннугар эмиэ салаакка туттарга сүбэлииллэр. Пепино састаабыгар ретинол (А битэмиин) уонна аскорбиновай кислота (С битэмиин) цитрусовайдартан итэҕэһэ суоҕунан, маны сэргэ железо, пектин, А, В1, В2 уонна РР элбэҕинэн, соҕурууттан кэлэр туох састааптаахтара биллибэт фрукталары холкутук солбуйар кыахтаах эбит.

Бу эриэккэс үүнээйини олунньу ыйтан саҕалаан 28-30 С кыраадыс сылааска үүннэриллэр. Ыһыыта атын үүнээйилэртэн туох да уратыта суох:

Буорга 1-1,5 см дириҥҥэ олордон баран, сылаас сиргэ лаампа анныгар хаппахтаах контейнерга туруоруллар. Бастакы сиэмэлэр икки нэдиэлэнэн быгаллар;

Үүнээйи 2-3 дьиҥнээх сэбирдэхтэннэҕинэ, тус-туһунан иһиттэргэ көһөрөллөр;

Сиппит, 60-90 хонуктаах арассааданы тэпилииссэҕэ ыам – бэс ыйдарыгар таһааран олордоллор;

Пепито пасленовай көрүҥ буолан, помидордуҥу көрүүлээх-истиилээх эбит. Ол курдук, эмиэ помидор курдук икки-үс утаҕынан үүннэриллэр.

Саамай кэрэхсэбиллээҕэ уонна уратыта – бу үүнээйини күһүн иһиккэ көһөрөн ылан, кыһын дьиэҕэ көннөрү сибэкки курдук кыстатыахха сөп эбит. Ол аата аны саас тэпилииссэҕэ тахсан салгыы үүммүтүнэн, астаммытынан барар. Өссө биир дьиктитэ – дьиэтээҕи сибэкки курдук умнаһынан силис тартаран, төһө баҕар арассаада оҥоруохха, угу элбэтиэххэ сөп.

Сонун, ураты үүнээйини боруобалааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...