06.02.2023 | 12:00

Олохтоох дьаһалтаҕа саҥа анааһын

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Пинигин Василий Егорович Дьокуускай куорат Строительнай уокуругун салайааччытынан ананна.
Олохтоох дьаһалтаҕа саҥа анааһын
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Пинигин Василий Егорович 1985 сыллаахха Саха АССР Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Балыктаах сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.

2005 сыллаахха Дьокуускайдааҕы потребительскэй кооперация торговай-экономическэй колледжын бухгалтер идэлээх, 2016 сыллаахха Иркутскай куоракка Байкаллааҕы судаарыстыбаннай университет юриспруденция салаатын бүтэрбит, 2019 сыллаахха – Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай академиятыгар саҥалыы бэлэмнэһиини судаарыстыбаннай уонна муниципальнай салайыыга исписэлиис квалификациялаах бүтэрбитэ.

2005 – 2018 сылларга эргиэн эйгэтигэр менеджеринэн, тэрилтэлэр дириэктэрдэринэн үлэлээбит;

2018 – 2019 сылларга – Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын юристконсультана;

2020-2023 сылларга – Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...