30.06.2022 | 12:00

Олохпут уһуурун туһугар

Олохпут уһуурун туһугар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Доруобуйа баар буоллаҕына, барыта баар буолуо диэн этиини төһө да сүүстэ хатылаатарбыт, бу, чахчы да, киһиэхэ саамай наадалаах, этэргэ дылы, көмүс тыллар.

Кэнники кэмҥэ дьон доруобуйатын олус көрүнэр, харыстанар, күннэтэ хаамар, эрчиллэр буолла. Бу ааһан эрэр икки сылбыт бүтүн аан дойду да үрдүнэн барыбытын аймаан, соһутан, доруобуйа диэммитигэр кыһалларга өй укта, төрүөт биэрдэ. Онно социальнай ситимнэринэн кэлэр сүбэлэр-амалар, эмтэниилэр, бэйэни көрүнүү туһунан суруктары эбэн кэбис. Дьон ону ылынара ылынар, барытын туһанан, туттан испэт. Оннуга да сөп. Тугу аахпыккын, суруйбуттарын, ыыппыттарын аҥаар кырыы итэҕэйэн, ылынан истэххинэ, доруобуйаҕын, абырыахтааҕар, айгыратыаххын да сөп. Киһи бэйэтин этин-хаанын, организмын билбэтэҕинэ, ким билиэй. Онон бэйэҕэр сөптөөҕү талан, быраас сүбэтин ылынан көрүнэр наадалаах.

Билигин «Саха” НКИХ доруобуйаҕа аналлаах биэриилэри ыытан, араас хайысхалаах быраастары ыҥыран сүбэлэтэрэ дьоҥҥо олус туһалаах. Онон хас биирдии киһи бэйэтэ эмтиэкэлэммэккэ, үйэтин уһатар туһуттан анал эмчит сүбэтин туһанара ордук.

Бүгүн ааҕааччыларым доруобуйаларын хайдах көрүнэллэрин, олохторун уһатар туһугар тугу гыналларын, ону таһынан бу куйааска быраас сүбэтин билиһиннэриэм.

 

Валентина Петровна, 79 саастаах:

— Төһө да сааһырдарбын, өссө уһуннук олорор баҕа баһаам. Онон бэйэбин көрүнэбин, араас сэрээккэни оҥоробун. Ол туһунан кылгастык кэпсээтэххэ, уһуктаат, бастакынан сытан эрэн тарбахтарбыттан саҕалаан илиилэрбин, атахтарбын имитэбин. Онтон дьэ тыыллаҥнаан, эппин-сииммин  уһугуннарабын. Сайын дьиэм таһыгар хаамыталыыбын, чугас эргин сылдьабын, чэпчэки сэрээккэлэри оҥоробун. Урут хаалыктаах ыраахха диэри хаамарым. Билигин атаҕым ыалдьар буолан ыраах барбаппын. Ол да буоллар, үтүө буоллум да, ырааҕынан хаамар санаалаахпын.

Биһиги нэһилиэккэ түмсүү элбэх. Онтон биир саамай сөбүлээн сылдьар, дьарыктанар түмсүүм уһун үйэлэниигэ, доруобуйаҕа сыһыаннаах. Хаалыктаах хаамар дьахталлар бэйэбит туһунан бөлөхтөөхпүт, онно араас сүбэни-аманы ыытыһабыт, ханна, хаска хаама барарбытын сүбэлэһэбит. Мин, төһө да хаамсыбатарбын, син биир дьаһайса-иһэйсэ олоробун. Дьүөгэлэрим кэлэн бараллар, массаас да оҥорон абырыыллар.

Киһи сааһыран баран биирдэ «бабат” дииринии, эдэрбитигэр маннык саҕалаан эрчиллибиппит, бэйэбитин көрүммүппүт буоллар, өссө чэгиэн буолуо этибит. Онон ааҕааччыларга сааһыраргытын кэтэһимэҥ, эдэр эрдэхтэн бэйэни көрүнүүгүтүн саҕалааҥ, чөл олохтонуҥ, чэгиэн сылдьыҥ диэн сүбэлиибин.

 

Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына:

— Уһун үйэлэнии диэн тугуй? Дьэ, бу аныгы үйэҕэ киһи сааһа эдэримсийдэ диибит, ол эбэтэр урукку кэмнэргэ 40-50 саастаахтары кырдьаҕастар диир эбит буоллахпытына, билигин бу сааска сылдьар дьон эдэрдэр, үлэлииллэр, спордунан дьарыктаналлар. Былыргынан бу саас түспэтийии сааһа диэн ааттанара. Олох-дьаһах ыараханыттан киһи эрдэ кырдьара, санаа-оноо да баттааһына ханна барыай. Оттон билигин, үйэ сайдан, олох-дьаһах тупсан, сатыы ыраах сылдьыллыбат, хас хардыы аайы аһылык, сынньалаҥ күннэр, өрөбүллэр киһи чэгиэн буолуутугар, бэйэтин көрүнэригэр ананаллар. Дьэ, ол иһин үйэлэрэ уһаабыт дьон үгүс. Уһун үйэлэнии төрүөтэ, кистэлэҥэ туохха сытарый? Үгүс буоллаҕа диэххит. Былыр өбүгэбит ханнык да түгэҥҥэ киэҥ көҕүстээх буолуҥ диэн сүбэлиирэ. Дьэ, ол тоҕо итинник этэллэрий? Үйэбит сайынна эрээри, киһи бэйэтигэр аныыр кэмэ кырыымчык курдук, аныгы үйэ тэтимэ киһи толкуйдууругар, бэйэтин көрүнэригэр барытыгар түргэн буолууну эрэйэр. Билиҥҥи кэм киһитэ бэйэтин этин-сиинин көрүнэригэр, тупсарынарыгар арааһынай салон, сүбэлэр, эмп-томп да үгүс. Ол эрээри бүтэһик быһаарыныыны киһи тус бэйэтэ эрэ ылынар. Араас сыыһа быһаарыныы, толкуй-санаа киһи олоҕун айгыратар.

Дьэ, бэйэни көрүнүү туохтан саҕаланарый? Эн хайдах тугу саныыргыттан саҕаланар. Былыр да, билигин да киһи санаатынан олорор. Үтүө санаа үгүс буоллаҕына, сүрэххин өрүкүтэр, сүрэх күүскэ үлэлээтэҕинэ – хаан сүүрүүтэ, сайҕанара түргэн буолар, ол хаан түргэнник ырааһырарыгар көмөлөөх. Хаан ыраастык, түргэнник сайҕанар буоллаҕына, киһи бары уорганнара тэҥҥэ, кэминэн чэпчэкитик үлэлииллэр. Аныгы үйэ киһитин эмтэнэр сирэ балыыһа, аптека буолла. Былыргы киһи айылҕаҕа, төрүт сиригэр тахсан эмтэнэрэ, отунан, буорунан, салгынынан. Аныгы үйэ киһитэ ону умунна. Химия таблеткаҕа эрэнэр, өйүн-санаатын, күнүн-дьылын сүүйтэрэр. Бэйэни көрүнүүгэ сүбэм диэн, санааҕытын сахалыы сааһылааҥ, ийэ айылҕаттан силискитин умнумаҥ, төрүт толкуйдуур дьоҕургутун төнүннэриҥ диибин. Аар айылҕа биһиги турукпут ханан мөлтүүрүн, ханан хайдах тупсарын барытын билэр. Айылҕа эмчиккэ эрэниэххэ наада уонна өйү-санааны онно салайыныахха. Дьэ, оччоҕо барыта орун-оннугар түһүөҕэ, санааҕыт дьайҕарыа, көхсүгүт кэҥиэ, айылҕа барахсан ыҥыра туруо, үгүс уларыйыыны илэ көрүөххүт. Өйгүтүн-санааҕытын олус бэлэмҥэ сүүйтэримэҥ, хамсаныы эмтиир, санааны, түбүгү мунньумаҥ, айылҕаҕа, салгыҥҥа тахсан дьайҕардан кэбиһиҥ. Бэйэни көрүнүү, чэгиэн-чэбдик буолуу төрүөтэ, ситимэ, төрдө Аар айылҕабытыгар баар, ону умнума, аныгы үйэ киһитэ!

 

Сайыҥҥы куйааска бэйэни харыстаныы

Ф.Ф. Атласова, профилактика кабинетын бырааһа:

— Дьылбыт саамай кэтэһиилээх кэмэ самаан сайыммыт салаллан кэлэн, оту-маһы күөх солко киистэнэн, сири-дойдуну кэрэчээн сибэккинэн симээбитэ хас биирдии киһиэхэ кэрэ кэминэн ааҕыллара биллэр.

​Ол гынан баран наһаа сылаас, куйаас күннэр өр тураллара, онтон түүнүн эмискэ тымныйара үрдүк хаан баттааһыннаах, сүрэх, тымыр ыарыылаах саастаах дьоҥҥо кутталы үөскэтэр.

Күнүс куйааска саастаах киһи ыгыллан, тиритэн, көлөһүнүн кытта туустара тахсаннар, хаана хойдон, онтон сылтаан сүрэҕин тэбиитэ түргэтээн, аҕылатан, хаан баттааһына эмискэ үрдээн, инфарка, босхоҥ буолууга тиэрдиэн сөп.

Хаан баттааһынын эмискэ таһаарбат, сүрэҕи, тымыры  ноҕоруускалаабат  инниттэн бу сүбэлэри туһанаргытыгар ынырабын:

1. Куйаас күҥҥэ күүскэ үлэлиири, кэлэри-барары, ыраах айанныыры тохтоторгут ордук;

2. Оҕуруокка үлэлиир кэмҥитигэр өр кэмҥэ күүскэ төҥкөйөн турумаҥ;

3. Куйаас муҥутуур кэмигэр, сарсыарда 11 чаастан – күнүс 4 чааска диэри, таһырдьа улахан наадата суох тахса сатаамаҥ;

4. Таһырдьа тахсар түгэҥҥитигэр, күлүк сиринэн сылдьа сатааҥ. Таҥнар таҥаскыт сырдык өҥнөөх, чараас, салгыны киллэримтиэ матырыйааллаах, хам туппат, холку буолара ордук. Төбөҕүтүгэр сэлээппэ, панама, ону таһынан күнтэн харыстыыр ачыкыны кэтэргитин умнумаҥ. Ыга тутар хаалтыстары, курдары кэтимэҥ;

5. Аскытын көрүнэргитин умнумаҥ. Чаастатык, кыралаан аһыы сатааҥ. Сылааска киһи утаҕын ордук ханнарар, көлөһүн таһааран сөрүүкэтэр утаҕынан сылаас уу буолар. Тымныы, саахардаах, гаастаах утахтар утаҕы ханнарбаттарын ааһан, иһи үлүннэрэн, өссө ыгыллыыга, иһи-үөһү ыарытыннарыыга тиэрдиэхтэрин сөп. Аһыыргытыгар киһи куртаҕар чэпчэки аһы аһыы сатааҥ, ордук оҕуруот, үрүҥ аһы, хааһыны. Эттэн, ыыһаммыт халбаһыттан, элбэх туустаах, тумалаах астан туттунаргыт ордук;

6. Тиритэн баран түргэнник сойо охсоору тымныы ууга киирии, эмискэ эти-сиини үөрэппэккэ сөтүөлээһин тымырга ноҕорууска оҥорорун умнумаҥ. Ол оннугар киһи этин сылааһын саҕа ууга душтаныы, сотторунан обтирание оноруу чэпчэтиэ, сөрүүкэтиэ;

7. Төбөҕүт ыарыйдаҕына, дабылыанньаҕытын мээрэйдэммэккэ эрэ тутатына түһэрэр эми иһэртэн туттунуҥ, наһаа сылааска тымыр кэҥээн, дабылыанньа түһэн хаалыан эмиэ сөп;

8. Куйааска эмискэ күүскүт эстэн, утатан, тамаххыт хатан, тыын тиийбэт курдук, мэйиигит эргийэр түбэлтэтигэр, тутатына суһал көмөнү ыҥырыҥ, күлүк сири булан сытыҥ, тымныы, инчэҕэй таҥаһынан төбөҕүтүн тутуҥ, ыга тутар таҥаскытын төлөрүтүҥ, туустаах уута иһиҥ.

Бэйэҕит доруобуйаҕыт бэйэҕит илиигитигэр буоларын умнумаҥ. Доруобай, чөл олохтоох буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...