27.09.2021 | 18:23

Олоххун сааһылаа, ис туруккун тупсар

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

1. Бытаарыы. Куруук ыксыы сырыттахха эккэ-сииҥҥэ ис күүрүү үөскүүр. Оччоҕо ыгыллыы, кыыһырыы, астыммат буолуу олохсуйар. Тас ыксааһынтан туох да түргэтээбэт, төттөрүтүн ыһыллыы, туох да ситтэрбэт буолар. Ис бытаарыыга өй-санаа сааһыланан, оҥоһуллуохтаах кэмиттэн кэмигэр бүтэн-ситэн иһэр. Аһара да бытаарбакка, аһара да ыксаабакка бэйэ тэтимин булуу – киһи доруобуйатыгар үчүгэй дьайыылаах, ыксыыр киһи бириэмэтин түргэтэтэн түргэнник кырдьар.

2. Холкутуйуу. Сөптөөх быһаарыныы ылынарга көмөлөһөр, ис эйгэ этэрин, сүрэх таба таларын, интуицияны сатаан истэргэ үөрэтэр.

3. Болҕомтолоох буолуу. Өй эрэ этэрин буолбакка, үксүн сүрэх этэрин болҕойор ордук. Ис дьиҥи, ис кырдьыгы сүрэх эрэ билэр. Өй үлэтэ наар тэҥниир, ырытар, сыаналыыр, тас өттүн көрөр. Сүрэх тоҕо, туохтан буолбут биричиинэтин ис иминэн сэрэйэн билэр, өйдүүр, буолбуту ылынар. Туох да мээнэҕэ буолбатын билэр.

4. Сир Ийэттэн сүр, эниэргийэ иҥэринии. Элбэхтик айылҕаҕа сылдьыы, бэйэ сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктаныы, айыы-тутуу, тулалыыр эйгэттэн кэрэни, үчүгэйи, үтүөнү булан көрүү дьахтарга эниэргийэ биэрэр. Кыраттан да астыныы, дуоһуйуу мунньуллан күүс-кыах, сэниэ, сүр эбэн иһэр.

5. Тус бэйэ этин-сиинин, ис санаатын кытта биир буолуу. Хас биирдии киһи тус үчүгэйдээх, үтүөлээх, туспа өрүттэрдээх. Ол кини атыттартан уратыта. Киһи бэйэтин ис-тас уратытын хайдах баарынан истиҥник ылынара олоҕор улахан суолталаах. Бэйэтин ылыммат, сирэр киһи олоҕор табыллыы кэлбэт, атыттар киниэхэ сыһыаннара эмиэ оннук буолар. Киһи олоҕу көрүүтэ тус бэйэтин олорбут олоҕун уопутуттан,  билиититтэн тутулуктаах. Ол иһин хас биирдии киһи олоҕу тус туһунан, бэйэтин кырдьыгынан көрөр. Киһи, бастатан туран, бэйэтин, тугу хайдах ылынарын, ис туругун (туохтан хомойорун, үөрэрин уо.д.а.) билэ сатыахтаах, оччоҕо санаатын сааһыланан, этин-сиинин иһиллэнэ үөрэнэрэ бэйэтин сатаан салайынарыгар көмөлөһөр.

6. Ыраастаныы. Хом санаалартан, бэйэни буруйданыыттан босхолонон, буолан ааспыты бу буола турар олоххо мэһэй оҥостубакка, ыытан ыраастанан иһии киһи саҥаттан саҥаны билэн иннин диэки баран иһэригэр олус туһалаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...