30.01.2021 | 07:12

ОЛОХХО-ДЬАҺАХХА ТУҺАЛААХ СҮБЭЛЭР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир
  • Илиигитин итии уокка сиэттэххитинэ эбэтэр итиигэ бустаххытына хартыыһанан бистиҥ.
  • Маҕаһыынтан ылбыт сымыыккытын таҥнары уурдаххытына, өр кэмҥэ уһуннук сытыа.
  • Саҕалаах ырбаахыга, сибиитэрэҕэ помада эбэтэр тональнай кириэм бээтинэтэ баран биэрээччитэ суох. Ити түгэҥҥэ испииринэн эбэтэр тыҥырах лааҕын ыраастыыр убаҕаһынан соттуҥ, бээтинэни түргэнник аһардыа. Ол эрээри олус күүскэ аалымаҥ.
  • Баттахха, таҥаска, төлөпүөн чехолугар, о.д.а. малга-салга ыас сыстан хаалбыт буоллаҕына, “Кока-кола” утаҕынан ыраастааҥ. Бэркэ аһардар дииллэр.
  • Сыыр остуолга туран хатан хааллаҕына, үүккэ угуҥ. Түргэнник сымныа.
  • Куһаҕан сыт-сымар иҥмит буоллаҕына тууста таммалатыҥ.
  • Оҕуруот аһын саахардаах ууга сууйан баран сиэҥ, оччоҕуна ордук ырааһырыа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...