18.12.2019 | 13:01

ОЛОХХО БЭЛЭМНЭЭХ БУОЛУУ ХАЙЫСХАТА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн биһиги балаһабытыгар уйулҕа үөрэхтээх, Уус Алданнааҕы сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору реабилитациялыыр Киин педагог-психолога, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Лидия Валериевна Петухова ыалдьыттыыр.

- Лидия Валериевна, билиҥҥи олохпутугар уйулҕа идэтэ бигэтик киирдэ диэххэ сөп. Бүгүн биһиги олох туһунан кэпсэтэбит. Кэпсэтиибит тиэмэтэ судургу курдук гынан баран, иһэ истээх дии саныыбын.

- Олох диэн тугуй? Бу түһүүлээх, тахсыылаах, үөрүүлээх, хомолтолоох, утарыта туруулаах киһи аймах үлэлээн-хамнаан олорор эйгэтэ. Олох киэҥ эйгэтэ диэн аан дойду таһымын хабар уустук экономическай, политическай  уонна култуурунай алтыһыы буолар. Киһи бэйэтэ ис эйгэтигэр олох киинин курдук сананар, онтон киэҥ эйгэҕэ кини быыкаайык өлүүскэ буолар. Киһи биирдэ олорор олоҕор хаһан даҕаны тутулуга суох буолбат, кини уопсастыба өлүүскэтэ буоларынан, уустук социальнай сыһыаннарга киирсэр. Ол эбэтэр хайа эрэ норуот, дойду, судаарыстыба олохтооҕор. Онон кини өбүгэлэрин үгэстэрин тутуһан, киһи аймах историятын уопутун учуоттаан, олорор сирин төрүт сокуонун тутуһан уонна төрөөбүт дойдутун олоҕун уйгутун уһансар.

- Ити эппит төрүөттэргэр билиҥҥи ыччат төһө бэлэмнээҕий?

- Билиҥҥи ыччат олоххо бэлэмнээх буолуутун хайысхатын быһаарар буоллаҕына, кини олоҕу киэҥник билэн-көрөн, ырытан, толкуйдаан баран күннээҕи былаанын, инники олоҕун тускулун чопчулуохтаах.

- Онуоха аныгы олох уратылара туохтарый?

 - Бастатан туран, информатизация уонна коммуникация балысхан сайдыыта бара турар. Онон тыл-өс, бэлиэ, символ, түмэр өйдөбүллэр ситимнэрэ аан дойдуга биир халыыпка киирэллэрэ саарбаҕа суох буолла. Экономика, энергетика, этика, култуура ситимнэрин сайдыытыгар бөдөҥсүйүү (глобализация) буолуутун туох да туппат буолуоҕа. Бу маннык техническэй эйгэ сайдыыта киһи олоҕун уйгутун тупсарар гынан баран, айылҕаттан тэйиини уонна бэйэни харыстаныы намтааһынын үөскэтэр.

Онон олоххо бэлэмнээх буолууга хас биирдии киһи бэйэтин ис эйгэтин, тас култууратын уонна духуобунай сайдыытын үрдүк таһымҥа тутара наадалаах. Тоҕо диэтэххэ билиҥҥи олох күлүк өттө киһи өйүн-санаатын, отуорун (психикатын) алдьатар буортулаах дьайыылара элбэх. Холобур, арыгы, табах, наркотик, субкультура маассаҕа олус күүскэ өтөн киирэ турар. Аан дойду политическай балаһыанньатыгар атааннаһыы, бэйэ-бэйэни тулуйсубат буолуу, итэҕэли өрө тутан өйү-санааны булкуйуу көстүүлэрэ элбэх.

Биһиги дойдубутугар ырыынак сокуоннара олоххо киирэн, элбэх социальнай проблемалары үөскэтэллэр. Хас биирдии ыччат кэнэҕэс олоҕун былааннанарыгар  бэйэтин-бэйэтэ ииттинэр өйү-санааны тутуһуохтаах, барыны барытын кэмчилээн, харыстаан тутта үөрэниэхтээх, бириэмэни сатаан аттаран элбэҕи сатыыр, оҥорор кыахтарын сайыннарарга кыһаллыахтаах.

- Онно эн тугу сүбэлиэҥ этэй?

- Эдэр киһи инники олоҕор үс хайысханы дьүөрэлии тутан иннин диэки барар суолун тэлиниэхтээх: бастакы хайысха – билии, үөрэх, идэни талыы, идэҕэ үөрэнии, үлэһит буолуу; иккис хайысха – баҕа санаа туолуута, таптал, оҕо төрөтүү, ньир-бааччы ыал буолуу; үһүс хайысха – куруутун бэйэни сайыннарыы, үрдүккэ талаһыы, туһалаах дьарыгынан дуоһуйуу.

Киһи ис тутулун уонна тас эйгэтин хас да төгүрүк оҥорон көрдөрөбүн. Ол курдук, бастакы төгүрүк – киин эйгэ. Манна киһи өйдөөбөт эйгэтэ, киһи отуора, киһи баҕата, айылҕаттан бэриллибит харыстанар күүһэ киирэллэр. Иккискэ киһи өйдүүр эйгэтэ. Манна киһи билиитэ-көрүүтэ, тыла-өһө, сиэрэ-майгыта, дьону кытта алтыһыыта, бэйэтин сыаналаныыта, тас көстүүтүн, этин-сиинин сайыннарыыта, күннээҕи олоҕор түбүгэ барыта киирэр. Уонна үһүскэ киһи өркөн өйө, айылгыта. Манна киһи бэйэтин күрүөлэниитэ, арчыланыыта, харыстаныыта, сырдык санаата, сайдыы үрдүк чыпчаалыгар тардыһыыта киирэр.

Бу үс эйгэ, сахалыы эттэххэ, үс кут (ийэ, буор, салгын) сайдыыта оҕо сааска үөрэтии, иитии көмөтүнэн сайдар. Эдэр киһи уларыйар сааһыттан саҕалаан бу ис уонна тас эйгэлэрин икки ардыгар эйэлэһиини олохтуурга кыһаныахтаах. Тас эйгэ хараҥа дьайыыларыгар, олох күлүк өттүгэр  бэриммэт туһугар олоҕун инники сыалын, барылын, тускулун кытаанах санаа күүһүнэн салайара наадалаах. Ол инниттэн күн аайы бэйэни дьаһаныы бэрээдэгэ олохтонуохтаах.

- Ол бэрээдэги хайдах олохтуубутуй?

- Бастатан туран, киһи бэйэтин туһунан элбэхтик саныахтаах, иһигэр күннээҕи олоҕун ырытан бэйэтин кытта кэпсэтиэхтээх. Бу үлэ күннээҕи олоҕу суруйуу (дневник) көмөтүнэн барара туһалаах. Иккиһинэн, күннээҕи олох былаана суруллан, киһи көрөр сиригэр ыйанан турар буоллаҕына, тутуһарга чэпчэки. Киһи инники олоҕун ыраланан, хайдах киһи буолуохтааҕын, тугу ситиһиэхтээҕин, тугунан дьарыктаныахтааҕын барыллаан быһааран бэйэтигэр бырагыраама оҥостуохтаах. Дьон сүбэтин ылынан, үтүө холобуру батыһан, билиигэ-көрүүгэ тардыһан, күннээҕи олоҕун бэрээдэктэнэр киһи алҕастары оҥорбокко иннин диэки түргэнник дьулуһар. Киһи билиҥҥи олоххо экономическай өйдөөх-санаалаах буолара ирдэнэр. Илиитигэр бэриллибит үбү суоттаан, ааҕан, баар малы-салы кичэйэн туттар буоллаҕына, ырыынак усулуобуйатыгар уйуктаах буолара саарбаҕа суох.

Инники олоххо бэлэмнээх буолууга үөрэнии, билии, бэйэни сайыннарыы уонна сатабыл хайысхатын таба тутуһан, тас уонна ис эйгэни дьүөрэлээн сайыннарар наадалаах.

- Лидия Валериевна, сүбэҥ, соргуҥ иһин махтал, инники үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын!

Билигин ааҕааччыларбар иитээччи Елена Охлопкова сүбэлэрин биэрэбин.

Күннээҕи бэйэ ис туругун  көннөрөр ньыма

«Дьылҕаҥ бэйэҥ илиигэр» дииллэригэр дылы, киһи олоҕун бэйэтэ уларытыан сөп. Үчүгэй настарыанньалаах буоллаххына, бэйэҥ билбэккинэн барыҥ барыта табыллар. Туоҕуҥ барыта табыллыан баҕарар буоллаххына, бэйэҥ күүскүн түмэн, ол туһугар кыһаллыахтааххын:

  1. Хас сарсыарда аайы «мин кэрэбин» диэбитинэн уһугун. Дьахтар аймах бэйэтигэр эрэнэрэ улахан оруолу оонньуур.
  2.  Элбэхтик мичээрдээ! Билэр дьоҥҥор, табаарыстаргар, доҕотторгор, аймахтаргар, көннөрү ааһан иһэр да дьоҥҥо мичээрдээ. Мичээр киһини киэргэтэрин таһынан, дьону-сэргэни кытта билсэргэ көмөлөһөр. Мичээрдии үөрэммэтэх эбэтэр ону ыарырҕатар буоллаххына, киэһэ сиэркилэ иннигэр туран мичээрдииргэ үөрэн.
  3. Нэдиэлэҕэ биирдэ кыракый «бырааһынньыкта» тэрий. Тус бэйэҕэр эрэ анаан минньигэс аста буһарын, маҕаһыыҥҥа сылдьан кыра да буоллар туохта эмит ылын, сылаас кэмҥэ биир чаас тыаҕа тахсан хаама түс. Лаппа туһалыыр.
  4. Хоббита булун: ас арааһын астаа, спордунан дьарыктан, иистэн, уһан уо.д.а дьарыктанан, иллэҥ кэмҥин туһалаахтык атаар.
  5. Эйэҕэс буола үөрэн. Истиҥник уонна эйэҕэстик кэпсэтии искусствотын баһылыырга кыһан. Бэйэҥ, кырдьык, эйэҕэс буоллаххына, ону холкутук кыайыаҥ. «Ыарахан» айылгылаах да буоллаххына, «үтүө киһи» эбит дэттэрэргэ кыһаллын.
  6. Сыалла туруорун уонна ону булгуччу толоро үөрэн. Бастаан кыраны, онтон сыыйа улаатыннаран иһиэххэ сөп.
  7. Эмоцияны кыана тутун. Дэлби кыйаханан, хаһыытаан тоҕо барыаххын баҕардаххына да, туттуна сатаа, хараххын атын объекка туһулаа уонна туох эрэ үчүгэйи санаа, болҕомтоҕун онно уур. Сөбүлүүр ырыаҕын да истиэххин сөп. Бу сүбэни туһанан элбэх киһи улахан этиһииттэн, айдаантан-куйдаантан быыһаммыта.
  8. Тугуҥ эмит алҕас табыллыбатаҕына даҕаны, санааҕын түһэримэ. Төттөрүтүн, «итинник ыарахаттары көрсөн мин өссө күүстээх санааланабын, туохха да кыайтарбат буолабын» диэн үөрэ саныы үөрэниэххэ наада. Санааҕын отой түһэрбэккэ инниҥ диэки эрэллээхтик  кимэн киирэн ис.
  9. Кыһалҕалаахха көмөлөһө сатаа. Ким эрэ эйигиттэн сүбэ-ама көрдөөтөҕүнэ, эн кинини тэйитимэ. Төһө кыалларынан көмөлөһө, сүбэлии-амалыы сатаа. Оччоҕуна бэйэҥ да санааҥ көтөҕүллүө, ис-искиттэн чэпчиэҥ.
  10.  Бэйэн тулаҕын үчүгэй эрэ дьонунан толоро сатаа. Ымсыы уонна хобу-сиби тарҕатар дьону төһө кыалларынан бэйэҕиттэн тэйит, дьалты тутун. Оннук «доҕоттор» ыксаларыгар сылдьыы туох да бэрдэ суох. Ол оннугар эрэллээх доҕоттор, үчүгэй майгылаах, үтүө сыһыаннаах  дьон ортолоругар сылдьыы – дьол буоллаҕа.

Бэйэҕин таптаа, убаастаа, биирдэ бэриллэр олоххун сыаналаа, чугас дьоҥҥун таптаа, дьол эн дьиэҕэр, үлэҕэр мэлдьи хонон-өрөөн сытар ыалдьыт буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....