11.08.2022 | 14:00

Олох таһымын алын кээмэйин туппаттарын туһугар

Иэстээх дьонтон харчыларын тутан ыларга олох таһымын алын кээмэйин хаалларыахтарын сөбүн туһунан сокуон үлэлээбитин үгүстүк суруйан турабыт.
Олох таһымын алын кээмэйин туппаттарын туһугар
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Олох таһымын алын кээмэйин саҕа кээмэйдээх харчыны бириистэптэр тутан ылбаттарын туһугар сайабылыанньаны Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө биэриэххэ сөп буолла. «Цифровое исполнительное производство» саҥа суперсервиһи Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспата уонна Цифровой сайдыы министиэристибэтэ оҥорон үлэлэттилэр.

 

 Бу иннинэ иэстээх дьон исполнительнай производство тэриллибит подразделениетыгар тиийэн эбэтэр почтанан суругунан сайаапка ыытыахтаахтара. Билигин гражданнар хадатаайыстыба биэрэр сервиһинэн туһаналлар: https://www.gosuslugi.ru/600367/1/form эбэтэр робот Макс нөҥүө «прожиточный минимум» диэн суруйдахтарына, интерактивнай көмөлөһөөччү сайабылыанньаны толорорго көмөлөһөр.

 

Сайаапкаҕа иэстээх киһи олох алын таһымын кээмэйин саҕа харчыны хаалларар счетун реквизитин, баанын аатын, аадырыһын толору ыйар. Ону таһынан бэйэтин социальнай балаһыанньатын бэлиэтиэхтээх: биэнсийэлээх эбэтэр үлэлиир кыахтаах.

Сайабылыанньаҕа ыйдааҕы дохуотун туоһулуур докумуон сыһыарыллар. Иэстээх киһи инбэлиит аймаҕын иитэр буоллаҕына, суукка биэрэн, тыытыллыбат сууматын кээмэйин улаатыннарыан сөп. Суут оннук быһаарыыны таһаардаҕына, ону эмиэ сайабылыанньаҕа сыһыарыллар.

 

Суут бириистэбэ 17 үлэ күнүн устата сайабылыанньаны көрүөхтээх, туһааннаах уурааҕы таһааран, бааҥҥа толорууга ыытыахтаах. Ый аайы олох таһымын алын кээмэйин саҕа сууманы таарыйтарбат быраабынан иэстээх барыта туһанар кыаҕа суох. Холобур, элимиэннэрин төлөөбөтөх, доруобуйаҕа оҥоһуллубут хоромньуну толуйар эбэтэр иитээччи өлбүтүнэн эмсэҕэлээһини төлүүр, буруйу оҥоруу түмүгэр иэстэн төлөрүйэр дьоҥҥо маннык көрүллүбэт. Маннык бэрээдэк кирэдьиит ылбыт тэрилтэҕэ сайаапка кэллэҕинэ тарҕаммат.

 

2022 сыл олунньу 1 күнүгэр олоххо киирбит сокуонунан, олох таһымын алын кээмэйин саҕа харчыны хаалларар туһунан 1800-тэн тахса сайаапка киирбит.

 1471 исполнительнай производство иһинэн 500 тыһ. солк. тахса гражданнарга хаалбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...