01.07.2023 | 12:00

Олох сокуона

«Кэм кэрэһитэ» устуудьуйа истиҥ-иһирэх сэһэргэһиинэн документальнай киинэ оҥорон, И.С. Жараев аатынан СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин пуондатыгар үйэ-саас тухары хараллыыга туттарар үлэнэн дьарыктанар.
Олох сокуона
Ааптар: Маргарита Степанова (Акимова)
Бөлөххө киир

Ол курдук, 2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэбитигэр буола турар Үлэ сылынан араас идэлээх, дьарыктаах дьон туһунан устуулары ыытар. Дьокуускай куораттан Бүлүүлүүр суолунан айаннаан истэххэ, айылҕабыт барахсан сайыҥҥылыы сандааран, тыата күөҕүнэн чэлгийэн, үчүгэй да үчүгэй.

Массыынабыт трассаттан туораан, ойуур быыһынан сыыйылыннарар. Биир силистэн уончалыы хатыҥ бөлөхтөһөн үүнэн, үрдүк халлааҥҥа күөх нуолур сэбирдэхтэринэн суугунаһа тураллара киһи эрэ хараҕын үөрдэр. Кинилэр тастарыгар, күүстээх тыалтан харыстыам диэбиттии, сиртэн чиҥник тирэнэн бэс мастар  ханыыласпыттар. Бу кэрэ көстүүттэн манньыйан, салгыы ситэрэн, хатыҥҥа элбэх оҕолоох ийэ уобараһын көрөҕүн, оттон бэстэр кинилэргэ дурда-хахха буолар аналлаах үүммүккэ дылылар.

"Кэм кэрэһитэ" айар бөлөхпүт ыйыллыбыт аадырыспытыгар чугаһаабытыгар утары бэлисипиэттээх эдэрчи киһи көрсөн:  "Пирамидаҕа кэллигит дуо?"– диэн ыйыппытыгар, мунаахсыйан ыллыбыт.

Билсиһиибит бу курдук Сахабыт сиригэр дьикти тутууну сөҕө-махтайа көрүүттэн саҕаланна.

... Хас биирдии киһи олоҕор туспа, ураты бэлиэ хаалларар аналлаах, кэм-кэрдии кирбиитигэр үлэтинэн, дьарыгынан, айылгытынан тустаах кэмин кэрэһитэ буолан, бэйэтин суолун сурунар. Ол курдук биһиги бүгүн бу пирамида курдук дьикти тутуу эмтиир, ыраастыыр сүдү күүһүн табатык туһанан, дьоҥҥо-сэргэҕэ күүс-көмө, дурда-хахха буола, сүҥкэннээх үлэни толоро олорор бэйэлэрин кэмнэрин кэрэһиттэрэ дьоҥҥо ыалдьыттыыр ураты күнү атаардыбыт.

Урутаан эттэххэ, сэһэргэһээччибит бу тиэргэҥҥэ үлэһит быһыытынан сылдьар эбит. Аҕыс кырыылаах балаҕан үс атахтаах төгүрүк сандалы остуолун тула олороммут сылаас үүттээх чэйи сыпсырыйан ыла-ыла кэпсэтиибитин эһиги болҕомтоҕутугар тириэрдэрбин көҥүллээҥ.

«Мин эһиэхэ оҕону уол, кыыс диэн араарын иитии уратытыгар болҕомтону уураммыт, сахабыт норуота кэлэр кэскилэ туруктаах, бөҕөх, ырааҕы көрөр ыччаттардаах буоллун диэн хайысхаҕа бэйэм көрүүлэрбин этиим»,– диэн бэйэтин Ытык Хоб диэн ааттаммыт сэһэргэһээччибит кэпсээнин саҕалыыр.

– Киһи орто дойдуга кэллэҕинэ, айыыһыты көрсөллөр, атаараллар. Өбүгэлэрбит оҕону иитиигэ ол курдук улахан болҕомтону уураллара. Чэ, мин көрүүбэр, былыргы бастыҥ иитии маннык: оҕону 8 сааһыгар диэри ийэтиттэн араарбаттар. Онтон 8 сааһыттан таайдарыгар, урууларыгар иитиллэр. Онтон 13 сааһыттан 21-гэр диэри аймахтарыгар барар. Итинник эргиири барбыт, уһуйуллубут, такайыллыбыт оҕо бэйэтин сааһыгар сөптөөх иитиини иҥэринэр диэн буолар. Онтон ийэттэн эрдэ арахсыы, аймахтартан тэйии о.д.а. – ситэтэ суох иитии мэктиэтэ. Оҕо бэйэтин сааһыгар иҥэриниэхтээх билиитэ-көрүүтэ татым буолар.

Оҕо сөпкө улаатыыта сүҥкэн оруоллаах. Кини бу кэмнэргэ кимтэн кииннээҕин, хайдах аймахтардааҕын, туох дьоҕурдаахтарын көрөр-истэр, майгы-сигили хайдаҕын ымпыктаан-чымпыктаан билсэр, өйүгэр-санаатыгар иҥэринэр. Маны ситэ ылбатах оҕо сыыйа дьонуттан тэйэр, бэйэтин эрэ иннин көрүнэр бэйэмсэх буола улаатар.

Омук тыынын кыыс оҕо оҥорор диэн баар. Ол иһин билигин даҕаны Арассыыйа сорох муннуктарыгар «Школа благородных девиц» диэннэр бааллар. Дьэ, биһиги өбүгэлэрбитигэр маннык оскуола эмиэ баарын кыыс оҕоҕо балаҕаҥҥа хаппахчы диэн анал миэстэ аныылларыттан да көрөбүт.

Кыыс оҕону иитии эбэлэртэн, онтон ийэттэн саҕаланыахтаах. Саха тылыттан, саха өс хоһоонуттан саҕалаан сыһыаҥҥа тиийэ эбэ, ийэ бэйэлэрин холобурдарынан, тутта хапта сылдьалларынан бу улаатан эрэр кыыс оҕоҕо холобур буолуохтаахтар. «Школа благородных девиц» диэммит тахсан кэллэҕэ ити.

Холобурдаан эттэххэ, эр киһини, аҕаны, эһэни аһыыр остуолга бастаан олордууттан, аһы бастаан киниэхэ биэрииттэн, кини этэрин болҕомтоҕо ылартан саҕалаан бэйэлэрэ да билбэттэринэн иитэ-үөрэтэ сылдьыахтаахтар. Барыта күннээҕи олохтон, кэпсэтэр сиэртэн саҕаланар. Кыыс оҕо ону көрө сылдьан, улааттаҕына эмиэ эригэр сыһыана оҕо сааһыттан көрө, ылына улааппыт суолунан баран иһэр.

Иитии сүрүн соруга киһи буолууга сытар. Орто дойду олоҕунан ортотунан олорор көҥүл, сиэрдээх киһини иитии буолар диэн көрөбүн. Онтон атын туох да суох. Сирдээҕи толкуйунан олорор, олоххо бэлэмнээх, бэйэтигэр дириҥ, мындыр билиини иҥэриммит киһини иитиэхтээхпитин умнумуох кэриҥнээхпит.

Сахаҕа бэйэ бэйэни харыстаһыы диэн баар. Ыал ийэтэ аҕаларыгар мөкү, куһаҕан сонуну кэпсээбэт. Кэпсиир, этэр да түгэнигэр, таайтаран, ханарытан этэр.

Айылҕа кыыс уонна уол диэни мээнэҕэ айбат. Ыалы ыал гынааччы, үтүө өй-санаа дириҥ өйдөбүллэрин илдьэ сылдьааччы – кыыс. Кини улаатан, ситэн-хотон, ис киэлитигэр бүтүн киһини айан таһаарар сүдү күүстээх. Тулуурдаах, ыарахантан чаҕыйбат ис күүстээх. Онон ыал ийэтэ мөкү да быһылааны эр киһитинээҕэр айылҕатынан ордук  уйар кыахтаах айыллар.

«Ыал – ийэтинэн» диэн өйдөбүлгэ өйө-санаата, майгыта-сигилитэ, тутуута-хабыыта, асчыта-үөлдьүтэ, бэрээһинэ-тэрээһинэ барыта киирэр. Кини этиитэ, сүбэтэ өрүү суолталаах буолар.

Сахаларга ханарытан этии баар. Айыыһыт уонна Иэйиэхсит диэн ханарыйбыт ааттара. Маанылааннар аһара ханарыппыттарын дэбигис киһи өйдөөбөт. Онтулара олус cудургу.

Саха дьоно олорор айылҕабытынан даҕаны бытааммыт. Түргэнник, баламаттык буолан, ситэн испэт. Дойдубут курдук бытааннык ирэбит, бытааннык тоҥобут.

Ол сиэринэн оҕо аҕыһыгар диэри ийэтин таһыттан арахпат буолуохтаах. Аныгы дьон, сайдыы диэммит, оҕолорбутун дьааһыла, дьыссаат иитиитигэр биэрэн, ити этэр аҕыс сааһын бэйэбититтэн куоттарабыт. Олох сайдыыта оннугун оннук эрээри, оҕо ийэтиттэн тэйбэккэ иитиллиитин көстүүтэ уонна түмүгэ киһи буолан тахсыытыгар уратылаах буолуохтаах.

Кырдьаҕастар, уопсайынан, оҕону иитиигэ элбэх ньымалаахтар. Күрэхтэһиннэрэллэр, бултаталлар, иистэннэрэллэр, астаталлар. Туттарын-хаптарын көрөн, инникитин быһаараллар. Инникитэ дьэҥкэ, чопчу буоллаҕына, бу оҕо суола көнө, дьоллоох диэн буолар.

Оҕо уон үс сааһыгар диэри ким буолуохтааҕа биллиэхтээх. Аҕыс сааһыттан саҕалаан үтэн-анньан көрөллөр, тугунан оонньуурун, тугу интэриэһиргиирин үөрэтэллэр. Олоҕун оннук таҥан таһаараллар.

Кыыс оҕону эбэлэр иитиэхтээхтэр. Биир эбэ эрэ буолбакка, бэйэ бэйэлэрин ситэрсэн, түөлбэ эбэтэ иитиэхтээх. Билиҥҥи кэмҥэ биэнсийэҕэ тахсыбыт эбэлэр итинник оскуолалары тэрийдэллэр, кыыс оҕону иитиигэ тирэх буолуох этэ. Саатар сайынын лааҕыр да курдук.

Уол оҕону булчуттарга, уус кыһаларыгар биэрэн уһуйтардахха, эбэтэр эһэлэр илдьэ сырыттахтарына, үчүгэйтэн атыны аҕалбат буоллаҕа. Уол оҕо онно эр киһи быһыытынан буһан-хатан тахсар. Оһох оттортон саҕалаан, илим көрүүтүгэр, быһаҕынан туттарга тиийэ үөрүйэхтэри иҥэринэн, олоҕор тирэх өйдөбүллээх буолуох этэ.

Уол оҕо аһыгар болҕомто ууруохха наада. Ол арыый атын буолар. Барыта атыыр кыыл этэ, балыга буолуохтаах. Оччоҕуна кини  ситэригэр-хоторугар төһүү күүс ууруллар.

Дьэ итинник оҕону кыра сааһыттан кыыс, уол уратытын учуоттаан иитэрбит буоллар, өбүгэлэриттэн бэриллибит дьарыктарын, талааннарын, дьоҕурдарын олох олороллоругар туһаныа этилэр.

Саха өһүн хоһоонугар күн бүгүҥҥэ диэри туттуллар дириҥ ис хоһоонноох этиилэртэн "Кыыс оҕо – омук анала" диэни ылан анаардахпытына, бу – норуоту тыынныыр кыыс буоларын этэр этии.

Аны "Уу – чугаһа, уруу ырааҕа үчүгэй" диэн өс хоһоону ылан көрүөх. Бу аата хас биирдии киһи бэйэтин төрүттэрин биэс көлүөнэҕэ диэри билиэхтээҕэ. Оччоҕуна уруутугар, аймаҕар кэргэн тахсыа суохтааҕын этэр өс хоһооно буолар.

Киһи үйэтин тухары айа-тута, иэйэ-куойа сылдьыахтаах. Оччоҕо таһымыран, өйө ситэн-хотон иһэр. Ииттэн иигэ тахсарга күүс-көмө буолар. Кэлин кини, таһымыран, киэҥ көҕүстэнэр. Кыра аайы ымыттыбат.

Бу курдук өбүгэлэрбит тылы ханарытан, киһини харыстаан, бэйэлэрин холобурдарыгар олоҕуран оҕону кыыс, уол дьарыгынан арааран иитэллэрин сэһэргээтэ устуудьуйабыт ыалдьыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...