07.03.2021 | 15:57

Олох араас эридьиэстэрэ

Олох араас эридьиэстэрэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү олохпут быыһын сэгэтэн көрүөҕүҥ эрэ. Билигин хайдаҕый, сарсын туох күүтэрий? Инникибитин тымтыктанарга уустук кэм. Кэнники кэмҥэ “үһү” диэн саарбахтыыр санаалар үгүс киһини үүйэ-хаайа туталлар. Уруккуну билиҥҥини кытта тэҥнээһин, аныгы үйэ кыһалҕалара дьон-сэргэ уйулҕатыгар бигэтик уйаламмыта саарбаҕа суох.

Урукку уонна аныгы оҕо  дьылҕата

Родион Лазаревич Данилов, Өлүөхүмэ улууһа, Кыыллаах нэһилиэгэ:

– Урукку уонна аныгы оҕолор дьылҕаларын тэҥнээн көрүөҕүҥ. Сэбиэскэй кэми, чуолаан, 60-80-с сыллары ырытыахха. Оччотооҕу оҕолор үлэ бөҕөнү үлэлииллэрэ. Сопхуостар кыахтаах эрдэхтэринэ саас хотон хаарын түһэрэллэрэ, сайын звеноларга оттоһоллоро, күһүн хортуоппуй хостоһоллоро. Ону таһынан сэрии бэтэрээннэригэр тимуровскай үлэнэн көмөлөһөллөрө. Сүүрэн-көтөн, оонньоон, хаарынан, туораҕынан тамнааттаһан, лапталаан, былаах былдьаһан оонньуурбут. Билиҥҥи курдук эмис оҕо аҕыйаҕа. Аныгы ыччат үксэ күнү быһа көмпүүтэргэ олорон, уойан, кыратык да хамсаннаҕына аҕылыыр. Сэбиэскэй кэмҥэ ас эгэлгэтэ наһаа да элбэх буолбатар, бэйэ аһа иҥэмтэлээх, битэмииннээх этэ. Билигин кытай лапсата, араас эбиликтэрдээх, кырааскалаах астар, кока колалар оҕо иммунитетын кэбирэттилэр. Суотабай төлөпүөнтэн, көмпүүтэртэн харахтара да мөлтөөтө.

Биһиги, оччотооҕу көлүөнэ оҕолоро, бааккы сүүйсэр этибит. Ол аата сүөһү, сылгы туйахтарын сүһүөхтэрин уҥуоҕун туруоран, ону быраҕан оонньуурбут. Сүүйтэрдэххэ туйаҕы астаан үлэлэһэн, буһаран хоҥуннарарбыт. Эбэтэр хонууга илдьэн кулуһун оттон, онно үтэн, сырайан астыырбыт. Кулуупка киинэ көрөн индеец оҕун оҥостон, куорсунун иилинэн уонна улахан повидло барыанньа бааҥкатынан рыцарь куйаҕын оҥосторбут. Маннык дьарыктаах буолуу биһигини кимтэн да соруттарыыта суох үлэлииргэ ииппитэ, сүрэхтээх буоларга такайбыта. Оҕо төһөнөн ыарахаттары көрсөр даҕаны, оччонон ханнык да үлэттэн толлубат. Учууталы ытыктыырбыт. Оччолорго мөҕөрө-этэрэ, укаасканан, илиитинэн да охсоро ханна барыай... Ону  төрөппүттэрбитигэр үҥсүбэт этибит. Билигин хайдаҕый? Оҕону охсуохтааҕар буолуох, сыччах мөхтөхтөрүнэ, дьонугар төлөпүөннээн, бассааптаан кэбиһэллэр дииллэр. Видеоҕа да устуон сөп. Онтон тугу булан ылыаҥый? Оҕо бырааба билигин улаатта. Урут учуутал мөҕөн-этэн такайара кэнники туһаны эрэ аҕалбыта диэн өйдөбүллээхпит. Сэбиэскэй кэмҥэ оскуолаҕа учууталлар, пионер, хомсомуол оҕолор дьоруойдуу быһыыларын сэһэргииллэрэ, холобур оҥостоллоро. Улуу сирдьиппит Ленин киһи тэҥ бырааптаах буоларын туһугар турууласпытын кэпсииллэрэ. Сталин, Брежнев туһунан үчүгэй өйдөбүллэр оччотооҕу ыччакка баара.

Билигин сэтинньи сэттис күнүн ыланнар, Норуот сомоҕолоһуутун күнүн бэлиэтииллэр. Билиҥҥи оҕолор, ыччаттар туохха сомоҕолоһоллорун өйдүүллэрэ эбитэ дуу... Собуоттары, сир баайын атыылаан эрэ ииттинэн олоробут, үөрэх, эмтэнии барыта төлөбүрдээх буолла. Оҕолор кэнники историяны үөрэтэн туох дии саныахтарай? “Биһиги өбүгэлэрбит тугу да үлэлээн, оҥорон иитиллибэккэ сир баайын атыылаабыттара, тобоҕу эрэ хааллардылар” диэхтэрэ дуо? Биһиги саҕана милииссийэ норуоту көмүскүүр диэн өйдөбүллээх этибит. Аныгы оҕолор туох дии саныахтарай? Ютубунан көрдөхтөрүнэ, Москваҕа, атын да куораттарга куйахтаах, дубинкалаах полициялар санааларын этинэ тахсыбыт норуоту кырбыыллар. Кырдьыгы эппит дьону хаайаллар. Дьэ, маннык балаһыанньаны оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр туох диэн кэпсээн үөрэтиэхтэрэй. Эбэтэр тэлэбиисэр үрүҥү көрөн туран, “хара” диирин курдук, сымыйалыахтара эбитэ дуу. Урут буржуйдар, помещиктар сир үтүөтүн ылан баран, дьадаҥыларга маардаах, дулҕалаах өттүн биэрэллэрин, атаҕастыылларын үөрэтэр этибит. Оттон  сиэннэрбит олорор кэмнэригэр олигархтар диэн дьон мөлүйүөнүнэн хамнастаахтар, дьадаҥылар 15 тыһыынча биэнсийэлээхтэр. Олигарх ыйдааҕы хамнаһа кыбартыыра сыаната, дьадаҥы киһи ыйдааҕы биэнсийэтигэр олигарх хаалтыһын, бачыыҥкатын эрэ саҕа сыаналаах диэн үөрэтиэхтэрэ турдаҕа эбитэ дуу... Туох да диэбит иһин, дьикти, киһи өйдөөбөт олоҕо кэллэ. Оҕо сырыттахха “Аахса барбаппыт атын омук диэн, илиибитин биэрэбит” диэн ырыа баара. Билигин аһара элбээннэр “сирбитин биэрэбит” диэн курдук балаһыанньа буолла. Кэнчээри ыччаппыт инники дьылҕатын туһугар саныахха ыарахан.

«Фейк» сонуннары итэҕэйэн, уйулҕаҕытын кэбирэтимэҥ

Мария Ивановна Афанасьева, 30 сыл ыстаастаах педагог, Дьокуускай куорат :

–Аан дойдуну аймаабыт сыстыганнаах коронавирус дьаҥа дьон өйүн-санаатын атыйахтаах уу курдук аймаата. Бу ыарыыбыт өссө хас сыл устата диэлийэн барыа биллибэт. Аныгы олох күүстээх технологиятынан, куйаар ситимин нөҥүө, ол эбэтэр бассаап, ютуб ханаал буолар-буолбат, аныгылыы эттэххэ, “фейк” сонуннара киһи уйулҕатын сүрдээҕин кэбирэтэн эрэллэр. Кими итэҕэйиэххин, ханна сөбүн-сыыһатын араарбат турукка киһи тиийэр буолла. Арааһа, “информационнай сэриилэрэ” диэн бу быһыылаах. Киһи уйулҕатын чэпчэкитик ыһар ньыма. Сарсыардааҥҥы сүпсүлгэн бассаап сонуннарыттан саҕаланар. Уһун күммүт ютуб кырдьык эрэ, сымыйа эрэ сурахтарынан түмүктэнэр. Манна киһи өйө-санаата сылайар, бэйэтэ да билбэтинэн ис уйулҕата кыралаан охсуулары ылар. Коронавирус ыарыы өрө туран дьон өйүн, ис туругун аймаата.

Тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа, куйаар ситимин нөҥүө күннээҕи кэпсэтии бу тула буолбута балай да бириэмэ ааста. Аны билигин вакцинация боппуруоһа өрө күөрэйдэ. Быһыыны ылабын дуу, ылбаппын дуу диэн ыйытык хас биирдии киһини толкуйга түһэрдэ. Сорохторго эрэли, кимиэхэ эрэ саарбахтааһыны үөскэттэ.  “Тоҕус төгүл тоҕонон” көмөн кэбистэ. Аны туран, бу дьаҥмыт күн-дьыл туругуттан көрөн (сезонунан) хаптайар, хаптайбат күннэрдээх буолан, элбэх бутууру таһаарар. “Ыарыы бастакы, иккис, үһүс долгуна кэлэр “үһү” диэнинэн ыарахан олохпутун өссө ыаратта. Онтон сылтаан барытыттан бары сэрэнии, сэрбэнии, дьаарханыы, баар балаһыанньаны өссө уустугурдара мэлдьэҕэ суох. Баҕар-баҕарыма, элбэх киһи кыһалҕаттан быһыыны ыларыгар тиийэр. Бүгүҥҥү күннээҕи сүрүн кыһалҕабыт коронавирус дьаҥа буолла. Бу ыарыыттан төһөлөөх билэр, билбэт дьоммутун сүтэрдибит. Барыта соһуччу... Өссө да олох олоруохтаах дьоммут кэмнэрин иннинэ бардылар диэн кэпсэтиини дьонтон элбэхтик истэҕин. Аны бэйэ-бэйэҕэ ыалдьыттааһын үтүө үгэһэ кытта хааччахтанна. Чугас дьоҥҥо кэлии-барыы, билсиһии туормастанна. Куораттан тыа сиригэр тиийии уустуктардаах буолла. Тула өттүбүт барыта куттал, “стресс”. Сахалар ахсааммытынан аҕыйахпыт ээ. Аҕа дойду улуу сэриитигэр үөһээҥҥи салалтабыт сыыһа дьаһаныыларын түмүгэр, төһөлөөх эдэр-сэнэх ыччаппыт, саха удьуорун тэнитиэхтээх уолаттарбыт, эр дьоммут сэрии хонуутугар умса анньыллыбыттара буолла? Саныахха ыарахан... Өссө ыарахана билиҥҥи кэм. Этэҥҥэ туораатарбыт, инникигэ тымтыктаныыбыт эрэли үөскэттэр диэн бигэ санаалаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...