08.12.2023 | 10:00

Олоҕун таптала — остуол тенниһэ

Олоҕун таптала — остуол тенниһэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Сахабыт сиригэр спорду өрө тутан күүскэ дьарыктаммыт, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччы саха дьахталларыттан биир бастыҥнара Альбина Иннокентьевна Поисеева дьоҥҥо-сэргэҕэ үчүгэйдик биллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, нэһилиэнньэни социальнай көмүскээһиҥҥэ Арассыыйа  үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа дьахталларын сойууһуттан мэтээллээх, Бүтүн Арассыыйатааҕы бэтэрээннэр тэрилтэлэриттэн Бочуоттаах бэлиэлээх, өрөспүүбүлүкэҕэ дьахталлар хамсааһыннарын лиидэрэ буолан Софья Сидорова аатынан Бочуот бэлиэтэ уонна да атын наҕараадалар кини таһаарыылаах үлэтин кэрэһилииллэр.

Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээх-уустаах Аля Поисеева кыра кылаастан спорка көхтөөхтүк кыттара, сүүрэрин-көтөрүн сөбүлүүрэ. Уончалааҕар Одьулууҥҥа үлэлии кэлбит нуучча тылын учуутала Дмитрий Петрович Коркин тустууга эрчийэр уолаттарын үрдүк сыырга илдьэн хайыһардатара. Ити 1956-57 сыл кыһыныгар Одьулуунтан Чурапчыга диэри 12 биэрэстэ сири сатыы сылдьан оҕолору, ыччаттары тустууга дьарыктыыра. Аля кинилэри батыһан тиийэн учууталын хайыһарын кэннигэр ыга тутуһан туран сыыртан бииргэ түсүһэрэ. “Оҕолортон миигин эрэ хайыһарыгар туруорара уонна охтубат этибит”, -  диэн күлэ-күлэ кэпсиир. Кинилэр история учууталыныын, кэлин оройуоҥҥа прокурордаабыт эмиэ бэйэтин бэркэ кыанар Аскольд Трифонович Кулаковскайдыын араастаан дьарыктанан, оскуола көрүдүөрүн устун илиилэрин былас быраҕан, муостаттан тирэнэн, ойоҕосторунан "солнцелаан" кулахачыталлара. Аля оскуолаҕа остуорастыыр эдьиийигэр хоно хааллаҕына, оччолорго уларыттар спортивнай көстүүмэ да суох буоллар, баата истээх ыстааннаах, школьнай былаачыйа сыыстаах учууталларын кэнниттэн харса суох саппай уопсара. Учууталларыттан саҥа олох тыына илгийэргэ дылыта.

Оҕолор да, нэһилиэнньэ да спорка тардыһыылара күүһүрбүтэ. Онуоха тустуунан дьарыктанар нэһилиэгин туруу үлэһит дьоно, кинилэр ортолоругар физкултуура учуутала Петр Старостин хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэҕэ чөмпүйүөннээн, оройуонугар бастакынан маастары толорбутунан биир дойдулаахтара киэн тутталлара, Христофор Матвеев, Николай Алексеев ыһыахха кыайталааннар, холобур буолаллара, “одьулууннар дуо” дэтэллэрэ.

Н.Н. Тарскай Саха сирин спорка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн олоруоҕуттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн маассабай спорка хамсатыылаах дьаһаллар ыытылланнар, бары оройуоннарга улахан хамсааһын саҕаламмыта. Чурапчыга Афанасий Кирикович Софронов 1956-1971 сылларга спорт кэмитиэти далааһыннаахтык салайар кэмигэр физкултуура уонна спорт өрө тутуллубуттара. Дойду киин куораттарыттан тренердэри аҕалтыыра. Сбордары тэрийтэлиирэ, Магадан, Хабаровскай, Биробиджан, Благовещенскай, Комсомольск-на-Амуре куораттарынан ыйы-ыйынан сылдьыталаан күрэхтэһэллэрэ. Кыһыннары-сайыннары аҕыс кылаастаах уонна орто оскуолалар икки ардыларыгар, үлэ тэрилтэлэринэн, нэһилиэктэринэн, колхуостарынан күрэхтэһии бөҕө ыытыллара.

Одьулууҥҥа Альбина кылааһын, оскуолатын, нэһилиэгин чиэһин хайыһар, чэпчэки атлетика, мээчик көрүҥнэригэр үгүстүк көмүскүүрэ. Оройуоҥҥа киирэн остуол тенниһигэр бастакы миэстэни ылан, илиитигэр “Альбине Поисеевой” диэн анал суруктаах мас кубок тутуурдаах, спортивнай бэргэһэлээх атах сыгынньах турбутун саһарбыт хаартыскатыттан көрүөххэ-билиэххэ сөп. Аҕыс кылаастаах оскуоланы бүтэрэн үөрэҕин Чурапчыга салҕаабыта.

Чурапчылар остуол тенниһигэр аатыран эрэр кэмнэрэ. Слава Доҕордуурап, Петя  Оконешников өрөспүүбүлүкэҕэ чөмпүйүөннүүллэрэ. Спорка кутун туттарбыт Альбина Поисеева кинилэри кытта дьарыктаммытынан барбыта. Теннистииргэ өссө Одьулууҥҥа  үөрэммит буолан, түргэнник эбиллибитэ. Ол быыһыгар лапталыыллара, киэһэ хойукка диэри волейболлууллара.  Имбэнтээр суох диэбэккэ, фанераттан, наждачнай кумааҕыттан килиэйдээн, тоһоҕолоон, массыына көлүөһэтин эрэһииҥкэтин кырыйан сыһыаран ракетка оҥостон, хайдыбыт мээчиктэрин бөҕөргөтөөрү ууга оргута-оргута, көстүбэтэ да бэрт буолуо, теннис мээчигин оннук күндүтүк санаан, улахан дьоннуун, оҕолордуун дьарыктаналлара. Остуоллара хаптаһын буолан, мээчиктэрэ сорох сирдэргэ туора ыстанан хааларын буолуохтааҕын курдук ылыналлара. Элбэхтэрэ бэрт буолан, уочараттаан оонньууллара. Теннистиир дьоҕурун сайыннарбыт үчүгэй оонньуулары көрдөртөөбүт күүстээх теннисискэлэр Клара Алексеевна Оконешникованы (Собакина), Любовь Дмитриевна Барашкованы (Попова), Мария Даниловна Кронникованы махтана  ааттаталыыр.

Өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар 1962 с. үһүс миэстэ буолбута, 1963, 1964 сс. бастаталаабыта. “Урожайын” хас да төгүл кыайбыта. Уһук Илиҥҥэ хамаанданан бастааннар, Оренбурга РСФСР “Урожайын” финалыгар төрдүс буолбуттара. Сааһын тухары колхуос ыанньыксыта ийэтэ Анастасия Петровнаттан кыыһа ханна сылдьарын туоһуластахтарына, “ээ, ол былаайаҕын туппутунан мээчиги эккирэтэ хайа куоракка буолла” диэн иһигэр киэн тутта этэрэ үһү. Ити көрдөрүүлэринэн өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Саха АССР “Урожай” спортивнай уопсастыбатын Көмүс пуондатыгар киллэриллибитэ уонна ”Урожай” Бочуотун кинигэтигэр Улуу тренер Д.П. Коркинтан саҕалаан дуобакка, хайыһарга, национальнай ыстаныыларга, оҕунан ытыыга аатырбыт-суолурбут 12 бастыҥ чөмпүйүөннэр, рекордсменнар ортолоругар оскуола оҕолоруттан бастакынан киирбитинэн киэн туттуон туттар. Инньэ гынан, Альбина Поисееваҕа теннис бастакы нүөмэрдээх спорт көрүҥүнэн, тапталынан буолар.

Иккис нүөмэрдээх көрүҥүнэн волейболу ааҕар. Онуоха үрдүк уҥуоҕа, үчүгэй координацията төһүү буолбуттара. Бэтэринээрдиир Борис Гаврильевич Тытыгынаев тыыппалаах оҕолору мунньан, хамаанда оҥорон, көҕүлээн эрчийэрэ. Ахсыс кылааһы бүтэрбит сылыгар куоракка киирэн күрэхтэспитэ. “Урожай” сүүмэрдэммит хамаандатыгар ылыллыбыта. Аан бастаан өрөспүүбүлүкэ таһыгар Улан-Удэ куоракка күрэхтэһэ барса сылдьыбыта. Төһө да миэстэлэспэтэллэр, үтүө өйдөбүллээх. Ити курдук, сайынын волейболлуура, кыһынын теннистиирэ. Волейболга оскуола оҕолоругар оонньуурун бэлиэтии көрөн, 1958-1970 сылларга өрөспүүбүлүкэ сүрүн тренерэ, Арассыыйа чемпионатыгар төрдүс миэстэлэммит хамаанданы бэлэмнээбит Вадим Борисович Олимпиев Альбина Поисееваны сүүмэрдэммит хамаандаҕа киллэрбитэ. Куоракка киллэрээри ыҥыра сатаабытын, оскуола оҕото дьиэтиттэн тэйимээри, буолумматаҕа. Ол да буоллар кэлэ-бара хамаанданы кытта сылдьыспыта, доҕордоспута. Оонньуур тиэхиньикэтин тупсарбыта. Волейболист дьүөгэлэриттэн оччолорго хамаанда хапытаана, тэхиньиичэскэй наука кандидата буолбут Тамара Худицкайалыын, Саха сирин биэс төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ, быраас идэтин баһылаабыт Татьяна Мигалкиналыын, Нэля Пермяковалыын күн бүгүнүгэр диэри билсэллэр. Университеттар Вадим Олимпиев быйыл 90 сааһын туолар кэриэһигэр турнир ыытарга бэлэмнэнэллэр.

Спорка уһаарыллыбыт Альбина Поисеева оскуола кэнниттэн Горькай куоракка тутуу институтугар туттарсан киирбитэ. Болҕомтотун үөрэххэ уурарга сыалламмыта эрээри, бүргэһи хааһахха хаайбаккын. Общежитие өрөмүөнүн кэмигэр ый курдук спортзаалга түһэрбиттэрэ теннис остуоллара бөҕө тардыллан тураллар үһү. Ити диэки тенниһи өрө туталлар эбит.  Дьарыктар, күрэхтэһиилэр үгэннэригэр түбэспиттэр. "Баардаах" эдэр кыыс тулуйбатах, киирэн оонньоспутун билбэккэ хаалбыт. Сыһыаннааҕын билэннэр институт хамаандатыгар киллэрбиттэр. Горькай оччолорго Сойууска биллэр остуол тенниһэ сайдыбыт куората, ССРС, Европа чөмпүйүөннэрэ иитиллибит сирдэрэ. Альбина үөрэнэ сылдьан устудьуоннар уобаластааҕы “Буревестник” уопсастыбаларыгар икки төгүл бастаабыта. Тренердэр маастар буолуон сөптөөҕүн этэннэр, дьарыктанарга ыҥырбыттара. Син балачча дьарыктанан, Горьковскай уобалас чемпионатыгар “А” лигаҕа күрэхтэһэн, маастардар кэннилэриттэн алтыс миэстэлэммитэ. Дойдутугар наар бастыы, миэстэлэһэ сылдьыбыт буолан уонна маастардары кыайар судургута суоҕун билэн, тенниһиттэн арыый тэйэ быһыытыйбыт. 

Институкка волейбол эмиэ өрө тутуллара. Дьарыктанар усулуобуйа да  үчүгэйэ. Аны ол кэмҥэ кытайдар, японецтар волейболга аан дойдуга аатыра сылдьаллара. Онуоха эбии Альбинаны кытайга маарыннатан волейболга ыҥыраллара, онон уруккуттан сөбүлүүр волейболугар көһөн хаалбыта. Хамаандалара куорат күрэхтэһиилэригэр балачча ситиһиилэрдэммиттэрэ, атын да куораттарга баран күрэхтэһэллэрэ. Тренердэрэ Германияҕа үлэлээбит уопуттаах волейболист.

Институтун бүтэрэн, тутуу инженерин идэтин баһылаан, 1971-1990 сс. Саха университетын инженернэй-техническэй факультетыгар преподавателлээбитэ, кафедра сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Үлэтин спорду кытта дьүөрэлээбитэ. 1972 с. Саха АССР 50 сыллаах үбүлүөйдээх Спартакиадатыгар остуол тенниһигэр финалга Мииринэйтэн сылдьар өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөҥкэтэ, сүрүн утарсааччыта Елена Шулыкинаны (Михайлованы) кыайан чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. 1974 с. Альбина Поисеева хапытаанныыр СГУ хамаандата Саха АССР норуоттарын VII Спартакиадатыгар чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. Өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи уонна Алма-Ата, Кисловодскай, Кострома, Хабаровскай, Находка, Владивосток уо.д.а. куораттарыгар күрэхтэспиттэрэ. Теннискэ эмиэ сүүмэрдэммит хамаандаҕа ылыллан, элбэхтик күрэхтэспитэ.

Ити кэмҥэ, 1975 с., Ленинградка тиийэн аспирантураҕа билиитин үрдэтэн, техническэй наука кандидата буолан эргиллибитэ. Альбина Иннокентьевна бэйэтэ билинэринэн, спорка саамай ситэр-хотор, этэргэ дылы, күөгэйэр кэмигэр соҕуруу үрдүк үөрэххэ биэс сыл, онтон аспирантураҕа үс сыл дойдутуттан тэйэ сылдьыбыта.

Бүтэһигин 1986 с. Чурапчы оройуонун теннискэ аһаҕас чемпионатын, каникулугар кэлэ сылдьан оройуонун аһаҕас чемпионатын кыайан, спорка дьулуурун көрдөрбүтэ. Бирииһи оскуолаҕа биир паартаҕа олорбут, көҥүл тустууга ССРС бастакы чөмпүйүөнэ, биллиилээх бөҕөс Вячеслав Карпов туттарбытын олус күндүтүк саныыр. “Карповтаах Поисеева паарталара үксүн кураанах буолара” диэн доҕотторо күлэллэрэ. Наар күрэхтэһэ бараллара. Оччолорго интэринээккэ олороллоро, сэбиэдиссэйдэрэ Д.П. Коркин сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сылдьара. Кэккэлэһэ турар спортзаалга сыһыары тутуллубут гарааһы тустуу саалатыгар кубулутан, муннугунан кыараҕас аанынан киирэн, оҕолору дьарыктаан, интэринээтинэн эргийэн кэлэрэ-барара.  1964 с. Бөтүрүөбүс  Токиотааҕы Олимпиадаттан Карповтаах Поисееваҕа шариковай уруучука кэһии аҕалбыта биир туспа үтүө өйдөбүл. Оҕолор ону улахан сыанабыл курдук ылыммыттара, олохторун тухары киэн туттуулара буолбута.

1990 – 2018 сс. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Секретариатыгар дьахталлары кытта үлэ отделын салайбыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччынан, РФ Пенсионнай фондатын  управляющайынан, Чурапчы, Таатта улуустарыттан Ил Түмэн үс ыҥырыытын депутатынан, “Барҕарыы” фондатын салайыыга дьон-сэргэ билинэр көдьүүстээх үлэни ыыппыта. Дьиэ кэргэни, дьахталлары кытта доруобуйа харыстабыла, нэһилиэнньэ үлэлээх, дьарыктаах, көмүскэллээх буолуутугар, үлэ, сэрии, тыыл ветераннарын кытта үлэ курдук социальнай хайысхалаах үлэлэри кыһамньылаахтык, үрдүк эппиэтинэстээхтик толортообута. Норуот билиниитин ылбыт өрөспүүбүлүкэ улахан салайааччылара Секлетея Курчатованы, Александра Овчинникованы, Афанасий Илларионовы, Климент Иванову уо.д.а. кытта биир өйүнэн-санаанан үлэлэспитэ. Өрөспүүбүлүкэ 1-кы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев судаарыстыбаннай-политическай үлэҕэ сыһыарбыт кадрын быһыытынан кини салалтатынан бииргэ үлэлэспитэ, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Штыровка солбуйааччы бэрэссэдээтэллээбитэ, Ил Түмэҥҥэ 2002-2007 сс. спикер солбуйааччытынан талыллыбыта.

Биир сүрүн уопсастыбаннай үлэтинэн өрөспүүбүлүкэ остуол тенниһигэр федерациятын салайыыта буолбута. Бүтүн Арассыыйа таһымнаах остуол тенниһин бэстибээллэрэ,  чемпионаттар, теннис 50 сылыгар аналлаах үбүлүөйдээх дьаһаллар ыытыллыбыттара. Өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччыларын кытта ыкса тутуһан, остуол тенниһин маассабаһын үрдэппитэ, үрдүк таһымҥа таһаарсыбыта. Арассыыйа теннискэ федерациятын салайааччыта, дойду бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Игорь Левитинтэн теннис остуолугар тиийэ араас бэлэхтэри туппуттара. «Ол остуолу өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ бары теннискэ ситиһиилээхтик оонньуур тарбахха баттанар дьоммутугар Сергей уонна Светлана Заусаевтарга бэлэхтээбиппит”,- диир Альбина Иннокентьевна.

Дьоҕурдаах оҕолор Кытайга тиийэн үрдүттэн олорон үөрэммиттэрэ, дьарыктаммыттара. Уһук Илин чөмпүйүөннэрэ тахсыбыттара. Уус Алдантан Василий Румянцев, Тааттаттан Ньургун Сабарайкин, Мэҥэ Хаҥаластан Михаил Кылабыыһап спорт маастара буолуталаатылар. Билигин Чурапчыттан Изот Кривошапкин Москватааҕы спорт үрдүкү маастарыстыбатын кэллиэһигэр ыҥырыллан үөрэнэ сылдьар. Уонна Арассыыйаҕа, Москваҕа күүстээхтэр ахсааннарыгар сылдьар тэҥ саастыылаахтарын күрэхтэһиилэригэр бастаабыта үрдүк көрдөрүүлэр быһыытынан сыаналанна. Биһиги эрэлбит Изот Кривошапкин кэлэр сайын Дьокуускайга буолар “Азия оҕолоругар” Сахатын сирин чиэһин көмүскүөҕэ.

Альбина Иннокентьевна биир улахан көдьүүстээх уопсастыбаннай  үлэтинэн Саха сиригэр 1984 сыллаахха 19 сыл устата тохтуу сылдьыбыт Дьахталлар II-c Спартакиадаларын Курчатова С.А., Протопопова Н.И. уо.д.а. спорт салайааччыларын кытта сөргүтэн тэрийсибитин, ыытыспытын уонна онтон салгыы III-c Спартакиаданы кэмигэр ыытыспытын ааттыыр. Онтон салгыы спартакиадалар кэмиттэн кэмигэр ыытыллар буолан, дьахтар аймах үөрүүтэ улааппыта, чөл олоххо, спорка тардыһыыта күүһүрбүтэ. Бэйэтэ I-кы Спартакиада чөмпүйүөҥкэтэ.

Билигин ыытылла, бара турар дьаһаллартан өрөспүүбүлүкэ спорка солбугу бэлэмниир Киинин исписэлиистэрэ улуустарынан сылдьыталаан дьоҕурдаах оҕолору кытта ыкса үлэлииллэрин, болҕомто уурулларын улаханнык биһириир, спортсмен оҕолор көрдөрүүлэрэ үрдээбитин, нэһилиэнньэ чэбдигириигэ тардыһар буолбутун бэлиэтиир. «Саамай үөрэрим оскуола оҕолорун спартакиадаларын ыытар буолбуттарыттан. Оҕолору кыайыыга, бастакы буоларга, түмсүүлээх хамаанда буолууга дьулуһарга, патриотическай өйгө-санааҕа иитэр саамай күүстээх уонна туһалаах суол»- диэн ис иһиттэн өрө көтөҕүллэн, тоһоҕолоон туран этэр.

Физкултуура уонна спорт музейыгар Саха сирин спорда сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит спортсменнары үйэтитиинэн күүскэ дьарыктаммыт Валерий Пантелеймонович Кочнев баарыгар остуол тенниһин сэдэх атрибуттарын бэлэх быһыытынан аҕалан туттарбыта үгүс дьон көрүүтүгэр диэн хараллан сытар.

Онон, Альбина Иннокентьевна Поисеева спортсмен, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрийээччи, салайааччы, норуот дьокутаатын быһыытынан бар дьонугар, норуотун туһугар дьоһун суоллаах-иистээх, тус бэйэтигэр баар кыаҕынан ситиспит, киэҥ өйдөөх-санаалаах, кыайыы, үөрүү аргыстаах, дьол диэни толору билбит саха үтүөкэн үлэһит дьахталларыттан биирдэстэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...