Олоҕум устата тыйаатырга сулууспалыам!
Бэс ыйын 23 күнүгэр саха тыйаатырын искусствотыгар ураты суолталаах күн буолла. М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены (институт) саҥа бүтэрэн кэлбит алтыс көлүөнэ саха устуудьуйатын оҕолоро артыыс айар аартыгын арыйдылар, Саха тыйаатырын сыанатыгар сүрэхтэннилэр! Көрөөччү иннигэр 20 оҕо артыыс аатын сүктэ.
Ол курдук, Туймаада ыһыаҕын иннинээҕи кэрэ киэһэ Саха тыйаатырыгар лыык курдук элбэх көрөөччү тоҕуоруста. Сыанаҕа Англия улуу драматура Уильям Шекспир аар-саарга аатырбыт «Сайыҥҥы түүҥҥэ түүл» пьесатынан испэктээк турда. Саха тыйаатырын көрөөччүлэрэ былыргы Афиныга тиийэ сырыттыбыт.
Улуу Шекспир бу пьесатын суруйарыгар Оберон сахалыы туойуо дии санаабыта буолуо дуо? Дьэ, доҕоттор, бу киэһэ, чахчы да, «Түүл дуу, илэ дуу?» диэн ураты турукка киирдибит!
Маны сэргэ, сыанаҕа сахалыы ылбаҕай ырыа, тойук дьиэрэйдэ. Хомус дьүрүскэн тыаһа, кырыымпа кылыһаҕа кытта иһилиннэ. Бэл диэтэр, мас тардыһыы, хапсаҕай кытта көһүннэ!
Оҕолор хамсаналлара-имсэнэллэрэ намчытын, чэпчэкитин! Амазонка кыргыттар, эчи, имигэстэрин!
Бу киэһэ көрөөччүлэр щепкинецтэри кытта тэбис-тэҥҥэ долгуйдулар, пьеса көрдөөх түгэннэриттэн, чаҕылхай диалогтарыттан тото күллүлэр. Ытыстарын тыаһын харыстаабатылар. «БРАВО!» хаһыы дуорайда.
Алтыс көлүөнэ щепкинецтэри сыанаҕа сүрэхтиир, артыыс үрдүк аатын иҥэрэр сиэри-туому Арассыыйа норуодунай артыыһа, ССРС, Саха АССР, СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата Андрей Борисов ыытта. Кини: «Ситим быстыбат, история салҕанар», – диэн бэлиэтээтэ. Оҕолор биир-биир тахсан: «Олоҕум устата тыйаатырга сулууспалыам!» – диэн андаҕар тылларын эттилэр.
Бу күнтэн ыла Саха сирин тыйаатырдарыгар саҥа ааттар иһиллиэхтэрэ. Кинилэр эдэрдэр, эрчимнээхтэр, харахтара уоттаах!
Саха тыйаатырын хаартыскалара