06.07.2023 | 14:00

Олоҥхо ыһыаҕа бастыҥнары түмтэ

Сыллата үтүө үгэс быһыытынан ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа — дьон норуот бүттүүнэ кэтэһэр сүдү бырааһынньыга.
Олоҥхо ыһыаҕа бастыҥнары түмтэ
Ааптар: Баһылай Посельскай, Өймөкөөн – Дьокуускай
Бөлөххө киир

Олоҥхо ыһыааҕа быйыл бэс ыйын 29 күнүттэн саҕалаан от ыйын 2 күнүгэр диэри хоту Өймөкөөн улууһун Томторугар XVI-с төгүлүн ньиргиэрдээхтик буолан ааста. Лоп-курдук 99 сыллааҕыта Өксөкүлээх Өлөксөй кэлэн ыһыах ыспыт, сэргэ туруорбут оройугар “Оймякон-71” суруктаах Ытык Эбэ Хайатын аннынааҕы киэҥ нэлэмэн “Көмүс Күрүө” сыһыытыгар уйгу-быйаҥ сэргэлэрэ, сиэдэрэй тутуулар, ураһалар, ыалдьыттар түһэр балааккалара туруоруллубуттар.  Баай ис хоһоонноох бырагыраама быһыытынан ыалдьыттары көрсүү, түһэрии сиэрэ-туома үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Кыһынын мас тостор тымныылаах Өймөкөөҥҥө сыралҕан куйаас сатыылаан, ыһыах дьонун уйанын-хатанын тургутта.

Олоҥхо ыһыаҕа — өрөгөй көстүүтэ!

От ыйын 1 күнүгэр Киин түһүлгэҕэ “Айыы санаа айана” XVI-с Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыыта режиссер Андрей Борисов, сценарист Майя Власьева туруорбут “Дугуйа Бөҕө” олоҥхолорунан саҕаланна. СӨ Аҕа Баһылыга Айсен Николаев, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Александр Жирков саха сылгытын тулуурун аатырдыбыт өймөкөөннөр киэн туттуулара Дугуйдан Винокуров, Эверест хайатын чыпчаалын дабайбыт Евгений Кривошапкин арыалдьыттардаах киирэн, ыһыах дьонун эҕэрдэлээтилэр.

Олоҥхоҕо олох философията барыта баар. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, кыайтарар. Сырдык хаһан баҕарар өрөгөйдүүр. Ону сатабылларынан, тулуурдарынан, дьулуурдарынан көрдөрбүт хорсун-хоодуот дьоммут анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Александр Колесов, сылгыһыт Дугуйдан Винокуров, Евгений Кривошапкин ааттара туоһулуур.

Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн сыала-соруга: саха омук төрүт үгэстэрин, мындыр өйүн-санаатын, култууратын, тылын-өһүн, ырыатын-тойугун, олоҥхотун, үҥкүүтүн-битиитин, оһуохайын сайыннарыы, аан дойдуга тарҕатыы, саха диэн сайдыылаах омук баарын билиһиннэрии.

Күөн-күрэс, кэрэҕин, умсугутуулааххын, сүдүгүн!

Олоҥхо ыһыаҕар дьон биир саамай күүтэр-кэтэһэр, сэргээн көрөр көрүҥнэринэн саха төрүт оонньууларыгар күрэхтэһиилэр буолаллар. Спорт аҕыс көрүҥэр 22 улуустан, ол иһигэр: илин эҥэр, киин улуустартан Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Уус Алдантан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Хаҥаластан, Горнайтан, Намтан, арҕаа улуустартан Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Сунтаартан, Мииринэйтэн, хоту улуустартан Абыйтан, Анаабыртан, Булуҥтан, Дьааҥыттан, Муоматтан, Томпоттон, Өймөкөөнтөн, Дьокуускай куораттан 175 күүстээх, быһый түмсэн, илин-кэлин түһүстэ. Үүннээн-тэһииннээн тэрийэн ыытааччы – Геннадий Васильев генеральнай дириэктэрдээх Манчаары Баһылай аатынан Спорт национальнай көрүҥнэригэр киин. Сүрүн судьуйанан Горнай Маҕараһын физкултуураҕа учуутала, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах судьуйа, саха многоборьетыгар өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Иван Горохов, сүрүн сэкирэтээринэн Адриян Захаров үлэлээтилэр. Биллиилээх комментатор Александр Васильевич Васильев – Көрдүгэн бэрт сэргэхтик кэпсээн-ипсээн сырдатта.

Быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх спортсмен кэлэн күрэхтэстэ. Көрүҥ аайы түһүлгэлэри өрөспүүбүлүкэ бастыҥнара киэргэттилэр. Ил Түмэн дьокутааттара, физическэй култуураҕа уонна спорка сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ, Арассыыйа мас тардыһыытыгар федерациятын бэрэсидьиэнэ Михаил Гуляев, Манчаары аатынан Спорт национальнай көрүҥнэригэр киин генеральнай дириэктэрэ Геннадий Васильев, Өймөкөөн улууһун баһылыгын э.т. Александр Иванов эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Күпсүүрдээх уолаттар күрэхтэһиилэр саҕаламмыттарын ньиргиэрдээхтик биллэрдилэр.

*     *     *

Олоҥхо ыһыаҕар бочуоттаах ыалдьытынан ыҥырыллыбыт Өймөкөөн бастыҥ-мааны ыччата, Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыттан ыараханнык бааһыран эргиллибит “Эр санаа” уордьан кавалера, көҥүл тустууга, хапсаҕайга уонна быраабылата суох охсуһууга өрөспүүбүлүкэ күүстээх маастара  Рустам Машариповы чиэстээһини дьон-сэргэ долгутуулаахтык ылынна.

*     *     *

Күөн-күрэс аарыма мадьынылар мас тардыһыыларыттан саҕаланна. 125 кг ыйааһыннаах, 192 см уҥуохтаах арм-лифтиҥҥэ аан дойду чөмпүйүөнэ, Өлүөхүмэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын “Эр Бэрдигэр” иккис үчүгэй көрдөрүүлэммит орулуур отутугар сылдьар “Тулагы Геракла” Артем Ветров (Дьокуускай) бастакы, мас тардыһыыга Европа чөмпүйүөнэ Егор Баишев (Амма) иккис, «Манчаары оонньууларын» үрүҥ көмүс призера Владимир Михайлов (Таатта) үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр уонна туһааннааҕынан өйдөбүнньүк мэтээллэри таһынан 100, 50, 30 тыһ. солк. наҕараадаланнылар. Бэтэрээннэргэ Өймөкөөн күүстээҕэ Василий Сивцев утарсааччыларын баһыйталаан, биир дойдулаахтарыгар үрдүк үөрүүнү бэлэхтээтэ. Бүлүү Баппаҕаайытыттан Юрий Протопопов, Мэҥэ Хаҥаластан Максим Марков миэстэлэстилэр.

Хаһыытаһа-хаһыытаһа хабырыйсыылардаах, үөгүлэһэ-үөгүлэһэ үтүрүйсүүлэрдээх, хабараан бырахсыылардаах хапсаҕайга 57 кг олохтоохтор бэйэлэрин маанылаах ыччаттара өрөспүүбүлүкэ боруонса медалиһа, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах турнирдар кыайыылаахтара Төрүттэн Александр Жирков бастаата, “үһүс этээстэн” быраҕыылардаах кыраһыабай хапсыһыылары көрдөрбүт Томтортон Алексей Канаев иккис, Намтан спорт маастара Сахаачча Винокуров үһүс буоллулар. 80 кг өрөспүүбүлүкэ күүстээх маастардара уонна чөмпүйүөннэрэ Мэҥэ Хаҥаластан Константин Власов уонна Сунтаартан Револий Самсонов “Револьвер” финалга күөн-көрсүһүүлэрэ Револий Самсонов утарсааччытын умса тардан кыайыытынан түмүктэннэ. Өймөкөөннөр эрэллэрэ Александр Семейщиков боруонса мэтээлгэ тигистэ. 80 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга «Манчаары оонньууларын» икки төгүллээх үрүҥ көмүс призера, “Хаҥалас хапсаҕайын” икки төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа Бүлүү бастыҥа Николай Николаев финалга Ньурба ньургуна Владимир Федоровка атахтата сылдьан охторон, бүдүрүйбэт сүһүөхтээҕин көрдөрдө. Өймөкөөн улууһугар тутууну салайар Уус Алдан дэгиттэр күүстээҕэ Михаил Гоголев үһүс буолла.

Атах оонньуутугар «Манчаары оонньууларын» абсолютнай чөмпүйүөнэ, ыстаҥа рекордсмена, Чурапчыттан төрүттээх-уустаах, Горнай чиэһин көмүскүүр Кай Адамов, Мэҥэ Хаҥаластан Сергей Захаров, Уус Алдантан Ньургун Сокольников; дьахталларга Евгения Адамова (Уус Алдан), Өймөкөөнтөн Кристина Скрыбыкина, Галина Роева; хабылыкка, хаамыскаҕа Андрей Захаров (Бүлүү), Мэҥэ Хаҥаластан Николай Васильев, Владислав Попов; дьахталларга Надежда Павлова (Үөһээ Бүлүү), Мария Захарова (Мииринэй), Галина Николаева (Бүлүү); оҕунан ытыы көрүҥнэригэр “Байанай бэлэҕэр” Чурапчыттан Борис Баишев, Эльвира Ефимова; “Далла мэндэйиигэ” Семен Петров (Уус Алдан), Кирилл Петров (Сунтаар), Илларион Попов (Уус Алдан) сүрүн бириистэри ылаттаатылар. Мэҥэ Хаҥаластан ССРС спордун маастара Прокопий Васильев абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла. Хотугу многоборьеҕа хоту сир хоһуун ыччаттара, спорт маастардара, өрөспүүбүлүкэҕэ наартаны нөҥүө ойууларга рекордсмен Георгий Софронов (Өймөкөөн), Николай Бубнов (Булуҥ), Дьулустаан Туприн (Анаабыр) кыайыылары ситистилэр.

Олоҥхо оонньууларын сүрүн көрүҥэ “Эр Бэрдэ” күрэхтэһии бүтэһик күн ыытылынна. Дьэ, чахчы да, хастаабыт тиит курдук харылаах, суллаабыт тиит курдук сотолоох, бөдөҥ, киһи хараҕа туолар күүстээх көрүҥнээх эрдьигэннэр былыргы төрүттэрбит иллэҥ кэмнэрин атаарар, көрүлүүр, дьону сөхтөрөр көрүҥнэригэр ким ордук кыахтааҕын быһаарыстылар. “Сыарҕа соһуутугар” массыынаны түргэн тэтимнээхтик соһууга , “Томтор таастарыгар” 50, 70, 90, 110, 130 кг ыйааһыннардаах таастары балтараа миэтэрэ үрдүктээх долбуурдарга сүүрэн кэлэн уурталааһыҥҥа, “Балаҕан нөҥүө таас быраҕыытыгар” 16 кг гиирэни кыыратыыга бастакы, ыарахан ыйааһыннаах “Бэрэмэдэйдээх сүүрүүгэ” уонна 130 кг тааһы ыраах илдьиигэ үһүс миэстэлэммит Таатта 35 саастаах күүстээҕэ Владимир Михайлов кыайыылааҕынан таҕыста. Ньурбаттан түөрт көрүҥҥэ спорт маастара, аҕыйах хонуктааҕыта Чурапчыга “Тоҕус томтор оонньууларыгар” бастаабыт Ньурба боотура Владимир Федоров иккис, 2021 с. Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылааҕа, уус алданнар киэн туттуулара, билигин Өймөкөөҥҥө тутууну салайар Михаил Гоголев үһүс бириистээх миэстэлэргэ тиксэннэр, туһааннааҕынан көрүҥнэр аайы өйдөбүнньүк мэтээллэри сэргэ 400, 200, 100 тыһ. солк. наҕараадаланнылар.

 

Эһиил 2024 сыллаахха Аммаҕа буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕын ытык дуоҕатын Александр Кузьмин баһылыктаах Амма улууһугар туттарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Олоҥхо ыһыаҕын култуурунай дьаһала, күөн-күрэһэ умнуллубат өйдөбүлү хааллардылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...