Октябрьскай уокурукка саҥа тиэргэн территорияларын арыйдылар
Олохтоохтору кытта оҥоһуллубут тиэргэннэри куорат баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов көрдүлэр.
Тиэргэннэри саҥардыы сакаасчыга – «Главстрой» МХТ, үлэни толорооччу – «Основа» ХЭТ.
Эбийиэктэргэ суоллары уонна парковкалары аспааллаабыттар, тротуардары, газоннаах уонна эрэһиинэ бытархайдаах (резиновые крошки) оҕо балаһааккаларын оҥорбуттар, аччыгый архитектурнай пуормалары, кытаанах бөҕү арааран мунньар баахтары туруорбуттар.
«Основа» ХЭТ прораба Евгений Илларионов иһитиннэрбитинэн, тутар-таҥар үлэ икки ый иһигэр түмүктэммит.
«Икки тиэргэн өрөмүөнэ от ыйын бүтэһигиттэн саҕаламмыта. Эбийиэктэргэ биэстии киһилээх икки биригээдэ үлэлээтэ. Оҕо оонньуур комплексын олохтоох тэрилтэ – «Элемент» ХЭТ оҥордо. Хара буору аҕаллыбыт, палисаднигы көҕөртүбүт, уулусса светильниктарын туруордубут», - диэтэ бэдэрээтчит бэрэстэбиитэлэ.
Тутааччылар олохтоохтор көхтөөхтөрүн бэлиэтээтилэр. Ол курдук, кинилэр территорияны хомуйсубуттар, массыыналары туруортаабыттар.
Ленин проспега, 46 дьиэ олохтоохторо тиэргэннэрин саҥа көстүүтүттэн астыналларын биллэрдилэр.
«Өрөмүөн үлэтин кыраҕытык кэтээтибит, сыыһаны-халтыны тута ыйан истибит. Урут тиэргэммитигэр уу хонор этэ, билигин этэҥҥэ буолар ини диэн эрэнэбит. Олохтоох дьаһалтаҕа, тутааччыларга уонна бары сыһыаннаах дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит», - диэтэ дьиэ олохтооҕо Любовь Бархатова.
Быйыл Дьокуускай куоракка 75 саҥардыллыбыт тиэргэн территорията арыллыахтара.