08.02.2024 | 16:36

Октябрьскай уокурукка отчуоту нэһилиэнньэ биһирээтэ  

Октябрьскай уокурукка отчуоту нэһилиэнньэ биһирээтэ  
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Евгений Григорьев Октябрьскай уокурук олохтоохторун иннигэр отчуота киин куорат 31№-дээх оскулолатыгар Ил Түмэн уонна Куорат дууматын дьокутааттара, уопсастыбаннас, бэтэрээннэр, ыччат кыттыылаах буолан ааста. 
Евгений Григорьев ааспыт сылга дойду бэрэсидьиэнэ Дьокуускай куорат маастар-былаанын өйөөбүтүн түмүгэр бырайыагы олоххо киллэрии уопсай үбүлээһинэ 448 млрд солкуобайга тиийбитин ааспыт 2023 сыл сүрүн ситиһиитинэн ааттаата.
«Кэлиҥҥи биэс сылга Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтэ 47 тыһыынча киһинэн эбилиннэ, аҥаардас ааспыт сылга 4 тыһыынча кэриҥэ кырачаан күн сирин көрдө. Оттон куорат олохтоохторун  орто сааһа 34 саас буолан, федеральнай киин уонна өрөспүүбүлүкэ өйөбүллэринэн оскуола уонна оҕо саадын тутуута, спорт эбийиэктэрин үлэҕэ киллэрии, суол өрөмүнэ, инженернэй инфраструктураны, тиэргэннэри, уопсастыбаннай туоналары тупсарыы түргэн тэтимнээхтик ыытыллар»,- диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киллэриллэр биэс национальнай бырайыагынан 2019 сылтан Дьокуускай куорат бүддьүөтүгэр 17,5 млрд солк, ол иһигэр аҥаардас 2023 сылга 5,5 млрд солк. Киирбитин тоһоҕолоото.
Октябрьскай уокурук олохтоохторо куорат оскуолаларыгар ыытыллар хапытаалынай өрөмүөннэри, салҕааһыннары тутууну, хаарбах дьиэттэн көһөрүү хаамыытын, куорат күөллэрин ыраастааһын, дьэллик кыыллары кытта охсуһуу үлэтин биһирииллэрин ыйдылар. 
Ил Түмэн дьокутаата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ректора Анатолий Николаев куорат маастар-былааныгар университет саҥа эбийиэктэрэ киирбиттэрин, 2030 сылга диэри куорат сайдыытыгар федеральнай киинтэн уопсайа 450 млрд солк. кэриҥэ сөҕүмэр суума киирээри турарын үөрэ бэлиэтээтэ. 
Классическай гимназия дириэктэрэ Клара Андреева куорат баһылыга гимназия хапытаалынай өрөмүөнүн туһунан этиитин сэргии истибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...